Перевод с якутского
силлээ
туохтуур
Нууччалыы плевать.
English to spit
Ис хоһооно · 4
1 туохтуур #
Айаххыттан силгин төлө биэрэн таһаар
Нууччалыы Плевать. Хантайан туран силлээмэ - хараххар түһүө. Саха фольк. Мичээрдээбитинэн хамсатын күлүн тэбээн тобугуратта, онтон тииһин быыһынан силлээн чыр гыннарда. Амма Аччыгыйа. Силлээтэххинэ, силиҥ муус буолан хаарга дьөлө түһэр. Суорун Омоллоон
2 туохтуур #
Кими-тугу да кытта аахсыбат буола аахайыма, күүскэ сэнээ
Нууччалыы Выказывать презрительное отношение к кому-л-чему-л., плевать на кого-что-л
"Силлиибин мин эн сирэйгэр, эн баайгар!" - диэбитэ кини эрчимнээхтик.
Суорун ОмоллоонКинилэр [старателлэр] ол социалистическай куоталаһыы эҥин диэҥҥэ силлииллэр. Софр. Данилов. Сиилээччилэргэ кини силлиирэ, хайҕааччылары ордук күндүтүк саныыра ХС
3 этии #
Нууччалыы Наплевать на кого-что-л. (с презрением, ненавистью)
Этиилэр
Бэлэһигэр (тамаҕар) силлээ көр бэлэс
Өй эбэн, сүбэ салҕаан, бэлэскэр силлээн ыыппыттарын мэлдьэһэҕин! Р. Баҕатаайыскай [Даайыс:] Дьоно тамаҕар силлээбиттэр быһыылаах. А. Софронов
Өссө холобурдар (1)
Ииппит-аһаппыт, бэлэһигэр силлээбит аҕата эн буоллаҕыҥ. Ол иһин эн диэки буолан эрдэҕэ. ХКК.
Сиргэ силлээ көр сир
Эн суруккун тутан баран сиргэ силлээтибит.
Н. ЛугиновБэйэтин мөлтөҕүттэн бэйэтэ кэлэйэн сиргэ силлиир. Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (4)
Албыҥҥа киирбиттэриттэн кыһыйан сиргэ силлээтилэр. П. Филиппов Силлиэхпин да баҕарбаппын - олох да наадыйбаппын, кыһаммаппын (сэнээн, абааһы көрөн этии) Эн баайгар мин силлиэхпин да баҕарбаппын! Амма Аччыгыйа [Марыына:] Эн, ороспуой, туох үтүө быһыыгар-майгыгар мин ойох барыам этэй? Эйиэхэ силлиэхпин да баҕарбаппын, сиэ! Эрилик Эристиин Эйиэхэ силлиэхпин да баҕарбаппын. Буот, ону өйдөө, акаарыа. Нэртэ
4 этии #
Силлиир иһит - ыарыһах киһи силлиир-хаахтыыр анал иһитэ Силлиир иһиттэри этэрээтинэн оҥорон ыалларга тарҕаталлара. "ХС". Диспансер ыарыһахха наадалаах предметтэри (градуснигы, силлиир иһити, ис таҥаһы) биэрэр. НСЕ ТСЫаКРЭ
Нууччалыы Сосуд для сплевывания, плевательница