ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

боптор

туохтуур

Нууччалыы впадать в спазматическое удушье, испытывать удушье, задыхаться

1 туохтуур #

боп диэнтэн дьаһ. туһ. Бука, утарылаһааччылара эпэрээссийэлиирин да бопторуохтара эбитэ буолуо, ону Томмот Иванович билэн эрдэҕэ. Г. Угаров

2 туохтуур #

Тыыныҥ хаайтар

Нууччалыы Впадать в спазматическое удушье, испытывать удушье, задыхаться

  • Онтон ыла уол сүрэх ыарыы, сотору-сотору бопторон уҥар, туох да дэҥи көрбөт өмүрэх буолар.
    Болот Боотур
  • Макар бопторон хаһыытыы-үөгүлүү, мөхсө сатыыр да, туох да өрүһүлтэтэ суох аллара тимирэн барар. Дьүөгэ Ааныстыырап. Тыына хаайтаран, бопторон ыла-ыла төлүтэ тыыммахтаан, кини ытаан ыҥырҕайдаан барда
    Амма Аччыгыйа

3 туохтуур #

Кыайан хамсаабат гына хам ыллар, бобулун, бүөлэн

Нууччалыы Терять свободу движения, будучи скованным, зажатым или заложенным чем-л

  • Модунуктуур дьылларбыт Бобон-бохсон боһуйда, Босхолуура ууларбыт Модун мууска боптордо.
    А. Софронов
  • Чокуур сүрэҕин туттан, Доҕорун аһыйа олордо... Ыллыа эбит даа, ырыата Хараҕын уутугар боптордо
    Эллэй

«Б» буукуба