Перевод с якутского
кыбын
туохтуур
Нууччалыы держать что-л. под мышкой
1 туохтуур #
Илииҥ уонна ойоҕоһун икки ардыгар тугу эмэ кыбыта тут
Нууччалыы Держать что-л. под мышкой
Киһим хонноҕун анныгар устурууһу кыбыммыт, илиитигэр сүгэни туппут. Н. Неустроев [Суоппуйа:] Сүүрэ-көтө сылдьан төрүүрүм. Сарсыарда бурдук быһа баран бараммын, киэһэ төрөөн, оҕобун кыбынан кэлэрим. Эрилик Эристиин Шагуров туран били охтубут киһини плащ-палаткатыгар суулуур да, кыбынан кэбиһэр уонна бэйэтин дьонун диэки оргууй аҕай аадайа турар Т. Сметанин
2 этии #
Кугас ыт холун кыбынаайаҕын түөлбэ. - саарбах дьыаланы тэриммит киһини букатын эстээйэҕин диэн сэрэтэн этии Саарбах дьыаланы тэринэн кугас ыт холун кыбынаайаҕын. Кутуругун быһа кыбына сылдьар - куттанан, ыксаан сылдьар. соотв. ходит, поджав хвост (о человеке, напуганном чем-л.). Буруйу оҥорон кутталыгар кутуругун быһа кыбына сылдьар
Нууччалыы Как бы тебе не остаться ни с чем