Перевод с якутского
сиксик
аат тыл
Нууччалыы видимая граница неба и земной или водной поверхности, горизонт
Ис хоһооно · 6
1 аат тыл #
Халлаан сир уонна уу ньуурун кытта силбэһэн көстөр ыпсыыта
Нууччалыы Видимая граница неба и земной или водной поверхности, горизонт
Ыраах иһэр борохуоттар буруолара маҥнай уу-халлаан силбэһэн көстөр сиксиктэригэр синньигэс тимир тоһоҕо курдук өрө тыргыллан көстөллөр. Амма Аччыгыйа Ханна эрэ ыраах халлаан сиксигэ сиргэ тиийэ силбэһиэр диэри бара турар. Сэмээр Баһылай. Улуу Туймаада саҕахтара сир-халлаан сиксигэр күөх тумарык буолан силбэһэр киэҥ нэлэмэн хочолоругар сандал саас сатыылаата Кыым
2 аат тыл #
Алаас сыыра хонуутун кытта ыпсар миэстэтэ
Нууччалыы Края поляны, аласа на стыке с какой-л. возвышенностью, угол земли
Алаас сиксиктэрэ араас өҥнөөх сир симэҕэ отунан киэргэнэллэр. Амма Аччыгыйа Сир-дойду ньуура, сиксигэ сиккиэр салгынтан араас эгэлгэ өҥүнэн арылыйа оонньуо Кыым
3 аат тыл #
Туох эмэ (хол., иһит) ойоҕоһо түгэҕин кытта ыпсыһар кырыыта
Нууччалыы Край, линия соединения боковины и нижнего основания чего-л. (напр., посуды)
Сир сидьиҥ үөнэ Чэҥэрикээн кутуйах [чабычаҕы] Сиксигин сирийэ кэбийдэ. Саха фольк Уйбаан уһааты иҥнэри анньан баран, сиксигинэн төкүнүтэн умуһах тахсыы аанын аттыгар аҕалбыт. Саха сэһ. 197
4 аат тыл #
Чапчааһыннары иһит үөһээ айаҕынааҕы кытыытыгар уонна сиксигэр тигэллэр. ПСН УТС
5 аат тыл #
Туох эмэ саамай түгэҕэ, түгэх кырыыта
Нууччалыы Самый дальний угол, край чего-л
Муус Кудулу Далай сиксиктэригэр, иччитэх арыыларыгар -- таба аһылыга дэлэйдик үүнэрэ. Далан Дьон мунньахтыыр саалаҕа тоҕо сууллан киирэн -- лаһыгыраччы олорунан кэбистилэр. Саала да киэҥ. Сиксигэ да харааран көстүбэтэ. В. Титов Кэбиһиилээх оттору хайдах да үчүгэйдик тиэйбитиҥ иһин, сир оҥхойугар, кэбиһии сиксигэр хайаан да от түгэҕэ ордор Кыым
6 этии #
Нууччалыы Дальние края; край земли, окраина
Сир сиксигэ - ыраах, кытыы сир; сир улаҕата Манна, сэрииттэн ыраах, сир сиксигэр даҕаны, ас-таҥас адьас кэмчитийбитэ. М. Ефимов Миэхэ тиийдэххинэ, хайа наада эмкин сир-халлаан сиксигиттэн даҕаны булуохпут. С. Федотов Сири сиксигинэн (халлааны улаҕатынан) - киэҥ сири арҕар, ырааҕынан эҥис. Θ Охватывать, достигать самых крайних точек земли, самых дальних краёв. Дьөгүөрсэ Тырынкаайап сири сиксигинэн, халлааны улаҕатынан эргийэн кэллим диирэ. Н. Якутскай
Өссө холобурдар (3)
Сэһэнэ сири-халлааны сиксигинэн эргийэр, аан дойдуну арҕарар. Софр. Данилов. Итиэннэ дьэ чэйдии олорон, сири сиксигинэн, халлааны улаҕатынан сэһэргэһии буолар. И. Данилов Кылааннаах туһа диэн сири сиксигинэн эргийэрбит. ХС Ср. монг. шигшиг ‘плен’