ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

быһа

сыһыат, кэнники тыл, даҕааһын, туохтуур

Нууччалыы прямо

English directly, straight

Ис хоһооно · 9

1 сыһыат #

Нууччалыы прямо

English directly, straight

  • быһа аас
    пройди насквозьgo right through
  • быһа бар
    иди прямоgo straight ahead

2 кэнники тыл #

Нууччалыы во время

English during (a day or longer)

  • үс хонугу быһа
    на три дняfor three days
  • күнү быһа
    в течение дняduring the day

3 сыһыат #

Нууччалыы прямо, напрямик

I

4 #

сыһ

  • Быһа ыскылаакка тиий, онно биэриэхтэрэ, уулуссатын нүөмэрин ыйан биэрдэ.
    А. Софронов
  • Отуум бу туһунан буолуо диэбит сирбинэн быһа көрөн кэбистим
    Т. Сметанин

5 #

Ханна да халыйбакка, туораабакка, сылдьыбакка, көнөтүк

Нууччалыы Прямо, напрямик

6 #

Уочарата суох, уочараты таһынан

Нууччалыы Вне очереди, без очереди

  • Биэс уол начаалынньык ыйыытынан билиэттэри быһа регистрациялаабыттара.
    П. Аввакумов
  • Аны ГИП дуоһунаһыгар проектнай үлэ сүнньүн билбэт дьон туораттан быһа ылыллаллар. Ити ким дьаһалай?
    Н. Лугинов
  • Көр, ити сэлээппэлээх диэн быһа биэрдилэр! - диэн биир эмээхсин миигин хайҕаабытын дуу, хомуруйбутун дуу өйдөөбөккө хааллым
    Н. Габышев

7 этии #

Нууччалыы Говорить опрометчиво, бестолково и тем вредить себе (говорится в осуждающей ф.)

Этиилэр

Быһа кымньыылаппыт көр абааһы (быһа) кымньыылаабыт (имнэммит)

Быһа охсон аас - хаһан эмэ биирдэ эмэ кылгас кэмҥэ сылдьан аас.

Заходить, бывать проездом (наездом).

  • Килэгир муус байҕалы хаһан эмэ ыт көлөлөөх булчут быһа охсон ааспытын да иһин, суол-иис көстүөх бэйэлээх буолуо дуо...
    С. Никифоров
  • Хайалар, буор хапчааннар Харылас таас харгылар... Эрдээхтэр эрэ манна Быһа охсон ааһаллар.
    С. Данилов
Өссө холобурдар (11)
  • Быһа охсубут быһаҕаһа, хайа охсубут аҥаара хаалбыт (ордубут) - ыалдьан, санааттан-онооттон олус күүскэ ырбыт, дьүдьэйбит. Очень сильно похудеть, крайне исхудать. Ылдьаана Маайа сүтүөҕүттэн ыла быһа охсубут быһаҕаһа, хайа охсубут аҥаара эрэ ордон хаалбыт.
    Н. Якутскай
  • Дойдугун-дьоҥҥун ахтан быһа охсор быһаҕаһыҥ, хайа охсор аҥаарыҥ эрэ хаалыа, - дэһэллэрэ сорох доҕотторум.
    П. Аввакумов
  • Маайа эмээхсин күтүөтүн быһа охсубут быһаҕаһа, хайа охсубут аҥаара буолан, тыыннаах эрэ көрсөөхтөөбүтэ.
    ХС
  • Быһа сиэ - өлөр уһукка тиэрт (ыарыы туһунан). Доконать (о болезни). Сөтөл быһа сиэн өлөөрү сытан, тыҥата бүтэн тыына хаайтарар, ону кислородунан тыын киллэрэллэр.
    Н. Лугинов
  • Быһа сиэс - чалбах тахсыбакка эрэ кыралаан ир (саас дьиэ ойоҕоһугар, суол кытыытыгар хаар ириитэ саҕаланыытын туһунан). Чуть-чуть подтаивать (о снеге при первых оттепелях). “Кусчут” [ыт аата] дал-кыбыы икки ардыгар күрдьүллүбүт хаар быһа сиэспититтэн тугу эрэ тардыалаан сырбаҥныыр.
    М. Доҕордуурап
  • Быһа сиэт - ыарыыга эбэтэр туохха эмэ олус ыллар, баалат. Запустить болезнь; занемочь; довести себя до непотребного состояния. Аҕыс уон саастаах эмээхсин күрдүргэччи сөтөллөр, одурууҥҥа быһа сиэппит харахтарын сөмүйэтинэн хастар.
    Амма Аччыгыйа
  • Кини [Күөх Көппө] киргэ-хахха быһа сиэппит, күр түспүт, наһаа сүрэҕэ суох. Эрчимэн. Быһа тарт - туох эмэ буруй иһин олус күүскэ мөх. Сильно ругать, распекать кого-л. за содеянное. Өрүүсэ Аркадий Яковлевичтан дьиҥнээхтик кэлэйдэ. Урут сыыһа да үҥсэммин, быһа тартаран эрэбин дуу дии саныыр этэ. Сөпкө үҥсүбүт эбит!
    А. Сыромятникова
  • Быһа тарыйан - быһа холуйан (эттэххэ, аахтахха). Приблизительно (сказать, считать). Быһа тарыйан эттэххэ, сүүс сүүрбэ бугул кэлииһи. Быһа тут - соҕотоҕун сырыттаҕына тутан ыл (өлөрөөрү, кырбаары о. д. а.). Схватить кого-л. в одиночку (напр., с целью расправы). Маһараҕы быһа тутан өлөрүөххэ, оччоҕо кыра уолаттар дьаһайар киһилэрэ суох буоллаҕына, бас баттах киирэн биэриэхтэрэ.
    Эрилик Эристиин
  • Быһа түс - 1) атын киһи кэпсиир, саҥарар кэмигэр тугу эмэ этэн тохтотон кэбис. Прервать разговор (кого-л. с кем-л.). Дэһээтинньик, биир атта ылаҥҥын, ол күтүр өстөөҕү тутан киллэрэ оҕус! Аадаҥ кинээһи быһа түһэн, бэйэтэ дьаһайбыта.
    Күннүк Уурастыырап
  • Олоххо сыал кырдьыктаах дьыала иһин охсуһууттан тахсар, - диэн салҕаан истэхпинэ, Айта быһа түспүтэ. Далан; 2) түргэнник уонна лаппа ыр. Быстро и сильно похудеть. Кыһын олус быһа түспүт сылгылары үөрүттэн арааран аһылыкка киллэрэллэр.
    ХС
  • Ийэтиттэн араарыллыбыт убаһа дьүдьэйбитинэн барар. Онуоха быһа түһэ иликтэринэ, убаһалары үчүгэй хаачыстыбалаах күөх отунан аһатыллыахтаах. “Кыым”; 3) олус аҕыйаа. Сильно, резко убывать (об уровне воды). Хайа-үйэ көҥүс уута быһа түһэн бадараана хаалбыт.
    М. Доҕордуурап

