ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ама да

этии

Нууччалыы выражает эмоциональное утверждение высказываемой мысли с некоторым оттенком полемики (соотв

1 #

ыан холб

  • Ама да! Айхаллаамына! Саха омук историятыгар аан маҥнай саха киһитэ Германияҕа үктэннэ.
    Т. Сметанин
  • Ама даҕаны, кыһаллан үлэлээтэхпинэ, атыттартан хаалыа этим дуо?
    Т. Сметанин
  • Ама даҕаны, көрөн туран быыһыах айылаах буолан баран, сүөһүнү өлөрө туруо дуо?
    С. Ефремов

2 #

Кыра соҕус мөккүһүү дэгэттээх иэйиилээх бигэргэтиини көрдөрөр

Нууччалыы Выражает эмоциональное утверждение высказываемой мысли с некоторым оттенком полемики (соотв.: еще бы, как же)

3 #

Утарар ситимнээх баһылатыылаах холбуу этии састаабыгар киирэн “төһө да буолтун иһин” диэн курдук ситим тыл суолтата дэгэттэнэр уонна этэр санааны иэйиилээх күүһүрдүүнү көрдөрөр (ардыгар суланыы дэгэттэнэр)

Нууччалыы Употребляясь в составе уступительного предложения, приобретает оттенок значения уступительного союза и выражает эмоциональное нагнетание высказываемой мысли (иногда имеет оттенок сетования; соотв. хотя и, хотя бы даже)

  • Ама да, Деомид Бакланов буолбутун иһин, Днестр өрүһү аны харбаан тахсыбата чахчы, өрүс уута тымныйбыта!
    Н. Якутскай
  • Ама да, билигин илбис дьиикэй аллараһын күлүүтүн истэрбит иһин, - биһиги да кыыс дьэҥкэ күлүүтүн, олох муусукатын сүүрүгүн истиэхпит, билиэхпит.
    Т. Сметанин
  • Ама даҕаны, ыар батталлаах былаас туһунан кырдьыгы этэн, хараҥа айыылаахтар курдук көстөн, көскө баран иһэрбит иннигэр, син киһиттэн төрөөбүт киһилэрбит
    Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (2)
  • Риторическай ыйытыы уонна инверсия көмөтүнэн ситимниир дэгэтэ лаппа күүһүрэр. Θ При наличии риторического вопроса и инверсии усиливается союзный оттенок значения. Ол төһө өр буолла, ама да бүгүн умнуллубут курдугун иһин!
    Суорун Омоллоон
  • Ол эрээри, төрөппүт аҕам кыһарыйан умса анньан биэрбэтэҕэ буоллар, мин да үтүө олоҕу булуом этэ, ама да таас хайа быыһыгар олорорго анаппытым иһин
    Н. Неустроев

«А» буукуба