Перевод с якутского
ойуулаа
туохтуур
Нууччалыы рисовать, делать рисунок на чём-л
English to paint
1 туохтуур #
Тугу эмэ көрөн туран эбэтэр өйгүттэн уруһуйдаа, туохха эмэ барыллаан түһэр
Нууччалыы Рисовать, делать рисунок на чём-л
Айдар ыраас илиискэ өҥнөөх харандааһынан саха алааһын ойуулуур.
Н. ЛугиновОйуулуур-дьүһүннүүр ускуустубаҕа суол аспыт киһинэн Иван Попов буолар. Б. Павлов Дьиэҕэр кимтэн да кыбыстыбакка уһаныаххын, ойуулуоххун, бэйэҥ сөбүлүүргүнэн киэргэтиэххин сөп. ФВН ТС
2 туохтуур #
Ойуунан киэргэт, ойуута оҥор
Нууччалыы Украшать рисунком, узором, разрисовывать
Ураһатын оһуордуур, ойуулуур, куйуур баайын хомоҕо балыктыыр, айа оҥостон арҕаа мыраанынан куобахтыыр. Саха фольк Кирилл Иванович тэһийбэтэҕинэ бэйэтэ тимиртэн охсон оҥорор быһаҕын таба эбэтэр мааман муоһунан ойуулуур МАП ЧУу
3 туохтуур #
Киһи көрөн олорорун курдук уустаан-ураннаан хоһуй эбэтэр субу баардыы оҥорон, дьүһүннээн көр
Нууччалыы Описывать, охарактеризовать, воспевать или обрисовывать, представлять себе какую-л. картину
Мин санаабар, ити кэмҥэ диэри Баал Хабырыыс үксүгэр ойуулуур-дьүһүннүүр хоһооннору айар. Н. Тобуруокап Итинтэн сиэттэрэн, кини кэргэннээх олох киэһэтин хайдах атаарыаҕын иһигэр ойуулаан барда. Дьүөгэ Ааныстыырап. Ааптар бу кэпсээнэ оҕолор ыраас дууһалаахтарын, көнө сүрэхтээхтэрин ойуулаан көрдөрөр ХС