ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

лоҕуй

туохтуур, даҕааһын

Нууччалыы уплотнять, утрамбовывать чем-л. тяжелым

I

1 туохтуур #

Ыараханынан лигийэн сим, чиҥэт (хол., буору)

Нууччалыы Уплотнять, утрамбовывать чем-л. тяжелым (напр., землю)

2 этии #

Нууччалыы Образное изображение преисподней в эпосе. [Өһөх Харбыыр:] Алдьархайдаах аллараа дойду Аҕыс Чамчааһыннаах Атыйатын арыйа баттаан, Үлүскэннээх үс үтүмэҕин Үрэйэ охсон тахсаммын, Лоҕуйар лох түөртүгэн Тоҕус сындыыстаах сэттэ дьиппиэһинин Тэлэйэ тэбэн тахсаммын, Улдьааран уһаатаҕым буолуо

  • Лоҕуйар лох түөртүгэн фольк. - олоҥхоҕо Аллараа дойдуну ойуулаан этии
    П. Ойуунускай
  • Баҕар, А. П. Окладников суруйарын курдук, лоҕуйар лох түөртүгэн буору чиҥэтиигэ туттулла сылдьыбыт бааһына тэриэбэтэ эбитэ буолуо. ЕВФ УуДК
II

3 даҕааһын #

, кэпс. Халыҥ, ыарахан (ордук иһити этиллэр)

Нууччалыы Толстостенный, тяжелый (в основном о посуде)

  • Киһи лоҕуй чаанньыгар уу кутан, үөттүрэҕинэн саҥардыы кытара сатаан эрэр чохтору чөмөхтөөтө
    Р. Кулаковскай

«Л» буукуба