ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

уһуктуу

аат

Нууччалыы пробуждение (о сознании), прозрение

I

1 этии #

Нууччалыы Пробуждение (о сознании), прозрение

  • уһугун диэнтэн хай. аата. Уһуктуу … Бөтүүгүм ыллаата, Саҥа ыал таһыгар, аллара, Ол саха холкуостаах дьахтара Сарсыарда ынаҕын сайдаата. Дьуон Дьаҥылы. Мин оҕо, эдэр сааһым, үлэлээбит-хамсаабыт күөгэйэр күнүм барыта итинник кэрэ кэм, кэрэ хартыына, уһуктуу, үөрүү аргыстаах курдук.
    С. Васильев
  • Чыычаахтар айылҕа улук уутуттан уһуктуутун уруйдуур, сайын кэлэр үрдүк үөрүүтүн хоһуйар ыарыалара үчүгэйкээнин. С. Никифоров

Этиилэр

Өй-санаа уһуктуута

урут өйдөөбөккүн чопчу өйдөөһүн, өй-санаа өттүнэн лаппа сайдыы Ити түмүгэр кини иннигэр үөрэх алыптаах күүһэ арыллыбыта, ол, биллэн турар, кини өйө-санаата уһуктуутугар улахан суолталаммыта.

  • Сорох ырыаларга баттаммыт-үктэммит үлэһит норуот кылаассабай өйө-санаата уһуктуута, баайы-батталы утары туруута быһаччы этиллэрэ. ССЛИО. Баай-тойот батталын утары үлэһит дьон өйө-санаата уһуктуута норуот тылынан айымньытыгар өтөн киирбитэ мунааҕа суох. "Чолбон"
II

2 #

Уһуктаах буолар гына

Нууччалыы Так, чтобы образовался угол

  • Мин салаалаах тоҥ мутугу тоһутан, уһуктуу кыстым.
    Т. Сметанин
  • Остуолбалар төбөлөрүн дуобат курдук уһуктуу суораллара. СНЕ ӨОДь. Талах суох түбэлтэтигэр сымнаҕас бэс маһы буруустуу тыырдаран баран, харандаастыы уһуктуу, кыстара үөрэтиллиэхтээх.
    АЭ

«У» буукуба