ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

да

частица, холбуур

Нууччалыы и… и

English да... да = both... and

Ис хоһооно · 18

1 частица #

Нууччалыы и … и

English да ... да = both ... and

  • оҕо да улахан да
    и ребёнок, и взрослыйthe child and the adult
  • мин да, эн да
    ты и яyou and I

2 #

ситим т

  • Тэбиэннэр орулуу түһэн бараннар, ыарахан тэлиэгэни хоҥнору тардан ыллылар да, уһун моонньулара дьүккүлдьүһэн бардылар.
    Эрилик Эристиин
  • Утаакы буолбата, кымньыы тыаһа куус гынна да, эриэн үөн курдук, кэлэн Чүөчээски иэнигэр эриллэ түстэ.
    Суорун Омоллоон
  • Харчыгын ыл да, тэбинэн таҕыс
    С. Ефремов

3 #

Бириэмэ сыһыанын көрдөрөн, биир хайааһын тута буоларын ыйан, салаа этиилэри уонна араарыллыбыт бөлөхтөрү холбуур

Нууччалыы Присоединяет обороты и придаточные предложения времени, указывая, что одно действие совершается сразу же после другого действия (как только)

4 #

Утарар суолталаах этиини уонна араарыллыбыт бөлөхтөрү холбуурга туттуллар

Нууччалыы Употребляется для присоединения противительных придаточных предложений и оборотов (но, а)

  • Бүгүн бэркэ охсуо эбиппит да, сирбит бүтэн хаалла дии.
    Амма Аччыгыйа
  • Онно-манна кус саҥарар да, хараҥа буолан көстүбэт.
    Т. Сметанин
  • Кинини биһиги бары аһынабыт да, хайыыр да кыахпыт суох. Софр
    Данилов

5 #

Төннүктүүр-утарар суолталаах салаа этиилэри, араарыллыбыт бөлөхтөрү холбуурга туттуллар

Нууччалыы Употребляется для присоединения уступительно-противительных придаточных предложений и оборотов (хотя, но)

  • Күн өркөн уустарын Күөгэйэр күннэрбэр Күөмчүлэһэн көрбүтүм да, Күүстэрэ мөлтөөбөтөҕө, Күдэхтэрэ быстыбатаҕа.
    П. Ойуунускай
  • Маша санааны көтөҕөр тыллары этиэн баҕарбыта да, кыайан булбата
    М. Доҕордуурап

6 #

Болдьуур салаа этиилэри уонна араарыллыбыт бөлөхтөрү тутаах этиигэ холбуурга туттуллар

Нууччалыы Употребляется для присоединения условных придаточных предложений и оборотов к главному предложению (если, раз)

  • Этэ оҕус, билиниэҥ суоҕа да, куоракка төттөрү атаарыам.
    С. Ефремов
  • Аны биирдэ испиккин билиэм да, ийэҕэр-аҕаҕар суруйуом.
    В. Яковлев
  • Сэрэппэтэҕэ диэйэҕин, аны булуук суолун батыһыаҥ да, иккистээн босхо үлэлиэҥ
    П. Егоров
Өссө холобурдар (5)
  • Үгүстүк төрүөт сыһыана дэгэттэнэр. Θ Часто имеет оттенок причинных отношений. Миигин күн судаарым эрэ ытыктыыр буоллун да, атын туох да наадата суох.
    Н. Неустроев
  • Бэйи, үлүһүйэн барымаҥ, киһини ыстаапка тириэрдиҥ диэбиттэрэ да, онно тиэрдиэх тустааххыт.
    Эрилик Эристиин
  • Ас баар да, аһаан ис, хата
    В. Яковлев
  • Содул суолтата дэгэттэнэр. Θ Имеет оттенок значения следствия. Суруксут туох диир да, барытын кырдьыктанан иһэр.
    Н. Неустроев
  • Бөрөлөр хас табаны тардаллар да, барытыгар эн эппиэттиэҥ
    ХС

