Перевод с якутского
чиҥэт
туохтуур
Нууччалыы уплотнять, утаптывать, утрамбовывать что-л.
1 туохтуур #
Тугу эмэ сахсархайа, көпсөркөйө суох, кытаанах, чиҥ буолар гына оҥор
Нууччалыы Уплотнять, утаптывать, утрамбовывать что-л. (напр., о стоге сена)
Аҕалара кыдамалаан Бугуллары аҕыйахтык Булгу сөрөөн таһаарар Уонна, үөһэ ытта охсон, Отун тэпсэн, чиҥэтэр. Күннүк Уурастыырап Хамсатын хостоон, табах уурунан уматынна уонна хаҥас эрбэҕинэн табаҕын чиҥэтэ баттыы-баттыы, иҥсэлээхтик оборбохтоото. П. Аввакумов Сахса маассаны чиҥэппэтэххэ, салгына элбэх буолан, күүскэ итийэр, иҥэмтэтин сүтэрэр, үргүлдьү буортуйан барар ПАО УуАХО
Өссө холобурдар (3)
Тугу эмэ бигэ, бөҕө буоларын курдук кытаатыннаран биэр. Θ Сделать что-л. более крепким, прочным, укрепить, затянуть (напр., о подпруге). "Мин бардым", – диэтэ Коля аттар быаларын чиҥэтэн биэрэ сылдьар Дьүлэй Баабылыкка. Эрилик Эристиин Сиилин атын холунун чиҥэтэ тардыалаата. А. Фёдоров [Эмээхсин] Оһоҕор мас эбэр, Аанын олуурун чиҥэтэр С. Васильев
2 туохтуур #
Тугу эмэ (хол., билиигин) өссө бигэ, чиҥ буоларын курдук хатылаан, бигэргэтэн биэр
Нууччалыы Упрочить, закрепить (напр., о пройденном материале), подкрепить, подтвердить что-л. (напр., о словах)
"Түргэнник сырыт!" – диэн Едлин бэйэтигэр бас бэринээччигэ өссө чиҥэтэн эттэ. Эрилик Эристиин Сеня икки күн устата уруккутун өссө чиҥэтэн лигиччи ааҕан баран, атын группалары кытары туттарса барда.
Н. ЛугиновПоэт биирдии тыллары ордук күүһүрдэн, хат-хат чиҥэтэн этэрин сөбүлүүр. КНЗ ТС. Биир уруок устата ааспыт уруокка барбыты хатылыахха, чиҥэтиэххэ -- наада ББ