Перевод с якутского
муннук
аат тыл
Нууччалыы место, где сходятся, пересекаются две стороны чего-л.; наружные или внутренние углы чего-л.
English angle, corner
Ис хоһооно · 7
1 аат тыл #
Туох эмэ тутуу, оҥоһук ойоҕосторо, эркиннэрэ тиксиһэн ыпсыһар сирдэрэ; оннук ыпсыһар сирдэрин тас өттүнээҕи уһуктара эбэтэр иһинээҕи ыпсылҕалара
Нууччалыы Место, где сходятся, пересекаются две стороны чего-л.; наружные или внутренние углы чего-л. (напр., строения)
Дьиэ ис муннуга. Күрүө тас муннуга. Уубут наһаа мунньуллан бэҕэһээ куттал буола сырытта -- мастарыскыайы аҥаар муннугунан ылла. Эрилик Эристиин Уола туппут баанньыгын бэрт өр бырыынчыктаан, ордук муннук ыпсыыларын иҥэн-тоҥон көрөн астынна да, сөхтө да ХС
2 аат тыл #
Ыраах сытар туох эмэ уһуга, кытыыта (сир-дойду, дьон олорор сирин этэргэ)
Нууччалыы Край, окраина чего-л., отдалённая часть чего-л. (о местности)
Сирбит-дойдубут муннуктарын аайы элэктэриичэстибэ уотун сандаардыа этибит.
КүндэПлатон Ойуунускай модун куолаһа оччотооҕу "Кыым" хаһыат страницаларыттан Саха сирин бары уһук-кытыы муннуктарыгар тиийэ дуораһыйара. Софр. Данилов. Кэбээйи түбэтэ уу-тыа булдунан баай, былыргыта бэрт түҥкэтэх, хараҥа муннук этэ. КНЗ ТС
3 аат тыл #
Дьукаахтаспыт дьон олороллоругар анаммыт дьиэ хайа эмэ өттө
Нууччалыы Часть дома, сдаваемая внаём, в аренду
Атын ыаллар муннуктарыттан Аҕалаах ийэтин аҕалан, Ойохтонон, оҕо төрөтөн, Олох олорон барбыта. Болот Боотур Хаһан умса түһүөхпэр диэри, -- хайа эмэ ыал муннугар сылдьыам буоллаҕа дии.
Суорун ОмоллоонЕгор Егорович урут миигин, кыра уолгун Мэхээһи кытта кэлэн, биһиэхэ биир эмэ муннукка олор диир этэ С. Ефремов
4 аат тыл #
мат. Биир туочукаттан тахсыбыт икки көнө сурааһын үөскэтэр фигурата
Нууччалыы Угол. Муннугу үөдүтэр көнө аҥаардара муннук өрүттэрэ диэн, оттон кинилэр тахсыбыт туочукалара муннук оройо диэн ааттаналлар. КАП Г
5 этии #
Нууччалыы Быть в замешательстве, не находить себе места
Муннугу (муннугу-ханныгы) кэй - туохха эмэ ыктаран хайдах буолуоххун, кэлиэх-барыах сиргин булума Үҥсэн да туһа суоҕун, муннугу кэйиэлии сылдьарбын өйдөөммүн "билинэргэ" күһэллибитим. Е. Неймохов Санаата түстэҕинэ кэлиэх-барыах сирин булбакка, муннугу-ханныгы кэйэ сылдьар курдук буолааччы. ПП ОА
6 этии #
Нууччалыы Ставить в угол (ребёнка в наказание за что-л.)
Муннукка туруор - оҕону буруйдаан, тугу эмэ гыныахтааҕын, ханна эмэ барыахтааҕын хааччахтаан муннук сиргэ туруор Микиитэни кылааска киллэрэн муннукка туруордулар. Амма Аччыгыйа Мин аҕам остуолун үрэйиим, ийэм иистэнэр массыынатынан оонньуум - тута муннукка туруораллар. Н. Габышев Муннукка хаай (ык) - кими эмэ куотунар, аһарынар кыаҕа суох гына ык. Θ Загнать кого-л. в угол, тупик. Уорууга уорбаланар уолаттары силиэдэбэтэл муннукка ыган билиннэрбит үһү.