7 #

Быһаарар салаа этиилэри уонна араарыллыбыт бөлөхтөрү холбуурга ол курдук, ол диэки, ол хоту диэн холбуу ситимниир тыллары кытта туттуллар

Нууччалыы Употребляется для присоединения определительных придаточных предложений и оборотов с составительными союзными словами типа ол курдук, ол диэки, ол хоту

  • Хайдах баартарай да, ол курдук -- дьоно таастыы тимирбиттэрэ.
    В. Яковлев
  • Дьон тугу эттилэр да, ол хоту сүүрэ сылдьарыҥ сүрэ бэрт.
    В. Иванов
  • Хайа диэкиттэн кэлбиккиний да, ол диэки бара тур
    ХС

8 #

Сөп түбэһэр салаа этиини уонна араарыллыбыт бөлөхтөрү холбуурга соччо, соччонон, оччонон курдук ситимниир тыллары кытта туттуллар

Нууччалыы Употребляется для присоединения придаточных предложений следствия и следственных оборотов с союзными словами соччо, соччонон, оччонон

  • Бу аан ийэ дойдуга төһө-хачча киһи үөскээн-төрөөн олорор да, соччо араас суол олох баар буоллаҕа.
    В. Яковлев
  • Учууталлар оҕону төһө өр үөрэтэллэр да, соччонон чугасыһан барааччылар. Софр. Данилов. Быйылгы үүнүүнү, бааһынабыт тула төһө дириҥ дьааманы хаһабыт да, оччонон үксү ылабыт
    Н. Босиков

9 #

Төннүктүүр салаа этиилэри уонна араарыллыбыт бөлөхтөрү холбуурга болдьуур киэби кытта туттуллар

Нууччалыы Употребляется для присоединения уступительных придаточных предложений и оборотов с глаголом в форме условного наклонения глагола на -тар

  • Биэрдэргин да ылаары, Биэрбэтэргин да ылаары [кэлбит ыччат турабын].
    П. Ойуунускай
  • Тылынан эппэтэр да, хараҕа, истиҥ-эйэҕэс мичээрэ чахчы бааччы ону ыйытар курдуктар
    В. Протодьяконов

10 #

Биир уустаах чилиэннэри кэккэлэччи ааҕан ситимнииргэ туттуллар

Нууччалыы Употребляется для перечислительного соединения однородных членов предложения (и)

  • Маны истэн, Наһаар иирбиттэн да, итирбиттэн да атын буолла.
    Суорун Омоллоон
  • Сурук да, сурах да биллибэт.
    Т. Сметанин
  • Оскуола сүрүн соруга былыр да, быйыл да оҕолору наука төрүттэригэр үөрэтии. Софр
    Данилов

11 #

Ситимниир-холбуур сибээһинэн этиилэри холбооттуурга туттуллар

Нууччалыы Употребляется для соединения предложений сравнительно-присоединительной связью (и)

  • Таптыырыҥ үлэһит киһини, Кини да таптыыра эйигин. Эллэй. Массыына тыаһаабат, Хотуур да ыллаабат.
    Баал Хабырыыс
  • Оскуолаттан оччоҕо устуохтара суоҕа, учууталлар да көмүскүөхтэрэ
    ХС

12 #

эб

  • Эһиэхэ ким да көмөлөһүө суоҕа.
    Амма Аччыгыйа
  • Ханнык да буурҕаттан толлубат. Эллэй. Хайа да сир туох эмэ уратылаах буолар. Софр. Данилов. Үлэһитинэн кимнээҕэр да ордук
    А. Сыромятникова

13 #

Ыйытар солбуйар ааттартан түмэр, түмэр буолбат уонна быһаарыыта суох солбуйар ааттары үөскэтэр: ким да (даҕаны), туох да (даҕаны), ханнык да (даҕаны), хантан да (даҕаны), хас да (даҕаны), хаста да (даҕаны)

