ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тот

аат тыл, туохтуур, даҕааһын, сыһыат

Нууччалыы наедаться досыта, насыщаться

English fullness (of the stomach), satiety, contentment

Ис хоһооно · 14
I

1 туохтуур #

Аһаан-сиэн сөп буол, аһыыр баҕаҕын ханнар, дуоһуй

Нууччалыы Наедаться досыта, насыщаться

2 туохтуур #

Уунан туол, өҥсүй (хол., күөл, үрэх, буор туһунан)

Нууччалыы Переполняться, переувлажняться (напр., о водоёме, почве). [Трофим мотоциклынан] сааскы кус эккирэтиитигэр туора быраҕыллыбыт соҕотох бэрэбинэ устун тотон турар үрэҕи үрдүнэн сүүрдэн тахсааччы

  • Күөл тоттун да, тута байар, Таптыыр балык уу дириҥин.
    Баал Хабырыыс
  • [Моонньоҕоҥҥо] уу ук аннынааҕы почва тотор гына кутуллар
    ЧМА МУХСҮү

3 туохтуур #

сөбүлээб. Тугунан эрэ олус туол, киэптэт, туохха эмэ (хол., үрдүк дуоһунаска, баайга) сөп буолан, киэбир

Нууччалыы Стать высокомерным (напр., из-за высокой должности, материальных благ). [Егор Егорович:] Бассабыык килиэбэр олус топпут быһыылаах

  • Солотугар тотон хаалбыт сэкирэтээр уол кутар-симэр, ыйар-кэрдэр.
    Э. Соколов
  • Массыына ылбыт дьон тотоннор күлэллэр ини
    В. Иванов

4 этии #

Топпутун уйбат - сөбүлээб. баайдаахпын-баардаахпын эрэ диэн, кыаҕын-туругун таһынан быһыыланар, киэбирэр, бардамсыйар Топпуккун уйбакка аны миигин утаран бардыргыыр буолбуккун дии? Н. Якутскай. Буорах сытын билбэккэ, манна олорон, топпутун уйбакка көрүлээтэҕэ. Д. Таас. [Биир медсестра:] Ол [кэргэттэрин бырахпыт киһи] топпутун тобуга уйбатах күтүр ини, дьиикэй. И. Семёнов.

Нууччалыы Привередничать от сытой жизни, соотв. с жиру беситься (о сытых праздных самодурах)

Этиилэр

Тотон өлөн көр өл

Балаайа, тотон өлөн, ол-бу түүллэммитэ-биттэммитэ буола сатыы олорор. Далан. Элбэх үүтү ыан, элбэх дохуоту аахсарбытын тугун сирдигит? Тотон өлөҥҥүт ол-бу буолаҕыт! В. Яковлев. [Бүөккэ:] Кэһии оҥостуохпун -- туох эмэ минньигэстэ булан биэрдэргин... [Паабылап:] Миэхэ минньигэс ирээтэ мэлигир... Тотон өлөн эҥин араас буолаллар ээ. Н. Туобулаахап. Туора топпут - туох да кыһалҕатын билбэккэ, туохха да кыһаммат буолбут.

Быть нерадивым из-за сытой, праздной жизни.

  • Ханнык маннык туора топпут далаҕаный? Ньургун Боотур. Чоочону баҕас Туора топпутун тохтотуом, Алыс барбытын намтатыам.
    А. Софронов
  • Аҕаҥ муспут баайыгар туора тоттоҕуҥ ини!
    Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. др. -тюрк. тод ʻнасыщатьсяʼ
II

5 даҕааһын #

Аһыыр баҕатын ханнарбыт, аһаан дуоһуйбут, аччыктаабатах

Нууччалыы Сытый, неголодный, наевшийся

  • "Бэйэм тот буолан баран, тоҕо кыһаныахпыный?" - Абдуркулла -- тот киһи аатыран хаалла.
    Эрилик Эристиин
  • Тот сүөһүлэр ынчыктыыллара иһиллэр.
    Суорун Омоллоон
  • Иһэ тот киһи үлэтэ-хамнаһа ордук кыайыылаах
    ХС
Өссө холобурдар (2)
  • Токко сыа да сымсах, ааска уу да минньигэс.
    Саха фольк
  • Тотун эрэ санаабыт тот. Дьуон Дьаҥылы. Тоту да торҕон ыытарым
    С. Зверев

