ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тэбис

туохтуур

Нууччалыы наступать на что-л.; топтать ногами, затаптывать что-л

Ис хоһооно · 9

1 туохтуур #

Туох эмэ үрдүнэн атаххынан үктээн хаамп; ханан эмэ элбэхтик сырыт

Нууччалыы Наступать на что-л.; топтать ногами, затаптывать что-л

  • Оҕо муостаҕа сытар былакааты үрдүнэн баран, тэпсэн буортулаан кэбистэ.
  • Мин, кыра уол, биирдэ аҕабар аһылык илдьээри, бу ходуһаны ортотунан хортууспунан дэйбиирдэнэн истэхпинэ, кини [тойон] отууттан тахсан: "Оту тоҕо тэпсэҕин?!" – диэн ыга көбүөлээн баран, туттаран ылан баттахпын үргээбитэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Сүөһү тэпсэн хараардыбыт тиэргэнэ бадараанынан быллайан сытара.
    П. Аввакумов
Өссө холобурдар (1)
  • [Чыычаах ото] киһи үгүстүк тэпсэр сирдэригэр, чуолаан дьиэ таһыгар (тэлгэһэҕэ), суол кытыытыгар хойуутук үүнээччи
    МАА ССЭҮү

2 туохтуур #

Тугу эмэ атаххынан үктээн чиҥэт, дэхсилээ

Нууччалыы Утрамбовывать ногами, утаптывать что-л

  • Балачча үрдээбит от үрдүгэр тахсан -- Сэмэн Бэһиэлэйэп тэпсэ сылдьар.
    Амма Аччыгыйа
  • Таня сүөһү кур киитин тиэргэнтэн таһан, өр үлэлээн, оҥхойдору толоро-толоро, ыга тэпсибитэ.
    М. Доҕордуурап
  • Дьаамаҕа угуллубут күөх маассаны тэпсэн чиҥэтэргэ саамай кырата икки-үс киһи туруох тустаах
    САС

3 туохтуур #

Кими, тугу эмэ атаххынан үктээн эчэт, өлөр

Нууччалыы Затоптать, задавить кого-л

  • Бу абааһы кыыһа кийиити ат илдьи тэпсэн өлөрбүт.
    Саха фольк
  • "Сыыстахха алдьархай, [тайах] киһини тэпсиэ… Онон чугаһаан баран [ытыам]…" – дии санаатым.
    Т. Сметанин
  • Александрия уулуссаларыгар христианнар, үөмэхтэһэ мустаннар, Ипатия диэн үөрэхтээх дьахтары илдьи тэпсэн өлөрбүттэрэ
    КФП БАаДИ

4 туохтуур #

Кими, тугу эмэ кырбаа, сыс

Нууччалыы Бить, избивать кого-л

  • Оо, көҥүллээх-кыахтаах гынан баран, сирэйдэрин тэпсэ түһэн биэрбит киһи – моһуоралара көнүөх этэ.
    П. Ойуунускай
  • Сатана кыыһа, үтүөнү оҥорон, өссө чуубургуу турбуккун, хата, баран дэлби тэпсэн биэрээйэбин.
    А. Софронов
  • Кини -- өссө лаппыйан иккитэ-үстэ хардыылаата: "Тутан сирэйдэрин саатырпыт киһи. Иккиэннэрин үчүгэй аҕайдык үлтү тэпсэн көрүөх этим!" – сутуругун ыгыта туттумахтаата
    М. Доҕордуурап

5 туохтуур #

Кими, тугу эмэ улаханнык атаҕастаа-баттаа

Нууччалыы Топтать, принижать, обижать кого-л

  • Суох, кинилэр күүстэринэн киирэр буолбуттарын кэннэ биһиги да тииһи-тыҥыраҕы көрдөрдөхпүтүнэ сатаныыһы. Хайдах аҥаардастыы үлтү тэбистэриэхпитий!
    Н. Якутскай
  • Сүүрбэччэ сүөһүбүн сиэтиҥ, хамначчыт оҥоһуннуҥ, үлтү тэбистиҥ, саата суох – ордугун уоруйахтыыгын!
    М. Доҕордуурап
  • Туох иннигэр киһи киһини бу айылаах тэпсэрэ буолуой?
    В. Яковлев

6 туохтуур #

Кимиэхэ эмэ сотору-сотору сылдьан, хонон-өрөөн салгыт, сылат

Нууччалыы Надоедать, докучать кому-л., частыми визитами

  • Эдьиийим ааҕы хоноһолор быыстала суох тэпсэллэр.
  • Саввиннар мээнэ ыалдьыт-хоноһо тэпсибэт ыаллара
    В. Яковлев

7 туохтуур #

Буоһатаары тыһыгын баттаа, сап (хол., бөтүүк туһунан этэргэ)

Нууччалыы Топтать (напр., курицу – о петухе). [Бөтүүк] таптаан хообургуу-хообургуу эриэн кууруссаны тула көппүтэ, ойон тиийэн кэтэҕин аһыттан ылан тэпсэн барбыта

  • Ону "оҕонньор" [атыыр чыркымай] ситэ баттаан, бокуой биэрбэккэ тэпсээри гыммытыгар, "эмээхсинэ" [тыһы чыркымай] ууга умсан хаалла уонна сонно тута атын сиринэн, туора баран күөрэс гынна да, көтөн тарыкынайда
    Р. Кулаковскай

8 этии #

Нууччалыы Поговорить по душам

Этиилэр

Атах тэпсэн олорон кэпсэт (сэһэргэс, сэлэс)

дуоһуйа, астына ирэ-хоро кэпсэт Икки улуус кулубалара атах тэпсэн олорон, бэрт үгүһү эргитэн сэһэргэһэллэр.

  • [Доҕордуулар] бары үлэ дьонун сиэринэн, биир хоско хааллан олорбут устудьуоннааҕы сылларыныы, билигин атах тэпсэн олорон астыныахтарыгар диэри сэлэһэр иллэҥнэрэ суох.
    Н. Лугинов
  • Атах тэпсэн олорон, Аа-дьуо өр кэпсэттибит. М. Ефимов

9 этии #

Нууччалыы Взявшись за руки, играть вдвоём, попеременно выбрасывая навстречу друг другу то одну то другую ногу

Этиилэр

Атах тэбис

икки буолан илиигиттэн тутуһан, атахтаргын олбу-солбу утары быраҕаттаан оонньоо Туобуйа төһө да ырааҕын иһин, ыала-дьоно төһө да аҕыйаҕын иһин, кэм, үс-түөрт оҕо көрсө түстэллэр эрэ -- дьиэрэҥкэйинэн тэбэн, атах тэпсэн, кулун куллуруһан

  • чохчоохойдуу-чохчоохойдуу эйээрэллэрэ олус да үчүгэй буолара.
    П. Ойуунускай
  • [1-гы кыыс:] Көр эрэ, Былатыан уол букатын сатаан атах тэпсибэт ээ.
    А. Софронов
Өссө холобурдар (1)
  • Муҥха тахсыар диэри килэҥ мууска хатыыскалыырбыт, маанытык таҥныбыт дьахталлар ыраас хаарга атах тэпсэ, илии охсуһа, дьиэрэҥкэйдии оонньууллара. И. Гоголев

«Т» буукуба