Перевод с якутского
дьүһүннээһин
аат тыл, аат
Нууччалыы изображение
English image, description
1 аат #
дьүһүннээ (1, 3) диэнтэн хай. аата. Бэл билиҥҥи научнай-техническэй прогресс үйэтигэр былыр-былыргыттан үгэс буолбут дьүһүннээһиннэр дөбөҥнүк уларыйбаттар. КНЗ СПДьНь. Уус-уран мэтириэт айымньы геройун сирэйэ-хараҕа хайдаҕын эридьиэстээһининэн муҥурдаммат. Кини, холобур, криминалистикаҕа туттуллар тылынан дьүһүннээһин (словесный портрет) диэнтэн букатын туспа. ФЕВ УТУ
2 аат #
лит. Литератураҕа тыл алыбынан, тыл искусствотын ньымаларынан олоҕу, баар чахчыны ойуулаан көрдөрүү
Нууччалыы Изображение (описание жизни, реальной действительности посредством художественного слова, методами словесного искусства)
Лирическэй айымньы кылгаһын да иһин олоҕу уобарастаан, уус-ураннык дьүһүннээһин бары бэлиэлэрин илдьэ сылдьар. ВГМ НСПТ. Саха суруйааччыларын маастарыстыбалара үрдээһинин биир суол туоһутунан кинилэр айымньыларын тыллара-өстөрө чуолкай, дьүһүннээһиннэринэн күүстээх буолан иһэрин ааҕыахха сөп СГС ӨСҮДь