ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тэбис-тэҥ

даҕааһын

Нууччалыы совершенно одинаковый, равный

Ис хоһооно · 4

1 даҕааһын #

даҕ

  • Ньургун Боотур. [Нүһэр Дархан:] Өлөр өлүү барыбытын тэбис-тэҥ оҥорор… Ол эрээри бу аан дойдуттан Тойон киһи тойоннуу аттаныах тустаахпын.
    И. Гоголев
  • [Ыаллыылар] туохтарын былдьаһыахтарай, хайа-хайалара ордуга-хоһута суох эрбии биитин курдук тэбис-тэҥ дьоннор
    И. Эртюков

2 даҕааһын #

Олоччу биирдиҥи, атылыы

Нууччалыы Совершенно одинаковый, равный. [Ньургун Боотур уонна абааһы бухатыыра] Үс түүннээх күн охсустулар да, иккиэн тэбис-тэҥ дьон буоллулар

3 даҕааһын #

Көбүс-көнө, кыра да токуруйуута суох

Нууччалыы Совершенно ровный, прямой

  • Күллэҕинэ, ол уостар кэннилэриттэн тэбис-тэҥ, ып-ыраас эҥкилэ суох тиистэрэ кэчигирии түһэллэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Айаан икки илиитин сиэбигэр уктан, "аны алҕас киһини таарыйан кэбиһиэхтэрэ" диэбиттии, тэйиччи туран эрэн мичээрдээн тэбис-тэҥ, үп-үрүҥ тиистэрэ килэйэр
    Н. Лугинов

4 этии #

Нууччалыы В одно и то же время, одновременно

Этиилэр

Тэбис-тэҥҥэ

1) биир бириэмэҕэ, бииргэ Таллан тараах хайаҕа ат сылгы тиийэн абааһыны кытта тэбис-тэҥҥэ сыарҕа ылаҕын курдук "лап" гына түстэ. Ньургун Боотур. Уолаттар сааларын ытарга бэлэмнии туппутунан ойон тураллар уонна иккиэн тэбис-тэҥҥэ: "Тохтоо-о!" – диэн хаһыытыыллар. Н. Якутскай. Лиэксийэҕэ кыл мүччү баттаһан, преподаватели кытта тэбис-тэҥҥэ, аудитория ааныгар үтүрүһэн кэриэтэ бииргэ үктэһэ киирбитэ. "Чолбон"; 2) кими эмэ кытары биирдик, кыратык да хаалсыбакка (тугу эмэ гын).

На равных (напр., бороться).

  • [Боксуордар] тэбис-тэҥҥэ эрийсэр курдуктар.
    Н. Лугинов
  • Кылбайар маҥан аттар ньилбэктэрэ күөрэйэн, туйахтара харааран, буура чаҕаан көҕүллэрэ бураллан, кулгаахтарын үөргү-сүөргү туттан, илин былдьаһан ньылаҥнаһан, эрбии биитин курдук тэбис-тэҥҥэ хапсан иһэллэр.
    М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)
  • Сүөдэр биир да күн өрөөбөккө сиргэ хонон дьонун кытта тэбис-тэҥҥэ сырытта. КН ТДь

«Т» буукуба