ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кыбылын

туохтуур

Нууччалыы с трудом поместиться; втиснуться, вклиниться в узкое место. [Тииҥ] уйатыгар кыбыллан киирэн сытынан кэбиспитэ

Ис хоһооно · 6

1 туохтуур #

Олус кыра, кыараҕас сиргэ (миэстэҕэ) нэһиилэ бат, батан киир

Нууччалыы С трудом поместиться; втиснуться, вклиниться в узкое место. [Тииҥ] уйатыгар кыбыллан киирэн сытынан кэбиспитэ

  • Лена биир нуучча уолунаан киирэннэр, оҕолор сыҕайсан биэрбит миэстэлэригэр кыбыллан олордулар. Суол т. Уол оптуобус кэлбитигэр киирэн дьон быыһыгар кыбыллан турда
    Чолбон

2 туохтуур #

Кыараҕас сиргэ ыга киирэн, иҥнэн, кыайан хамсаабат, босхолонор кыаҕа суох буол

Нууччалыы Быть зажатым, стиснутым со всех сторон; застрять где-л., в чем-л

  • Мин соһуйдум, ааны саба баттаатым, өлүү болдьохтоох, бөрө тахсан иһэн халҕаҥҥа моонньуттан кыбылынна.
    Т. Сметанин
  • Байбааскы, учуутал икки ытыһыгар кыбыллан туран, бэркэ кэмчиэрийэ-кэмчиэрийэ: "Байбааскыбын", - диэбитэ. Дьүөгэ Ааныстыырап. Туртаһы сүүрүк сылбахха сыбаабыта, туртас икки талах икки ардыгар кыбыллан хаалан баран, төбөтүн ньолбоччу быраҕан, хамсаабакка сыппыта
    И. Федосеев

3 туохтуур #

Эбиискэ курдук киирэн биэр, эбилин

Нууччалыы Примешиваться; вклиниваться

  • Кийииппит биэҕэ быһа тэптэрэн, өлөн эрэр. Онон, айаҕалыы сатаан, тииһик кыбылыннаҕа диэн эйигин ыҥыртардыбыт.
    Эрилик Эристиин
  • Дельта сирдэрин ааттара, үгүс булкааһыга суох, уу сахалыы эбиттэр. Нууччалыы аат диэн биир эмит кыбыллан ааһар. Багдарыын Сүлбэ. Володя кыһыытыгар-абатыгар аны кыбыстыы санаата кыбылынна
    ХС

4 туохтуур #

сүөл. Туохха эмэ туораттан кыттыһан, орооһон, үчүгэйэ суох быһыыга киир, түбэс

Нууччалыы Впутаться, ввязаться во что-л., скверное, вмешиваться, влезать во что-л

  • этиигэ кыбыллан Алгыс уолчаан айманна.
    Р. Баҕатаайыскай
  • [Ат сүүрдүүтүн ыытары көҥүллүүртэн бэрэссэдээтэл мунаарбыта], ол эрээри кэтэмэҕэйдээбитэ, онно-манна кыбыллыам диэн сэрэхэдийбитэ.
    И. Федосеев
  • Мин бу дьыалаҕа кыбыллыахпын олох баҕарбатаҕым
    М. Попов

5 туохтуур #

Ыалга дьукаах эбэтэр ханна эмэ кыараҕастык олор

Нууччалыы Не имея своего жилья, занимать угол у кого-л., тесниться у кого-л

  • Ыларовтаах олохтоох ааталар, сорох дьон этэринэн, "сүрэҕэ суох буоланнар," ол саҕана уйа туттубатахтар, ыалларга кыбыллан олорор үгэстээхтэр эбит.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Эн биир эмэ тыа дьоно түһэр ыалларын хайа эмэ муннуктарыгар-ханныктарыгар кыбылыннаххына баһыыба буолара.
    Н. Заболоцкай
  • Бэйэбит бас билэр дьиэтэ суох буоламмыт, үксүн ыалга кыбыллан олорорбут
    ХС

6 этии #

Нууччалыы Используется в тех случаях, когда в однородную среду попадает что-л. инородное, или когда во что-л. хорошее, доброе примешивается что-л. досадно неприятное (букв. как железа в жире)

Этиилэр

Икки уот икки ардыгар (кыбылын) көр икки I

Бу кэмҥэ түрмэ кыһыл да, биэлэй да илиитигэр суох буолан икки уот икки ардыгар кыбыллан олорбута. Эрилик Эристиин. Сыа быыһыгар быччархай кыттыспытыгар (кыбыллыбытыгар) дылы - үчүгэйгэ куһаҕан булкуспутун эбэтэр сыһыана суох атын кыттыспытын этэллэр Ол эрээри, сыаҕа быччархай кыбыллыбытын курдук, куһаҕан дьон ортотугар ыраас өйдөөх-санаалаах дьон уонна сыа быыһыгар быччархай кыбыллыбытыгар дылы, уһун солкуобайы эккирэтээччилэр, аакка-суолга баҕалаахтар элбэхтик кэлбиттэрэ. "Сахаада". Ырыыска быыһыгар (кыбылын) түөлбэ. көр икки уот икки ардыгар (кыбылын). Дьэ ырыыска быыһыгар кыбыллыбыт эрэйдээх эн баар эбик кин. У. Нуолур. чох кыбыллыбыт - кыһалҕаҕа ылларан, олус кыһарыйтарбыт, ыксаабыт, ыгылыйбыт.

Впасть в состояние крайнего беспокойства, тревоги, волнения; не находить себе места.

  • [Күкүр Уус:] Сордоох, куттаҕаһа диэн кыыл! Дьэ, үчүгэйдик чох кыбыллан сылдьар быһыылаах. Суорун Омоллоон

«К» буукуба