6 даҕааһын #

Ырбатах-быстыбатах, сэниэлээх, кыахтаах (киһи)

Нууччалыы Выносливый, сильный (о человеке)

7 даҕааһын #

Кыһалҕаны билбэт, көҥүл-босхо, баай (олох)

Нууччалыы Беззаботный, свободный, богатый (о жизни)

  • Тот күҥҥэ дьол суолтатын Толкуйданыллыбат да эбит.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Төрөөбүт айылҕа туһугар бэйэҥ тот олоххун -- толук ууруохха сөп дии саныыбын
    Далан
  • Сыгынньах да буолларбыт, тот олоруо этибит буоллаҕа дии.
    Күндэ
Өссө холобурдар (2)
  • [Балааҕыйа] эн уоскутаргынан тот сылдьыам дуо?
    Амма Аччыгыйа
  • Кини, Кэбээйи балыктаах аатыгар олохсуйан, тот олорорго санаммыт
    Т. Сметанин

8 даҕааһын #

Хаатыгар туолбут (уу туһунан)

Нууччалыы Наполненный до краёв (о водоёме)

  • Эбэбит уута билигин да тот. Софр. Данилов. Быйыл үрэх уута тот. Сэмээр Баһылай. [Тыы] тот өрүс дохсун түөһүн тыырар
    Н. Босиков

9 даҕааһын #

Наһаа сүмэһиннээх, кэбирэх (от туһунан)

Нууччалыы Чрезмерно сочный, ломкий (о траве). [Сардаа] сайын тот буолар, ону киһи сиэбэт, хостоммот

  • Багдарыын Сүлбэ. Уолба күөллэр оннуларыгар, быһа тартахха, сүмэһинэ таммалыыр салыгырыар диэн, тото бэрт буолан, тосту тутуллар от үүнэр эбит
    ГКН МҮАа

10 аат тыл #

Кыһалҕаны билбэт, кими, тугу да хоҥоруутугар холообот баай киһи

Нууччалыы Человек, живущий в достатке, сытый

11 сыһыат #

суолт. Кыһалҕата, эрэйэ суохтук, аччыктаабакка

Нууччалыы Безбедно, сытно

12 этии #

Тот өлүү - сүрэх, бүөр о. д. а. ыарыытыгар киһи этэ-сиинэ дыгдайыыта Өксөкүлээх Өлөксөй. Тот суурадаһын - туох эмэ (хол., туус) олус хойуутук барбыт суурадаһына. Сильный концентрированный раствор чего-л. Сороҕор аһылыкка туттуллар туус туустаах күөл тот суурадаһыныттан сөҥүрэр. СМН АҮө

Нууччалыы При некоторых болезнях: скопление жидкости в полостях и тканях тела; водянка. [Андаҕарбын булгуттахпына] Тот өлүү буолан, Тобукпуттан тардыстыым

III

13 даҕааһын #

Түргэнник сиир сааскы күннээх (салгын)

Нууччалыы Свежий, активно воздействующий, солнечный, весенний (воздух)

  • Туундара тот салгына уоспун быһа хаарыйа сыспыта
    Н. Заболоцкай
  • Ср. уйг. ток, тат. тук ʻсытыйʼ

14 аат тыл #

Сааскы чаҕылхай сырдык халлаан салгына

Нууччалыы Воздух в период весенней солнечной активности. [Таҥаһы] таһырдьа ыйаатахха, тот сиэн, туртайан хаалыа дии саныыр. Бачча тот түспүтүн кэннэ, сэрэнэн түүнэн харах чарапчыта оҥосто сылдьыах баар эбит

«Т» буукуба