ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

уйа

аат тыл

Нууччалыы гнездо птиц, нора животных

English nest

Ис хоһооно · 7

1 аат тыл #

Көтөр, кыыл, эриэн үөн төрүүр (сымыыттыыр сирэ, хорооно)

Нууччалыы Гнездо птиц, нора животных

  • Киһитээҕэр үрдүк кытыан оттор быыстарыгар араас көтөрдөр ыксалаһа уйа туттунан ууһуур эбиттэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Андаатар сэрэх кыыл, ол иһин умсар, ханан тахсарын муннарар, буор уйатын кистиир дииллэр булчуттар.
    Далан
  • Кутуйахтар эмэҕирбит холбуйаны хаппаҕын тэһэ хаһан киирэн иһигэр уйа оҥостубуттар
    Т. Сметанин

2 аат тыл #

Тугу эмэ үрдүттэн эбэтэр таһыттан хаһан, тарыйан дириҥэтэн киирии, оҥхой

Нууччалыы Небольшое углубление в чём-л., ямка (или лунка, ячейка, дырочка)

  • Хортуоппуйу үүннэриигэ уоҕурдуулары кэлимник уонна уйаларга кутуу ньымаларын тутталлар. ХКА. Вал өссө үчүгэйдик халтарыҥныырын ситиһэр инниттэн подшипник-уйалары уҥунуохтуурга тиийиллэр. ЮГ КХЭДьС. Куораты тула бүлүмүөт уйаларын, уулуссаларга баррикадалары оҥордулар
    ХС

3 аат тыл #

түөлбэ. Оҕо биһигэ

Нууччалыы Люлька, колыбель младенца

  • Быыкайкаан уолун хаалларан баран үлэтигэр барара. Онно оҕоһута, ханнык да санааҕа-онооҕо киллэрбэтэ ити кыракый уйата буолбута.
    А. Сыромятникова
  • Вера Оляҕа аҕалан тымтайы өҥнүбүттүү көрдөрөр. [Вера:] Мин санаабар, киниэхэ [оҕоҕо] бэрт уйа
    С. Ефремов

4 аат тыл #

Төрөөбүт-үөскээбит түөлбэ, дьиэ

Нууччалыы Родной дом, колыбель, малая родина. [Саллаат] Өксөкү кыыла буолаҥҥын Өрө көтөн тэгилийэн, Иитиллибит биэрэккэр, Ийэ ньээкэ уйаҕар Илэ бааччы кэлээхтээр

  • Саха нар. ыр. III. Ол иһин эн Саҥа уолбуту [сир аата] уонунан көс сиртэн быһа ахтан, кэтэһэн, бэйэҥ төрөөбүт уйаҥ курдук санаан кэлэҕин.
    Н. Заболоцкай
  • Олорор дьиэни саха орнаменын туһанан киэргэтии эдэр ыччаты үтүөҕэ, кэрэҕэ иитиигэ, кини төрөөбүт, улааппыт уйатыгар убаастабыллаах буолуутугар көмөлөһөрө чахчы
    Кыым
  • , үрд. Оҕо аймах, ыччат иитиллэн, уһуйуллан тахсар сирэ, үөрэх кыһата. Θ Учебное заведение, выпускающее молодых специалистов, колыбель. Бу дыбарыас мин дьоллоох көмүс ньээкэ уйам этэ.
    П. Ойуунускай
Өссө холобурдар (1)
  • Үрдүк үөрэх чыпчаалыгар талаһар саха ыччатын ичигэс уйата – Саха государственнай университета
    ЭК

5 аат тыл #

үрд. Туох эмэ саҕаламмыт, кыымын сахпыт сирэ (хол., таптал, дьоллоох олох)

Нууччалыы Место возникновения чего-л. (напр., колыбель любви, счастья)

  • Мин кэрэ дойдукам – улуу дьол уйата, Мин туйгун норуотум – айар күүс кыһата.
    П. Ойуунускай
  • Күндээрэр күн уота күлүмнээн таҕыста, Дьол-соргу чыычааҕа уйатын тутунна.
    С. Васильев
  • Саҥа дьылынан, күндү ыаллар! Саҥа дьиэҕит эһиги дьолгут салҕана турар уйата буоллун!
    Кыым

6 аат тыл #

сөбүлээб. Омсолоох, куһаҕан дьаллыктаах дьон мустар, хорҕойор сирдэрэ; өстөөх уораҕайа

Нууччалыы Место преступных сборищ, пристанище; логово (врага)

  • Сэрии уйата буолбут, сор-муҥ биһигэ Берлин суулунна. Германия сүрүн өһүөтэ түстэ.
    Т. Сметанин
  • Олох бандьыыттар уйалара буолбут сир эбит.
    Болот Боотур
  • Көөдөҥнөөх – хаартыһыттар уйалара. Сүүйсүһүү, сүүйтэрсии хабараана бу манна буолааччы
    ХС

7 этии #

Көмүс уйа фольк. көр көмүс II. Биһиги [мородулар] хаһан киниттэн [Дьэлликтэн] ордон, уоскуйан, арыый тыын ыла түһэн, көмүс ньээкэ уйа туттабыт, төрөтөр оҕону төлкөлүүбүт? Н. Заболоцкай. [Эбэм] миигин адьас аччыгый эрдэхпиттэн оҕолообут, көмүс ньээкэ уйабыттан көччөх гынан көтүппүт күн сиригэр күндү киһим. А. Кривошапкин (тылб.). Күндү-мааны көмүс уйам, төрөөбүт дьиэм барахсан! "ХС".

Нууччалыы Попав в критическое положение, испытывать сильную тревогу, волнение (букв. в его нору хлынула вода)

Этиилэр

Уйатыгар уу киирдэ

уустук балаһыанньаҕа түбэһэн ыксаата, куттанна Сорохтор уйулҕалара хамсаан, уйаларыгар уу киирэн, утуйбакка сыттылар.

  • Хобороос уйулҕата хамсаан, уйатыгар уу киирбит курдук, тугу гыныан булбакка холоруктуу сылдьар.
    А. Сыромятникова
  • Оччолорго "Катюша" ньиэмэстэр уйаларыгар ууну киллэрэр кырдьык да модун тиэхиньикэ этэ.
    ХС
Өссө холобурдар (1)
  • Ыҥырыа (кымырдаҕас, тигээйи, тураах) уйатын тоҕо тарпыт курдук көр тарт. Ырааһыйаҕа мустан олорор кыыллар ортолоругар, ыҥырыа уйатын тоҕо тардыбыт курдук, дьүүлэ-дьаабыта биллибэт кый-хай, айдаан-күүгээн биирдэ оргуйа түспүт. Эвен фольк. Бэс ыйын 22 күнүгэр, эбиэттэн киэһэ этэ. Дэриэбинэ ыҥырыа уйатын тоҕо тардыбыт курдук буолта. ПДА СС. Тураах уйатын тоҕо тарпыттыы, эмискэ аймалҕан бөҕө өрө оргуйа түстэ. Ф. Софронов

«У» буукуба