Перевод с якутского
сил
аат тыл
Нууччалыы слюна, плевок
English saliva, spit
1 аат тыл #
Киһи, сүөһү айаҕын иһигэр баар үрүҥ күүгэннээх сынньылхай убаҕас
Нууччалыы Слюна, плевок
Клавдия Михайловна силэ бырдаҥалыар диэри хаһыытыыр, айдаарар. Н. Якутскай [Эһэ] силинэн тыбыыра-тыбыыра, сатарыччы кыланар. Л. Попов Байанай хааннаах силинэн бандьыыт тойонун малаҕар сирэйигэр уун-утары тибиирдэ П. Филиппов
2 этии #
Нууччалыы Сильно хотеть есть, глотать слюнки
Силин (быһа) ыйыстар - 1) аһыан наһаа баҕарар, аска ымсыырар, иҥсэрэр Кыысчаан сэниэтэ суохтук: "Аһым бараммыта икки хонно", - диэн хардарбыта, аһы тоҕо санатаҕын диэххэ айылаах силин быһа ыйыстыбыта. Ф. Софронов Өлүөскэ ас сыта минньигэһинэн аҥылыйбытыгар, таныытын хамсатта уонна силин ыйыһынна. Эрилик Эристиин Уһун Уйбаан иҥсэрбитин омунугар күөмэйин кылк гыннаран силин ыйыһынна. "ХС"; 2) туохха эмэ олус ымсыырар, баҕатыйар, иҥсэтийэр. Θ Сильно хотеть, желать чего-л. зариться на что-л.. Онуоха Сэмэнчик силин быһа ыйыстан баран, аат эрэ харата эттэ: "Маайаа, тоҕойуом, уураһыах эрэ". Н. Неустроев
Өссө холобурдар (2)
Дьоппуон исписэлиистэрэ -- Нерюнгри чохтоох разреһын көрдөхтөрүнэ сөҕөн-махтайан тылларыттан маталлар, силлэрин быһа ыйысталлар. ХС Ср. бур. шүлһэн, алт. чилекей, уйг. шөлгей, п. -монг. силүһүн ‘слюна, плевок’