Перевод с якутского
хартыына
аат тыл
Нууччалыы произведение живописи, изобразительного искусства, картина
English image, picture, painting
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
иск. Ойуулуур-дьүһүннүүр искусство айымньыта
Нууччалыы Произведение живописи, изобразительного искусства, картина
Аһыыр хос истиэнэтигэр холкуос сүөһүлэрэ ойууламмыт улахан хартыына ыйанан турар. М. Доҕордуурап А. Н. Осипов художник быһыытынан аан дойду эйгэтигэр таһаарбыт бастыҥ хартыынатынан "Ыһыах" буолар. ДМЕ ИТ. Тимофей Степанов саха олоҥхотун темаларыгар анаан оҥортообут хартыыналара, баай кырааскаларынан киһини тардаллар, сөхтөрөллөр Кыым Уруһуй, ойуу, ойуу-бичик (хол., кинигэ, сурунаал киэргэтиитэ). Θ Рисунок, иллюстрация (к какой-л. печатной продукции). Настя кыыс күлэ-күлэ, эһэтин үөрэтэн эрэрдии: – Эһэ-э, көр бу хартыынаны, бу хортуоппуй ото. Н. Якутскай
Өссө холобурдар (2)
Үөрэннэхпит бастакы күнүгэр кинигэбит хартыыналарын көрдүбүт. А. Бэрияк Истиэнэ аайы араас плакаттар, хартыыналар, лозуннар ыйаммыттар Бэс Дьарааһын
2 аат тыл #
лит. Уус-уран айымныга кими-тугу эмэ уобарастаан ойуулаан көрдөрүү
Нууччалыы Образное изображение кого-чего-л. в художественном произведении. ["Тиллии"] ромаҥҥа ыраахтааҕы суута киһи дьылҕатыгар кыыллыы быһыытыйарын, норуокка утарытын ойуулуур хартыыналар уһулуччу күүстээхтэр
Софр. Данилов. Ким хайдах таптыыра кини ис культуратын, кини олоххо сыһыанын арылхай хартыыната. К. Чиряев Ааптар былыргыны, тыа олоҕун үчүгэйдик билэр, сэһэргиири, уобарастаан, хартыына оҥорон көрдөрөрү сатыыр ХС
3 аат тыл #
Олоххо буолар эбэтэр буолбут туох эмэ харахха бу баардыы арылхайдык көстүүтэ, көстөн кэлиитэ
Нууччалыы Изображение, картина, панорама (напр., из жизни)
киинэ диэн курдук. Тыйаатырга, ускуустубаҕа сыһыаннаах биир улахан сорук сахалыы уус-уран киинэ хартыынатын тэрийии, ону үбүлүөйгэ көрдөрүү буолар.
Суорун ОмоллоонСаҥа көрдүм хартыынаҕа Чапаайап хамандыыры. П. Тулааһынап Мотуор аккаастаан, арыт биир хартыынаны хас эмэ күн көһөрө-көһөрө көрдөрөр түгэннэрэ да бааллара. ССС ОББ
Өссө холобурдар (3)
Ааспыт араас хартыыналар кини өйүгэр тиһик-тиһик элэҥнээн бардылар. Амма Аччыгыйа Кини иннигэр төрөөбүт Сахатын сирин эгэлгэ кэрэ хартыыналара элэҥнээн ааспыттара. П. Филиппов Оттон маны барытын холбуу туттаххына сайдыы тиһигэ быстыбат процеһын уопсай хартыыната тахсан кэлэр ФЕВ ДьС
4 аат тыл #
Испэктээк оонньуутун биир төгүлэ, көстүү
Нууччалыы Отделение, акт в спектакле
Төрдүс оонньуу, маҥнайгы хартыына. С. Ефремов [Режиссёр] пьеса конфлигын күүһүрдэр баҕаттан, Сэрбэкэ кинээс төрдүс хартыынаҕа Ньургуһун төрөппүттэрин ураһаларыгар кэлэн кыыс аҕатыгар Баһыккаҕа бэрик биэрэр гына оҥороро бэлиэтэммитэ. Айымньылаах ү