Перевод с якутского
быһаар
туохтуур
Нууччалыы растолковать кому-л. о чем-л., сделать его ясным, понятным
English to explain, to describe
Ис хоһооно · 4
1 туохтуур #
Тугу эмэ кимиэхэ эмэ толору өйдөнөр гына эт, кэпсээ
Нууччалыы Растолковать кому-л. о чем-л., сделать его ясным, понятным
Ас туһунан кэпсэтиигэ хайыһар туох сыһыаннааҕын эн биһиэхэ быһааран абырыаҥ эбитэ буолаарай? Амма Аччыгыйа Өксүү, ону ылбакка, соһуйбуттуу көрөн олорбутугар, киирбит дьахтар нууччалыы-сахалыы былаан быһаара сатаабыта. Н. Заболоцкай Биричиинэтэ кимиэхэ барытыгар биллэр, ону быһаара сатыыр да наадата суох. Софр Данилов
2 туохтуур #
Тугу эмэ чуолкайдык бил
Нууччалыы Определять, выяснять что-л. точно
Барытын бэйэтэ урут билэн, судургутук быһааран бүтэрэ сылдьар киһи. Амма Аччыгыйа Кулаакка туох иһин барарын быһааран өйдөөбөт уол этэ. Эрилик Эристиин “Чахчы кыраныыссаны туорааччы эбит!” - диэн быһаарбытым Н. Якутскай
3 туохтуур #
Туох эмэ туһунан уурааҕы уур, таһаар (хол., мунньахтаан)
Нууччалыы Решать, выносить решение по какому-л. вопросу
Эйэ дэмнээх сиэринэн, Ирэ-хоро дьүүллэһэн, “Түмсүү күүһэ” холкуоһу Төрүттүүргэ быһаардылар. Күннүк Уурастыырап - Суруксут, суруй: “Биһиги Салбаҥ нэһилиэгин дьонун уопсай мунньаҕа, быһаардыбыт”. Н. Якутскай Ол кыһалҕатыттан дьахталлары соруһарга быһаардахпыт дии. Ч. Айтматов (тылб.)
4 туохтуур #
Арааран, араҥалаан бил, өйдөө
Нууччалыы Определить, различая что-л. от других
Олорон эрэ санаан көрбүтүм: дьиэм хайа да диэки баарын быһааран билбэтим. Н. Неустроев Мин үөһэ тахсан баран, илиммин-арҕаабын быһаарбат буолан хааллым А. Софронов