ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

бэлэс

аат тыл

Нууччалыы глотка, гортань. [Садаҕа моҕой] Айаҕар уган аппас гынна, Мэнэгэйдээх бэлэһэ мэҥис гынна, Куолайын тыаһа куллур гынна

Ис хоһооно · 5

1 аат тыл #

Айах көҥдөйүн улаҕа өттө, улаҕата

Нууччалыы Глотка, гортань. [Садаҕа моҕой] Айаҕар уган аппас гынна, Мэнэгэйдээх бэлэһэ мэҥис гынна, Куолайын тыаһа куллур гынна

  • Үөлүллүбүт собо минньигэс сыта бэлэһин кычыгылатар.
    Н. Якутскай
  • Бэлэһин уонна куолайын ааһан, аһылыга улахан куртахха тиийэр.
    ББЕ З

2 аат тыл #

Ойоҕос кыра үрэх улахан үрэххэ, өрүс хочотугар түһэр сирэ, төрдө

Нууччалыы Место выхода малых рек в долины крупных рек

  • Аттаах киһи күлүгэ таҥнары иһэрэ. Алта аппа айаҕар, үс үрэх бэлэһигэр өҥөс гына түспүтэ
    П. Ойуунускай

3 аат тыл #

Улахан саҥа, элбэх саҥа, уус тыл

Нууччалыы Горластая речь, пение; красноречие. [Суон Суоппуйа:] Хотуйум, дьэ, бэлэс бөҕө доҕор

  • Килбигийэр, толлор суох киһитэ, сорох былыр тойон сирэйин-хараҕын таба көрбөт буолара.
    Эрилик Эристиин
  • "Аата бу киһи, кыра оҕоҕо дылы сири-дойдуну аймаан тимир бэлэс", - диир. НС ОК. Тойтойо сытыйан, адьас улахан киһи курдук саҥарар ээ, бэлэс мааны.
    В. Гаврильева
  • Тэҥн. тамах

4 этии #

Нууччалыы Выпытывать чьи-л. мысли, стараться узнать мнение собеседника

Этиилэр

Бэлэһин бүөлээ көр бэлэскэ ас

Саҕаланна... Ол “тигр” манна иһэр... Суостаах өлүү уотунан тибиирэр... Оо, абам эбит, бэлэһин бүөлүөх отой биһиэхэ буускабыт суох! И. Егоров. Бэлэһин муҥунан (бэлэһэ баарынан) - туох баар күүһүнэн, туох баарынан (хааһыытыыр, ыллыыр).

Во весь голос (кричать, петь).

  • Кини бэлэһин муҥунан хаһыытаабыта: “Ваня, кытаат, кытыыга салай!”
    И. Федосеев
  • Баай аймах номнуо аһыы ууну амсайа охсон, айдааннара - куйдааннара ырааппыт, бэлэстэрин муҥунан күлсэллэр.
    ХС
Өссө холобурдар (4)
  • Бу өрүтэ түллэҥниир, бэлэстэрэ баарынан үөгүлэһэр дьон бөлөҕүн кэннигэр Миикэ Березкин хараҕаламмыт курдук хамсаабакка турара.
    XC
  • Бэлэһиҥ бүөлэннин - саҥардыма, саҥарар кыаҕы биэримэ, саба эт, саба саҥар. Заткнуть рот, глотку. [Нүһэр Дархан-Эркээнигэ:] Бэлэһиҥ бүөлэннин! _ _ Мантан түҥкэлий!
    И. Гоголев
  • Бэлэһэ бэтэлээх (бэтэлээх бэлэс) - саҥарар саҥата, этэр тыла кыһыылаах, тарбааһыннаах. Злой, язвительный на язык. Бу балай маҥаас тылын кыһыытын! Бу дьылтан манан бэлэһин бэтэтин! Аны ыҕарыйан ыларыҥ баар эбит ээ?
    П. Ойуунускай
  • [Арсан Дуолай] ололлон олорон эрэ чороччу хаппыт тылын тоһоҕо курдук бэтэлээх бэлэһин төрдүгэр биэстэ - алтата булкуйбахтаан ылла.
    П. Ойуунускай

Бэлэһэ хайдыаҕынан көр хабарҕата хайдыаҕынан

Японецтар бэлэстэрэ хайдыаҕынан: “Банзай! Банзай!”- диэн хааһытыыллара. И. Федосеев. Оттон мустан турааччылар бэлэстэрэ хайдыаҕынан хаһыытастылар. “XC”. Бэлэһэ хараарар - олоччу мэлдьэһэр, буруйун букатын билиммэт.

Решительно отказывается (букв. глотка его чернеет).

  • Төһө да мэлдьэһэн айаҕыҥ хараардар төрдө, бука, эйигиттэн төрөөтөҕө буолуо оҥоробун.
    М. Доҕордуурап
  • Баччааҥҥа диэри кылаат көрдүүр - көрдүүр да, олгуйтан уратыны тугу да була илигин эмиэ хайаан да ахтан бэлэһэ кытарыа эбээт.
    И. Гоголев
Өссө холобурдар (1)
  • Тэҥн. айаҕа хараарар (кытарар).

5 этии #

Оһох бэлэһэ - көмүлүөк оһох үөлэһин саҕаланар сирэ Аргыылап оҕонньор ханна көһүөххэ сөбүн сыымайдаан көмүлүөк бэлэһин одуулаан олордо. Софр. Данилов. Кырдьан чанчыктара, бэлэһэ тоороммут оһох умайан лиҥкинээбитигэр, итии, сырдык эмискэ халыс гына түстүлэр. Н. Заболоцкай

Нууччалыы Верхняя часть топки (начало трубы) камелька (якутского камина)

«Б» буукуба