ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

алаһа

аат тыл

Нууччалыы родной дом, родная обитель, родной очаг

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

үрд. Төрөөбүт-үөскээбит дьиэ-уот (ытыктабыл, таптал дэгэттээх)

Нууччалыы Родной дом, родная обитель, родной очаг

  • Төрөөбүт дойдуга таптал төрөөбүт алаһаттан саҕаланар диэн бэрт сөпкө этэллэр.
    М. Ефимов
  • Алаһабыт аайытын Аал уот сырдыы күлбүтэ.
    Күннүк Уурастыырап
  • Таптыыр кинигэтин маллаах Мөһөөччүгэр уган, Илдьэ кэлбитэ саллаат Төрөөбүт алаһатыгар
    И. Гоголев

2 аат тыл #

үрд. Туох эмэ үөскүүр, силигилиир, сайдар сирэ, ньээкэ уйата

Нууччалыы Место возникновения, развития, расцвета чего-л., колыбель

  • Долгуйуу-күүрүү, үөрүү-өрөгөйдөөһүн, абарыы-сатарыы - итилэр буолаллар хоһооннор биһиктэрэ, айымньылар алгыстаах алаһалара.
    С. Тарасов
  • Москва, Ленинград, Ростов курдук баай традициялаах литературнай кииннэри тэҥэ литературнай айар үлэ саҥа чаҕылхай алаһалара үөскээтилэр.
    XC
  • Тыйыс айылҕам күөх алаһатыгар мин суос-соҕотоҕун хаамабын
    С. Данилов

3 аат тыл #

харыс т. Эһэ арҕаҕа

Нууччалыы Медвежья берлога

  • Кырдьаҕас эһэ аатын олус үгүстүк ааттаабат баҕайыта -- Булка мээмигэ, тыатааҕы, бөппөкө эҥин диэччилэр, оттон арҕаҕын алаһата, суолун көтөлө диэн ааттааччылар.
    Далан
  • Онтон утаакы буолбата, саа тыаһаата да, тыатааҕы алаһатын аанын бүөлүү оҕутта
    Далан

4 этии #

Нууччалыы Изначальная священная спасительная обитель, священный родной очаг

  • Аан алаһа үрд. - күндүттэн күндү абыраллаах төрөөбүт ньээкэ уйа Төрөтөр оҕоҥ төлкөлөннүн, Иитэр сүөһүҥ күрүөлэннин, Аан алаһаҥ алгыстаннын!
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Аан алаһабар, Ийэ тэлгэһэбэр Им имирэ сүтүүтэ, Барык-сарык буолуута Тиийэн кэлбитим баара.
    С. Зверев
  • [Ойуун:] Бассабыык аймаҕы Аан алаһаларыттан Араарар күнүм буолла.
    Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (4)
  • Алаһа [бараан] дьиэ үрд. - дьиэни-уоту ытыктаан, таптаан, улуутутан, дьиэҕэ-уокка сүгүрүйэн хоһуйар этии. Θ Почтительно-церемонное живописание родного дома, родной обители. Айыыһыт биэ Аарыма-аараҕай Алаһа бараан дьиэлэригэр Батыччахтаан кэлэн Бастыҥ түннүгүнэн Баһын батары биэрэн, Үстэ түллэн [тыбыырда].
    П. Ойуунускай
  • Алаһа дьиэни айгылатыҥ, аал уоту айгыһыннарыҥ, Алтан сэргэни анньыҥ.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Көй бараан уйабытын көрөн таҕыс, аал уоппутун, алаһа дьиэбитин анааран аас.
    Амма Аччыгыйа
  • Ср. др. - тюрк. алачу ‘шатер’

«А» буукуба