ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тэҥ

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы гладкий; плоский; уровень; ровный

English smooth, flat, level

Ис хоһооно · 7

1 даҕааһын #

Нууччалыы гладкий; плоский; уровень; ровный

English smooth, flat, level

  • тэҥ суол
    ровная дорогаa smooth road

2 даҕааһын #

Нууччалыы равный; одинаковый; равнозначный

English equal, identical, equivalent

  • тэҥ быраап
    равные праваequality, equal rights
  • тэҥ күүс
    равная силаequal force

3 даҕааһын #

даҕ

  • Маннык дэхси тэҥ тииттэр улуу өрүстэр ууларын тардыһыытын араартыыр арҕас систэргэ үүнэллэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Айыы бухатыырын күүһэ аан дойду күүһүн аҥаарыгар, дьоло аан дойду дьолун аҥаарыгар тэҥ.
    Суорун Омоллоон
  • Иккиэн биир үлэни үлэлииллэр, тэҥ хамнаһы ылаллар
    Н. Лугинов

4 даҕааһын #

Туох да уратыта суох, биир, үүт-үкчү; биир суолталаах

Нууччалыы Совершенно сходный, равный, одинаковый; одинаковый по значению, качеству, равноценный

5 даҕааһын #

Оллура-боллура суох, биир кэлим, дэхси

Нууччалыы Не имеющий возвышений, изгибов, ровный, гладкий

  • Аргыый мичээрдээбитигэр тэҥ маҥан тиистэрэ кэчигирээн көһүннүлэр.
    В. Протодьяконов
  • Харыйа тэҥ саастаах маһын музыкальнай инструменнары оҥорорго туһаналлар.
    КВА Б

6 этии #

Этиилэр

Киһи тэҥэ суох

саха тэҥэ суох диэн курдук (көр саха).

  • Уолбут кыайан-хотон, киһи тэҥэ суох буолбут.

Күнүм тэҥэ көр күн

Күммүт тэҮҥэ киһибит

кыракый сиэнчээммит.

Тэҥ баайыылаах көр баайыылаах

  • Икки тэҥ баайыылаах хамаандалар оонньуулларыгар ардыгар аҥаардастыы кэлтэйии тахсарын бу туур эмиэ көрдөрдө. "Кыым".

Сыарҕа сыҥааҕын курдук (тэҥнэр) көр сыарҕа

  • Утарылаһааччылар иккиэн даҕаны сыарҕа сыҥааҕын курдук тэҥнэр

7 этии #

Нууччалыы Одинаковый, один в один, равномерный. [Никита] биир тэҥ хардыыларынан бытааннык уһун көрүдүөр устун хаамыталыыр

Этиилэр

Биир тэҥ

туох да уратыта суох, барыта биир Н.

  • Лугинов. Биир тэҥ кэчигирэс дьиэлэрдээх кыбаарталга кэлэн, Үүйэ алаарыйан хаалла.
    Л. Попов
  • [Оҕолор] биир тэҥ эйэлээхтик үөрэнэн, үлэлээн үөрэ-көтө сылдьаллар. Дьүөгэ Ааныстыырап.

Тэҥ быраап

биир кэрдиискэ туруу, биир тэҥ балаһыанньалаах буолуу.

Равноправие.

  • Баай баттала алдьанна, тэҥ быраап кэллэ.
    П. Ойуунускай
  • Тэҥ бырааптаах буолуу туһунан Николай кэпсээнэ кинилэр өйдөрүн-санааларын аспыта.
    А. Сыромятникова

Тэҥ сыһа

тэҥ курдук, тэҥ соҕус.

Почти равный, одинаковый.

  • Хандьыдааттар иккиэн даҕаны тэҥ сыһа таһымнаах -- дьон. "Кыым".

Тэҥ тэҥэ

сүүйүүтэ да, сүүйтэриитэ да суох, биир тэҥ.

Без выигрыша или поражения, с равным счётом, вничью.

  • Эһиги биир буруйдааххыт, мин биир буруйдаахпын. Онон тэҥ тэҥэ буоллун.
    Суорун Омоллоон
  • Тэҥ тэҥэ арахсан эрдэхпитинэ Гошалаах -- үлтү сынньан кэбистилэр.
    Н. Лугинов
Өссө холобурдар (1)
  • Тюрк. -монг. теҥ, тэҥ

«Т» буукуба