ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ньээкэ

аат тыл

Нууччалыы родной очаг, родимое гнездо, где родился и вырос

1 аат тыл #

, фольк. Ким-туох эмэ торолуйан үөскүүр уйата

Нууччалыы Родной очаг, родимое гнездо, где родился и вырос

  • Көрөн баран чыпчылыйыах бэтэрээ өттүгэр, этэн баран эҕирийиэх бэтэрээ өттүгэр, холбороҥ маҥан хочо ортоку туой киинигэр, алтан ньээкэтигэр [бухатыыр] кэлэн тиҥ гына түстэ.
    Саха фольк
  • Онуоха дойду иччилэрэ, Ойуу-бичик уолаттар, кыргыттар Көмүс уйаларын, Үрүҥ маҥан ньээкэлэрин Дэлби тэбистэрээри гынан Уһун санаалара кылгаата, киэҥ көҕүстэрэ кыараата. ПЭК ОНЛЯ I. Аҕыс иилээх-саҕалаах, Атааннаах-мөҥүөннээх, Алаҕаркаан-тэтэгэркээн Аан ийэ дайды Араҕас далбар быарыгар, Алтан ньээкэтигэр -- Көмүс балаҕан үөскээбит
    П. Ойуунускай

2 этии #

Нууччалыы Колыбель, отчий дом, родимое гнездо

  • Ньээкэ уйа - ким, туох эмэ төрөөн-үөскээн улааппыт биһигэ; күндү, тапталлаах сирэ-дойдута Өксөкү кыыла буолаҥҥын Өрө көтөн тэгилийэн, Оҕолоох кустуу онолуйан Иитиллибит биэрэккэр, Ийэ ньээкэ уйаҕар Илэ-бааччы кэлээхтээр.
    С. Зверев
  • Алтан түөстээх талах чыычааҕа күөх ньээкэ уйаны туттан, көмүс далбарайын көтүтүөҕэ.
    С. Федотов
  • Киһи барахсан күндүттэн күндүтүк саныыр көмүс ньээкэ уйалаах - ол төрөөбүт дойдута, олорор үлэлиир сирэ. БИ СУу. Тэҥн. ньэкээ. Ср. эвенк. нэку, нэкээ ‘братец, сестрица’, некээ ‘место, утоптанное зверем; лежбище зверя’

«НЬ» буукуба