Быһа-хото этимэ көр быһа этимэ

Быһа этимэ - буола илиги эрдэттэн олус эрэмньилээхтик этимэ (туолбакка хаалыан сөп).

Не говори слишком уверенно о будущем (можно сглазить).

  • Ким билэр, тоҕойуом. Тугу быһа этээхтиэмий...
    Күндэ

Бытыгын быһа үктүөр диэри көр бытык

  • “Биһиги Макарбыт бытыгын быһа үктүөр диэри үөрэнэ сатыы сылдьыыһы быһыылаах”, - диэн ийэтэ муҥатыйбыта. Дьүөгэ Ааныстыырап. Бэл, оннооҕор кини, бытыгын быһа үктүөҕэр диэри үчүгэйи куһаҕантан араарбакка, бу билиҥҥэ диэри кэмсинэ сырыттаҕа.
    НС ОК

Күлүгүн быһа хаампат көр иннин быһа хаампат

  • Уулаах көннөрү кэмигэр Доодороп күлүгүн быһа хаампат, аһара муҥкуктук, хоргустук тутта сылдьар.
    ХС

Силин быһа ыйыстар көр сил

  • Олох аһыытын-ньулуунун Ыйыстары сатыырым: Аһы аччык көрөн туран Силбин быһа ыйыстарым, Хара балыырга кыайтаран Абабын быһа ыйыстарым.
    С. Данилов
  • Оһоххо турар мииннээх иһит диэки ымсыыра көрөөт, силбин быһа ыйыстан баран боппуолдьаҕа киирдим.
    Н. Габышев
Өссө холобурдар (1)
  • “Хаарыаны, ити тирииттэн эмиэ быһан ылан үтэн сиэбит киһи”... - дии санаат, Дыбдык силин быһа ыйыһынна. “ХС”

8 этии #

Нууччалыы Ударить наотмашь

Этиилэр

Быһа холуйан көр быһа холоон

  • Аара тохтообокко эрэ айаннаатахха, быһа холуйан, үс ыйынан тиийиэххэ сөп. Тэки Одулок (тылб.). Соҕотох 1970 сылга промышленнай бородууксуйаны оҥорон таһаарыы, быһа холуйан, сэрии иннинээҕи бары пятилеткалардааҕар икки төгүл элбэх этэ.
    ЭБТ
II

9 туохтуур #

дьөһ. Бириэмэ сыһыанын көрдөрөн, хайааһын ханнык эмэ кэм, дьайыы устатыгар тилэри буоларын бэлиэтииргэ туттуллар (төрүт биитэр үөскэтэр түһүгү кытта тут-лар)

Нууччалыы Выражая временные отношения, употребляется с именительным или родительным падежами при обозначении отрезка времени или процесса, на протяжении которого совершается действие (в течение, на протяжении)

  • Бу курдук эһэ Чүөчээскини түүнү быһа хаайда.
    Суорун Омоллоон
  • Бүлүү экспедициятын биир партиятын дьоно бу Чуона үрэҕин кытылыгар сайыны быһа үлэлээбит эбиттэр.
    Л. Попов
  • Марба суолун быһа ытаан, хараҕын уута бүөлээн, тугу да төрүкү чуолкайдаан көрбөккө, үрдүк сис суолун устун баран истэ
    Күндэ

«Б» буукуба