Перевод с якутского
харса
даҕааһын, аат тыл, сыһыат
Нууччалыы смелый, решительный
Ис хоһооно · 9
1 даҕааһын #
даҕ
Хабалаттан тахсаммыт, хандалаттан сөллөммүт, Хамначчыт-дьадаҥы бииһэ харса – хаадыат буолбуппут.
П. ОйуунускайБиһи кэккэ икки атах Көҥүлүн, дьолун мөккүөнүгэр Кэлэр кэскилин иннигэр Өлөртөн даҕаны куттаммат, Харса буурай санааламмыппыт Хатарыллан улааппыппыт. Дьуон Дьаҥылы. Уонна ол уот аннынан Хотугулуу наҕылыйа Ыт көлөнөн айанныыр харса хаадыат булчуттары С. Данилов
2 даҕааһын #
поэт. Олус хорсун, ходуот, туохтан да толлубат
Нууччалыы Смелый, решительный
3 даҕааһын #
сөбүлээб. Харса хабыра суох, кырыктаах
Нууччалыы Жестокий, злой, беспощадный
Ол иһин харса хааныттан Уон улуус дьулайбыта, Албан аатын ойуун ааттаах Кырыыска туруорбута. С. Данилов Хара дьайдаах харса хаан, Быдьар быһыы, бардам майгы иитиллибит сирэ бу баар [фашистскай Германия] – Кыыл арҕаҕа, кыраммыт дойду. Л. Попов Кыыс уол сирэйин-хараҕын одуулаһар, кини туохтан ити кытаанах, харса хааннаах буолан хаалбытын билиэн баҕарар. А. Сыромятникова
Өссө холобурдар (1)
Ср. тув. каржы ‘грубый (неучтивый)’
4 даҕааһын #
харса суох
Дьэ онуоха "күрүөһүт сүөһү" курдук барытын анньыалаан-үтүөлээн көрө-сылдьар, аптарытыат күлүгүн быһа хаамарын кэрэйбэт, харса суох киһи наада.
Н. ЛугиновНуучча омук Саха сирин була илигинэ, сахалар үрэх бастарын аайы ийэ уустаан сылдьаннар, ким бөҕө, харса суох киһилэрин тойон туттар эбиттэр. Эрилик Эристиин Бааһынайдар сэриилэрин харса суох атамаан, Дон казага, Степан Тимофеевич Разин салайбыта. А. Сергеев (тылб.)
Өссө холобурдар (1)
Кытаанах, булгуруйбат (хол., санаа). Θ Смелый, твёрдый, жёсткий, непоколебимый (напр., замысел). [Эһэр] онон Тыаһыттаах Олесь Дудар сырдык тыыннарын бандьыыттартан иэстэһэр соҕотох бэйэтэ харса суох санааны ылынар Л. Попов
5 даҕааһын #
Кимтэн, туохтан да чаҕыйан турбат, сытыы-хотуу, дьорҕоот
Нууччалыы Смелый, бойкий, отчаянный, дерзкий (о ком-л.)
6 сыһыат #
суолт. Өлөрү да кэрэйбэккэ, өһүөннээхтик, хорсуннук (хол., охсус, сэриилэс)
Нууччалыы Беспощадно, непримиримо, храбро (напр., бороться, сражаться)
Дьүкээбил харса суох сытыы кылыс болотунан утары киирэр. Н. Якутскай [Артём:] Немецкэй талаанньыттары харса суох кыдый, өргөскө үөл. В. Протодьяконов Куттаныахха сатаммат, харса суох киирэн иһиэххэ. Н. Якутскай
Өссө холобурдар (7)
"Хоргуйан өлүү тахсыбытыгар биир үксүн салалта мөлтөҕө, ити баҕас чуолкай", – Настааччыйа харса суох санаатын этэр С. Маисов Кими-тугу эмэ аһыммакка, харыстаабакка. Θ Жестоко, безжалостно. Киһи бөрөнү баҕас харса суох кыдыйыахтаах. Амма Аччыгыйа Бииктэр маннык амньыраабыт кэмигэр харса суох кимэр, кини кыаҕын ылар, торун тоһутар наадалааҕын Абыраамап тута өйдөөбүтэ. Л. Попов Ынах ыксаан биир муннугунан күрүө быыһынан кыбылла-кыбылла нэһиилэ таҕыста. Ол икки ардыгар тутуу былдьаһан харса суох кырбаамахтаата
КүндэКөстөкүүн, санаа була түһэн баран, харса суох убураан ылар.
КүндэМаша харса суох мөккүспүтэ уонна дьиэтигэр кэлэн, бэркэ мунчааран сыппыта. М. Доҕордуурап Хата Дуунньа харса суох хардарсан иһэр У. Ойуур
7 даҕааһын #
Хорсуннук, кимтэн, туохтан да толлубаттык (хол., быһыылан, тутун)
Нууччалыы Не зная страха, безбоязненно, смело, решительно (напр., поступать)
8 даҕааһын #
Туох баарынан, күүскэ
Нууччалыы Отчаянно, смело
Баанча күнү быһа мас мастаан тунайдаабыта уонна массыынатын харса суох сүүрдүбүтэ. Л. Попов Эрдииһиттэр харса суох түһэн кэбистилэр Н. Заболоцкай Харса суоҕуттан уол бэйэтэ да чаҕыйда. Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (2)
Эн харса суоҕуҥ, омунуҥ-төлөнүҥ, сытыыҥ-хотууҥ, барыта оннукка [научнай үлэнэн дьарыктанарга] сөп түбэһэр.
Н. Лугинов[Мэхээлэ оҕонньор:] Умнас бааһынайдара харса суохтарынан аатырбыт дьон буоллахтара дии
Күндэ
9 аат тыл #
суолт. Хорсун ходуот быһыы
Нууччалыы Отвага, смелость