Перевод с якутского
далан
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы поверхность воды (озера, реки, моря), водная гладь
English horizon
Ис хоһооно · 6
1 аат тыл #
поэт. Уу (үрэх, күөл, муора) ньуура
Нууччалыы Поверхность воды (озера, реки, моря), водная гладь
Кыырыктыйбыт муора даланыгар Тыал былыт үөрүн мунньар. И. Гоголев Үүт үрэх үрүмэтийэр далана Суһумнас саһарҕаны суурайара. В. Миронов Муора кыырыктаах даланын үрдүнэн Силлиэ тыал былыты хомуйар. М. Горькай (тылб.)
2 аат тыл #
Туох эмэ ыраахха диэри тайаан көстүүтэ, оннук көстөр киэҥ ньуура
Нууччалыы Горизонт, видимое пространство
Уҥуоргута биллибэт уу киэҥ даланыгар бигэнэн, атын борокуоттар уочараттарын көһүтэн лагларыһан олороллор. Амма Аччыгыйа Хайа үөһэ, халлаан дириҥ даланыгар Сулуһум сырдаа, сандаар, умай. Р. Гамзатов (тылб.) Далан уол
3 даҕааһын #
көр даллан (1). Тоҕус сиринэн кудурҕаннаах далан хара халарык буолла да, дьиэтин иһигэр туох баар үбүн-сэбин барытын үүрэн таһааран ый-күн ыһыаҕа оҥордо. ПЭК ОНЛЯ I. Таастан чочуллубут Далан өксөкүгэ Оҕо-аймах мустар, Оонньуу-көр арыллар. ПИ КТ. Көр, хотой, хараххын, Күөрэт далан кынаккын. ПИ КТ
4 даҕааһын #
Харса суох, кэрээнэ суох
Нууччалыы Отчаянный, бесшабашный
5 этии #
Этиилэр
Харах далана көр харах дала
Киһи хараҕын далана баранан, күөх урсуҥҥа мунар сирдэригэр тиийэн түмүктэнэр. Амма Аччыгыйа [Петька] хараҕын далана ыларынан сыһыыга мэччийэ сылдьар сылгылары кэриччи көрүтэлээтэ. Л. Габышев
6 этии #
Далан санаа үрд., поэт. – күүстээх модун санаа Далан санааҥ Татыарыйдаҕа эминэ. П. Ойуунускай
Нууччалыы Сильная воля