Перевод с якутского
дьүһүннээ
туохтуур
Нууччалыы окрасить, покрыть каким-л. цветом
English to depict, to describe
Ис хоһооно · 5
1 туохтуур #
Ханнык эмэ өҥүнэн кырааскалаа, сап
Нууччалыы Окрасить, покрыть каким-л. цветом
Верандатын тас өттүн хараҥа от күөҕэ дьүһүннээтэ. Аан ийэ дойдуну үүт курдук дьүһүннээн, күлүк курдук ырбаахылаан утутар баар үһү (тааб.: туман). Кыһын кыыһа кыскыыр сата Кыыдааннаахтык айаннаата, Маһы-оту туналыйа Маҥан хаары ыспахтаата, -- Алаастары, тыаны, ууну Ала чуоҕур дьүһүннээтэ Күннүк Уурастыырап
2 туохтуур #
Ханнык өҥнөөҕүн, быһыытын быһааран кэпсээ, ойуулаа (үксүн сүөһү туһунан)
Нууччалыы Определить, описать масть, наружность, внешний вид (обычно домашних животных)
Ол кини хас, ханнык сүөһүлээҕин мин тугу билэн суруйтарыамый, арай иэстээччи билэн, бэйэҥ этэн, дьүһүннээн суруйтарыаҥ этэ. А. Софронов "Чэ, хата, суруксут, ити сүөһүнү, таҥаһы уоппустаа!" – диэтэ кинээс. Суруксут ааҕан, дьүһүннээн, сыаналаан биэртэрин суруйа олордо Эрилик Эристиин
3 туохтуур #
Истээччини, ааҕааччыны сэргэхситэр гына тугу эмэ бары өттүттэн ойуулаан сэһэргээ эбэтэр суруй
Нууччалыы Чтобы заинтересовать слушателя, читателя, изобразить, описать что-л. образно
Кини [Добролюбов] Ол саарыстыба дьонун сигилилэрин [буржуазнай олоҕу] бу курдук дьүһүннээн көрдөрбүтэ.
Суорун ОмоллоонКуораты, собуоту туойарга Хоһооммун хонууттан булбутум. Арааһы дьүһүннээн айарга Алыптаах айахтаах буолбутум. Күннүк Уурастыырап Улуу Москва куорат Бу эбит буоллаҕа диэммин, Ол-бу диэки одуулаан көрбүтүм, – Дьүһүнүн үтүөтүн Дьүһүннүөхпүн өйүм хоппото. Саха нар. ыр. III
4 туохтуур #
Атын көрүҥнээ
Нууччалыы Видоизменить, преобразовать кого-что-л. [Арыгы] Үтүө мөссүөннээҕи Өлбөөркөй дьүһүннүүр, Дьороҕор сотолооҕу Токур уҥуохтуур
Ачыкы нөҥүө тэрбэлдьиспит төгүрүк харахтара кинини дохсун дьүһүннүүллэр. Амма Аччыгыйа Хатан ыстаал бөрүөлээхтэр Хаарыйыылаах туустаах гына Хаһыат аайы суруйдулар, Уустук уран тарбахтаахтар Омсо-одуу дьүһүннээннэр Ойуу аайы оҥордулар П. Тобуруокап
5 этии #
Этиилэр
Дьүһүннүүр туохтуур көр туохтуур
Дьүһүннүүр туохтуурдар суолталарынан үксүн киһи хараҕынан көрөрүн хоһуйаллар. Дьүһүннүүр туохтуурдар хас да араастаахтар. ХЛН СТГ
Дьүһүннүүр тыл көр тыл
[Кулаковскай] Саха тыла баай, ордук дьүһүннүүр тыллара сайдыылаах диирэ.
Суорун ОмоллоонДьүһүннүүр тыллары аннынан сотон иһиҥ. ХЛН СТГ. Саха дьүһүннүүр тылын саҕа нууччалыы быһаарарга ыарахан суох: биир бэргэн тылынан хартыынаҕа көстөрдүү хоһуйан этиини. Далан