Нууччалыы Образует от вопросительных местоимений обобщительные, обобщительно-отрицательные и неопределенные местоимения: ким да (даҕаны), туох да (даҕаны), ханнык да (даҕаны), хантан да (даҕаны), хас да (даҕаны), хаста да (даҕаны)

14 #

Саҥарааччы предмет, хайааһын бэлиэтин үрдүктүк сыаналыырын көрдөрөр (даҕааһыннары, сыһыаттары, туохтуурдары кытта тут-лар)

Нууччалыы Выражает высокую степень признака предмета, действия и состояния с точки зрения говорящего (употр. с прилагательными, наречиями и глаголами)

Өссө холобурдар (7)
  • Оо, үөрдүм даҕаны!
    С. Васильев
  • Хатыланар даҕааһыннары уонна сыһыаттары холбооттоон туттулуннаҕына, саҥарааччы предмет уонна хайааһын бэлиэтин саамай улахан, үрдүк курдук сыаналыырын көрдөрөр (бу суолтаҕа даҕаны тут-бат кэриэтэ). Θ Выражает превосходную степень признака предмета и действия с точки зрения говорящего, соединяя повторяющиеся прилагательные и наречия (в этом значении даҕаны почти не употр.). Уйбаан Уйбаанабыс диэн Уһун кутурук саһыл Үрдүк да үрдүк хайаҕа Үрдүк да үрдүк үөрэҕи бүтэрбит.
    Т. Сметанин
  • Ол эрээри, хааһым улахана сүр, эмис да эмис.
    П. Егоров
  • Элбэхтик да элбэхтик үөрэммит киһи. Багдарыын Сүлбэ. Хаатырга сиринэн аатыран, Турбута бу өрүс өр да өр
    ХС
  • Хатыланар туохтуурдар ыккардыларыгар туттуллан, хайааһын элбэхтик, күүскэ, тохтоло суох оҥоһулларын саҥарааччы күүркэтэн соҕус бэлиэтиирин көрдөрөр. Θ Соединяя два повторяющихся глагола, выражает интенсивность, силу, беспрерывность совершения действия с экспрессивным оттенком оценки говорящего. Күн тура-тура оһуокайдаан ой да ой, ой да ой.
    П. Ойуунускай
  • [Эһэ] Тибиир да тибиир, Тыаны эккирэттэ, Ол эрээри, син биир Хараҕа дьэҥкэрбэтэ.
    Т. Сметанин
  • Кини Сергей Петровиһы эмиэ хайгыыр да хайгыыр. Софр. Данилов. Сороҕор Дуся киирбэт, Толбон хос устун төттөрү-таары хаамп да хаамп буолар
    И. Гоголев

15 #

Этиллэр предмет үчүгэй-куһаҕан хаачыстыбатын, ахсаанын сөҕөн, хайҕаан, сиилээн этиини көрдөрөр (хатыланар ааттары холбуур)

Нууччалыы Выражает восхищение, похвалу или осуждение говорящего по поводу положительных или отрицательных качеств, количества предметов речи (объединяет повторяющиеся имена)

  • Дуня да Дуня. Балтым барахсан сэмэй, истиҥ да киһи эбиккин!
    Г. Колесов
  • Сыралыйан түһэн күн да күн!
    И. Данилов
  • Дьүрүһүйэн-дьүрүһүйэн түһэн, дьэ, ырыа да ырыа!
    С. Федотов
Өссө холобурдар (1)
  • Хотугу күөлгэ кус да кус
    ХС

16 #

Саҥарааччы хомойуутун, хом санаатын көрдөрөр, үксүгэр, хомуруйар дэгэттээх буолар (үксүн кэпсэтээччигэ туһуламмыт билиҥҥи кэмнээх туохтууру кытта тут-лар)

Нууччалыы Выражает досаду, сожаление говорящего, часто имеет оттенок укора (преимущественно употр. с глаголами в форме настоящего времени, обращенными к собеседнику)