Өссө холобурдар (4)
[Ааныс] Бүөккэ уолу хас сүүстэ муннукка хаайбыта, онтон дьэ кэлэн кырдьыктаах кэпсэтиигэ тугу да булан эппэтэ. А. Сыромятникова Тиэхэннээх таарыччы бараннар, Кинээһи дибдийэн биэрбиттэр. Кинини муннукка хаайаннар - "Күн сарсын мунньахтаа" диэбиттэр. Эрилик Эристиин Муннукка ытаабыт (киһи) - туохха эмэ олус ылларбыт, олус баҕалаах (киһи). Θ Страстно увлеченный чем-л., проявляющий огромный интерес к чему-л. Төһө да нэһиилэ сырыттар, мэлдьитин, саамай муннукка ытаабыт суола бултааһын, сааланыы буолара. С. Данилов Бэрдьигэстээх олохтооҕо -- Егор Николаевич Гаврильев [фарфор сувенирдары хомуйууга] эмиэ муннукка ытаабыт коллекционер. "Кыым". Вовка хоккей уонна футбол диэн баран муннукка ытаабыт киһи. "ЭК"
7 этии #
Көнө муннук мат. - тоҕус уон кыраадыһы үөскэтэр муннук (тэнитиллибит муннук аҥаара, биитэр толору муннук чиэппэрэ) Бары көнө муннуктар биир-тэҥ ахсааннаах кыраадыстаахтарын быһыытынан бэйэ-бэйэлэрин кытта тэҥнэр. КАП Г.
Нууччалыы Прямоугольник
Этиилэр
Кыһыл муннук көр кыһыл
Мунньах "Күрүөлээх" пиэрмэтигэр кыһыл муннугу аһарга, салайааччыны аныырга уураах ылла. М. Доҕордуурап. Кыһыл муннукпутугар дьоннор сылдьыылара үксээн, ааҕааччы уонна аахтаран истээччи элбээн истилэр. А. Бэрияк. Ынах сүөһү пиэрмэлэригэр тэриллибит кыһыл муннуктар үлэлэрин көрүү куонкуруһа ыытыллар. "Кыым". Сыппах муннук мат. - тоҕус уон кыраадыһы таһынан муннук (көнө муннуктааҕар улахан гынан баран, тэнитиллибиттээҕэр аччыгый).
Тупой угол. Сытыы муннук мат.
- тоҕус уон кыраадыс иһинэн уһуктаах (көнө муннуктааҕар аччыгый муннук). Острый угол. Тыыннаах муннук - тыынар тыыннааҕы, кыылы иитэргэ, тутарга анаан бэриллибит анал миэстэ (үксүгэр араас тэрилтэлэргэ). Живой уголок. Оҕолор куһу оскуола тыыннаах муннугар биэрбиттэрэ. Далан Тима Максимов Дималыын тыыннаах муннукка хоруолуктары көрсүөн-харайсыан баҕарар. ХС
Уобул муннук көр уобул
Аҥаар өттүгэр - иҥнэри түһэн эрэр кии сыбахтаах уобул муннуктаах ампаар дьиэ. Н. Кондаков. Уобул муннуктар бабаарыналарга, ампаардарга, киһи эргиирдэригэр киэҥник туттуллаллар. АЭА ӨӨКХ. Үс муннук мат. - үс туочуканы холбуур сурааһыннартан турар фигура.
Треугольник.
Тэҥ өттүлэрдээх үс муннукка бары муннуктара тэҥнэр. КАП Г
Хабарҕа муннук көр хабарҕа
Ампаар хабарҕа муннугар сөрүөстэн туран, Маайыс эһэтин кэнниттэн одуулаһан хаалар. Амма Аччыгыйа Хас тэлгэһэ аайы хабарҕа муннуктаах ампаардар, ас астыыр хара дьиэлэр.
Н. Лугинов
Өссө холобурдар (1)
Ср. тюрк. мүҥүл ‘угол’