ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

үтэһэ

аат тыл

Нууччалыы прут для жарения мяса или рыбы над огнём, рожон, вертел

English spit, skewer

1 аат тыл #

Сиикэй аһы (эти, балыгы о. д. а.) батары анньан уокка сырайан буһарарга аналлаах уһуктаах төбөлөөх синньигэс мас

Нууччалыы Прут для жарения мяса или рыбы над огнём, рожон, вертел

  • Үөлүллүбүт мундуну үтэһэлэртэн сыыйан ылан сиэтилэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Улахан тойотторго анаан, үтэһэлэргэ эт үөлбүттэр, чорооннорго арыылаах кымыс тарпыттар.
    Күннүк Уурастыырап
  • Мин даҕаны дуолан тайаҕы кытта кубаны биир отууга өлөрөн, биир үтэһэҕэ үөлэн, булчут ахсааныгар киирбит үөрүү үөһүгэр сыттым
    Т. Сметанин

2 аат тыл #

Биир үтэһэҕэ сөп буолан үөлүллэр эт эбэтэр балык

Нууччалыы Куски мяса или рыбы, которых можно зажарить на одном рожоне, вертеле

  • Нөҥүө күнүгэр тууга хас да үтэһэ балык киирдэ. Онно үөрдэхпитин эриэхсит!
    Р. Баҕатаайыскай
  • Балтараа үтэһэ кэриҥэ күстэҕи хаптаран, онно кумахха кутаа оттон, үөлэн сиэтибит
    В. Федоров

3 этии #

Нууччалыы Настал час расплаты для кого-л., быть настигнутым возмездием (букв. рожон его наполнился (сломался)

Этиилэр

Үтэһэтэ туолбут (туолуо, тостуо)

былыргы сахалар итэҕэллэринэн, ким эмэ айыыта-харата олус элбээн, буруйга-сэмэҕэ тиксэр кэмэ кэлэр (үтэһэтэ туолар, тостор) Бэйи, билигин бултаан эрэбин диэн киэбиримэ, баҕар үтэһэн тостуо.

  • Хаспытын бу курдук батыһа сылдьан сордуур үһүгүөн. Эн даҕаны хаһан эрэ үтэһэҥ туолар баҕайыта ини!
    Н. Якутскай
  • [Маҕалай Мөрүөн:] Дьэ, оттон бэйикэй, хайдах эмэ үтэһэҕит тосторун көрөн өллөрбүн үчүгэй этэ. Уустаах Избеков

«Ү» буукуба