  • Оо, биһигини эрдэ уһугуннарбаккын даҕаны!
    Амма Аччыгыйа
  • Олус баай соболоох күөл эбит, илим да аҕалбаккабыт. "Чолбон". Сааҕын миэхэ да атыылаабаккын, атас ааттааххын
    ХС

17 #

Сорох контекска саҥарааччы сөбүлээбэтэҕин туттуна соҕус этэрин, сэмэлиирин көрдөрөр

Нууччалыы В некоторых контекстах выражает сдержанное неодобрение, укор со стороны говорящего

  • "Бу уол даҕаны мэһэйдэһимэ!" – диир ийэм.
    Н. Якутскай
  • "Тууй-сиэ, бу сылгы даҕаны", – диэтэ иһиллэр гына
    Н. Павлов

18 #

Араас дэгэттээн этэр санааны бэлиэтиири, күүһүрдэри көрдөрөр (хол., этэр санааны ааспыты, этиллибити кытта холбоон-сыһыаран этии дэгэттэнэр)

Нууччалыы Выражает выделение, усиление высказываемой мысли с различными оттенками (напр., имеет оттенок присоединения высказывания по ассоциации)

  • Суох, ити да туһалаабата.
    Амма Аччыгыйа
  • Мин тот, туох да кыһалҕата суох холку олохтоох улам эттэнэн, халыҥаан испитим, өссө кыратык хаһаламмытым даҕаны.
    Далан
  • Кууһума урут даҕаны Мотуруона туһунан элбэҕи истэрэ
    Н. Павлов
Өссө холобурдар (16)
  • Тэҥниир-утарар дэгэттээх. Θ Имеет сравнительно-противительный от- тенок. Олох сылааһа кыһын да сойбот.
    Амма Аччыгыйа
  • Мин дойдум тымныыта даҕаны Тымныыттан ураты сымнаҕас.
    П. Тобуруокап
  • Сааһым да ыраатта
    С. Васильев
  • Төннүктүүр дэгэттээх. Θ Имеет уступительный оттенок. Учуутал тойон эн уордьан да ылбытыҥ иһин, аанньа ахтар үһүө.
    Н. Неустроев
  • Бу бөһүөлэк иһиттэн да буоллун.
    С. Ефремов
  • Бүтүннүүтүн да ылыҥ, биһиэхэ балык элбэх
    ХС
  • Сөҕөн-кэлэйэн, сэмэлээн, сөбүлээбэккэ этии дэгэттэнэр. Θ Имеет оттенок недоумения с укором, недовольным, неприятным чувством. Бэйэбит арыычча сылдьаммыт кырбыыр да дьоммут атыттар дии.
    Амма Аччыгыйа
  • Хаалары саҥарар халлаан да дьоҥҥут.
    П. Тобуруокап
  • Киһи бэйэтин билиммэтэ диэн сүрдээх даҕаны.
    В. Яковлев
  • Арааһы да истэбин оҕолоор!
    А. Федоров
  • Сэниир дэгэттэнэр. Θ Приобретает оттенок пренебрежения. Сибиинньэлэрин да кыайан көрбөккө сылдьан, эмиэ тугун маһай-отой даа!
    В. Яковлев
  • Чээн, бу эн Куһаҕан Кууһума уола, миигин үөрэтэҕин дуо? Киһи да күлэр ээ
    Г. Колесов
  • Сөбүлэһии, көҥүллээһин буолуон сөп дии санааһын дэгэттэнэр. Θ Приобретает оттенок согласия, разрешения, допущения. Баҕар, куотан иһэн өлүүм даҕаны.
    Эрилик Эристиин
  • Ол дьон билигин сирэйдэринэн бааллар. Дьөрү ыйытыҥ даҕаны.
    М. Доҕордуурап
  • Чэ, барыахха даҕаны, аны кэргэннээх киһи буоллаҕым дии
    С. Ефремов
  • Баҕарыы, ымсыырыы дэгэттэнэр. Θ Приобретает оттенок пожелания, зависти. Оо, итиннэ олорпоттор даҕаны!
    Н. Габышев

«Д» буукуба