ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дьуоҕар

туохтуур

Нууччалыы тонуть, проваливаться в топь, грязь. [Борохуот] Өлүөнэ өрүс өһөҕөр Дьөлө дьуоҕара сытар Дьуос дьаакыр тыҥыраҕын төлөрүтүннэ

1 туохтуур #

Дьэбэрэҕэ түс, тимир

Нууччалыы Тонуть, проваливаться в топь, грязь. [Борохуот] Өлүөнэ өрүс өһөҕөр Дьөлө дьуоҕара сытар Дьуос дьаакыр тыҥыраҕын төлөрүтүннэ

  • [Удаҕан дүҥүрэ] Супту сурулаан -- Хара дьэбилгэ бадарааҥҥа Хампы түһэн Дьөлө дьуоҕаран хаалла.
    П. Ядрихинскай
  • Кылбайар сытыы ыстаалбыт, Кырыылаах, кылааннаах анньыыбыт Уу анныгар дьуоҕара тимирдэҕэ, Оо, күн сириттэн мэлийдэҕэ.
    С. Васильев
  • Тымныыга балык дьуоҕарар
    СГФ СКТ

2 туохтуур #

сөбүлээб. Хаһан да арахсыа суох курдук биир сиргэ өр буол

Нууччалыы Задержаться, застрять в одном месте

  • Никодим аҕабыыт хамсыа суох курдук тура дьуоҕарбыт сириттэн уларыйан, түннүктэн түннүккэ өндөлдьүйэн көрө-көрө, хаама сылдьыбыта.
    Эрилик Эристиин
  • Бырааба дьиэ иһигэр улуус кулубалара, нэһилиэк кинээстэрэ дьөлө дьуоҕаран, хааннара-сииннэрэ алдьанан олороллор
    М. Доҕордуурап

3 туохтуур #

сөбүлээб. Киһи өйүгэр-санаатыгар иҥ (куһаҕан санаа-оноо)

Нууччалыы Оставлять неприятный осадок, тяжелое чувство на душе человека, оседать в памяти

  • Хата атынынан аралдьытыах баара. Оччоҕо бу куту-сүрү баттаан дьуоҕарбыт санаа-оноо дьайҕарыах этэ.
    Н. Лугинов
  • Бу тымныы туманын быыһыттан кылам гыммыт үөрүүгэ бас бэриммэккэ, ол санаа дууһа түгэҕэр дьаакыр буолан дьуоҕарда
    ХС

«ДЬ» буукуба