ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

көнө

даҕааһын, тыл

Нууччалыы прямой

English straight

Ис хоһооно · 7
I

1 даҕааһын #

даҕ

  • Сабачча үс көнө тоһоҕото булан киллэр эрэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Оксана имигэс, синньигэс бииллээҕэ, көнө уҥуохтааҕа, буспут отон курдук уостааҕа, толору түөстээҕэ.
    Суорун Омоллоон
  • Хойуу хара хааһа өрө сыҕаллыбыт, кырыылаах көнө муннугар биллэр-биллибэт эбирдэрдээх
    Л. Попов

2 даҕааһын #

Токуруйбатах, өҕүллүбэтэх

Нууччалыы Не имеющий изгибов, искривлений; прямой

3 даҕааһын #

Үөһэ-аллара түһүүтэ суох, оллура-боллура суох; дэхси

Нууччалыы Не имеющий впадин и возвышений; ровный; гладкий

  • Дьаарбаҥ - олус көнө хонуулаах от үрэх. Бу остуол ньуурун курдук көнө кырдалга кылыйан кыыралдьытар, тустан туурута илгиэлэһэр, сырсан бөтөҥкөлөһөр үчүгэй да этэ.
    А. Бэрияк
  • Көнө ньуурдаах куйаар
    Баал Хабырыыс

4 даҕааһын #

Албына-көлдьүнэ, үөнэ-күрдьэҕэтэ суох; судургу

Нууччалыы Непритворный, бесхитростный; простодушный; правдивый; простой, прямой

  • Олус көнө, кэнэн, судургу, оннук-маннык диэн саҥарбат-кэпсээбэт, үлэтэ булт эрэ курдук буолар.
    Саха фольк
  • Саха үлэһит, көнө, кырдьыксыт норуот.
    И. Федосеев
  • Дьөгүөр оҕонньор, бэйэтэ сүрдээх көнө, ойоҕун тылыттан тахсыбат намыын оҕонньор этэ.
    И. Никифоров
Өссө холобурдар (1)
  • Байбалы тимир ууһунан үлэлииригэр эппитэ. Онуоха көнө баҕайы киһи төттөрү этэ барбатаҕа. "Кыым". Тюрк. көни

5 этии #

Нууччалыы Честно, искренне. [Быыпсай:] Мин бэйэм син уонтан тахса сыл көнө сүрэхпинэн, үтүө суобаспынан күн судаарга сулусуу гыннаҕым дии саныыбын

  • Көнө суобаһынан (сүрэҕинэн) - чиэһинэйдик, көнөтүнэн
    П. Ойуунускай
  • Үлэлээбитин курдук көнө суобаһынан үлэлиирэ.
    Д. Таас
  • Көнө сүнньүнэн - 1) иннинэн буолан, мөккүспэккэ, өһөспөккө. Θ Не пререкаясь, покорно, послушно (делать что-л.). Биирдэ эмэтэ хараххын уһулу оҕустахха көнө сүнньүгүнэн үлэлиир буолуоҥ, - диэт, сытыыкан киһи биллэриктэн аан диэки эргилиннэ. М. Доҕордуурап; 2) бэрээдэктээхтик, сиэри кэспэккэ. Θ Порядочно, честно, по совести, не нарушая норм этики, морали (держаться, жить и т. п.). [Эмээхсин:] бэйэлэрэ кырыыланар буолбуттарын кэннэ, оҕонньор итинник да буолуон сөп эбит, кимиэхэ хайҕатаары көнө сүнньүнэн сылдьыай диэх курдук саныыра.
    Д. Таас
Өссө холобурдар (4)
  • Көнө сүрүннээх - кырдьыгынан сылдьар, сабыдыалга охтубат, бэриммэт. Θ Бесхитростный; правдивый; не поддающийся влиянию кого-л., имеющий твердые принципы. Кырдьыгы тутуһан туруору киирсиһэр буолан, бэйэтинии көнө сүрүннээх дьоҥҥо сөбүлэтэр.
    П. Аввакумов
  • Көнө сүрэхтээх - албына-көлдьүнэ суох, чиэһинэй. Θ Честный, искренний, непритворный. Саамай ордук киһи диэн тус бэйэтэ көнө сүрэхтээх, сэмэй, үлэһит киһи аата буолар.
    Амма Аччыгыйа
  • Бу дойду дьоно үтүө санаалаах, бары даҕаны көнө сүрэхтээх дьоннор.
    Н. Чернышевскай
  • Мас көнө кэпс. - кэнэнниҥи судургу; өс киирбэх; көнө майгылаах. Θ Наивно-простодушный. Дойдуларыгар тыаҕа, Даайалаах удьуордара мас көнөлөрүнэн сураҕыраллара. Софр. Данилов. Кэтирииһи, баҕар, тиийиммэт-түгэммэт кыһалҕатыттан туһаммыта буолуо диэн уорбалыаҕын бэйэтин үөскээбит айылҕатынан кини мас хайдыбытыныы көнө киһи буолуохтаах.
    НС ОК

6 этии #

Этиилэр

Көнө муннук көр муннук

  • Сиргэ көнө муннугу оҥорорго эккер диэн прибор туттуллар. ВНЯ М-5.

Көнө оһоҕос көр оһоҕос

  • Ыт куртаҕа, үүтүнэн иитээччилэр үгүстэригэр курдук, биир кутуйалаах, оһоҕоһо синньигэс, суон уонна көнө оһоҕосторго арахсар. ББЕ 3.

Көнө суолта көр суолта

  • Тыл көнө уонна көспүт суолталаах буолар.
    ПНЕ СТ

Көнө толоруу көр толоруу

  • Төрүт түһүккэ турар аат тыл, көһөр туохтуурунан салаллар буоллаҕына, этиигэ "тугу?" диэн ыйытыыга хоруйдуур уонна көнө толоруу буолар. ЧМА СТСАКҮө
II

7 #

туттул. сыһ. т. Инники этиллибитинээҕэр маннык гыммыт ордук диэн суолталаах

Нууччалыы Правильно, верно (выражает предпочтительность какого-л. действия - лучше чем...)

  • Аччыгый тойону көрсүөх кэриэтэ, аччыгый абааһыны көрсүбүт көнө (өс хоһ.). Хоноһону аһаппакка таһаарыах кэриэтэ, үөхпүт көнө (өс. хоһ.). Иһээччи буолуох кэриэтэ Күн анныгар Көстүбэтэх көнө
    А. Софронов

«К» буукуба