Перевод с якутского
ньээкэй
туохтуур
Нууччалыы делать что-л
1 туохтуур #
дьүһ. туохт
Уһун киһи буолбуппар Аһыныылаах санаалаах Абыраллаах толкуйдаах Аар тойон аҕаккам -- Кыҥыы ньээкэйэн үөскэппитэ. Саха нар. той. IV. Хараанныы ньээкэйэн Хахтарын тэстэрдим. Өйөөн-убаан Үрүҥ көмүс сымыыппын Үтүө дьүһүнүн көрдүм Е. Иванова
2 туохтуур #
Тугу-эмэ кыһанан, кичэйэн оҥор, кыһамньыгын уур
Нууччалыы Делать что-л. тщательно, проявляя особое старание
3 туохтуур #
Чиҥэт, тэпсэн биэр, ыга симп
Нууччалыы Утаптывать, уплотнять что-л
Дьиэлэрин алын таһаатын -- Аргыар аргыйыаҕа диэннэр, Аҕыс хос гына Ньыгыл хара тааһынан Тэпсэн ньээкэйэн, -- Таас дьапталҕанан Муосталаан кэбиспиттэр. П. Ядрихинскай Оччоҕо бу сааһын тухары үрэх сүүрүгэ бэйэтэ ньээкэйэн оҥорбут көҥүһүн түгэҕин сахсатан биэрэбит. М. Доҕордуурап Чаччыгыныардар -- уйаларын тула уонна түгэҕэр сүөһү түүтүн, муоҕу булан ньээкэйэллэр Е. Макаров