ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тимир

аат тыл, туохтуур, даҕааһын, аат

Нууччалыы тонуть, погружаться, проваливаться во что-л.

English iron

Ис хоһооно · 8
I

1 туохтуур #

Кыайан уйдарбакка туох эмэ иһигэр көстүбэт буола киирэн хаал (хол., ууга)

Нууччалыы Тонуть, погружаться, проваливаться во что-л. (напр., в воду)

  • Хаарга тимир.
  • Ууга тимирбэт, уокка умайбат баар үһү (тааб.: муус). Тимириэм диэн куттанан, илиитинэн-атаҕынан харса суох булумахтанна да, тимирбэтэ.
    И. Данилов
  • "Абырааҥ... өрүһүйүҥ! " - диэн дьахтар, тимирэ-тимирэ көбөн, ууга чачайа-чачайа, хаһыытыыра күүһүрэн истэ
    Т. Сметанин
Өссө холобурдар (1)
  • Ууга ыллар, уу анныгар буол. Θ Оказаться под водой, затонуть. Өрүс уута таһымнаан, бүтүн уобалас тимирбит
    Амма Аччыгыйа

2 туохтуур #

Намтаан туох эмэ күлүгэр түс (хол., күнү этэргэ)

Нууччалыы Опускаться, садиться, прятаться (напр., о солнце)

  • Кэлтэгэй ый -- өрүс үрдүк арҕастаах таас хайатын кэтэҕэр киирэн, тимирэн хаалла.
    Эрилик Эристиин
  • Күн арҕаа тыа кэтэҕэр тимирбитэ син балачча буолла.
    С. Никифоров
  • Былыттар көтөллөр соҕуруу Күн былыт кэтэҕэр тимирдэ
    Баал Хабырыыс

3 туохтуур #

Ханна эмэ баран баран өр буол, сүтэн хаал

Нууччалыы Исчезнуть, пропасть неизвестно куда, запропаститься

  • Итиннэ дьөлө тимирэн туруоҥ дуо, муускун киллэрэн уулаамына?
    Эрилик Эристиин
  • Тоҕо Ньидьили түгэҕэр дьөлө тимирэн сыппытым буолуой? Ол саҕана бу да диэки сылдьыбыт буолбатахпыан.
    Н. Якутскай
  • Дэриэбинэҕэ тахсыаҥ да, тимирэн хаалыаҥ
    В. Гаврильева

4 этии #

Нууччалыы Не знать, куда деваться (напр., от гнета, гонения)

Этиилэр

Сиргэ (сирдээн) эрэ тимирбэтэ көр сир II

Ойох киһи истиэр Олус куһаҕаннык этитэн, Сирэйим саатан Сиргэ эрэ тимирбэтим. П. Ойуунускай. Хата ааранан мин саатан сирдээн эрэ тимирбэтим. "ХС". Таастыы тимирдэ - сураҕа суох сүттэ.

соотв. как в воду кануть.

Өссө холобурдар (3)
  • Минпроска киирэн баран таастыы тимирбит. ФЕВ Дь
    С. Тэҥн
  • сирдээн тимирдэ [халлааннаан көттө]. Тимирэ-тимирэ күөрэйэр - үгүс эрэйи, кыһалҕаны төлө түһэн тиийэн кэл, киһи буол. Выжить, преодолев серьёзные испытания и лишения. Аны биирдэ дьүһүн кубулунан, Быста быста салҕанан, тимирэ-тимирэ күөрэйэн, Өлө-өлө тиллэн көрүөҕүҥ.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Тэҥн. быста-быста салҕан. Ср. эвенк. тымирде-ми, тымир-ми ʻтонутьʼ
II

5 аат тыл #

Тиэхиньикэҕэ киэҥник туттуллар килбэчигэс сырдык дьүһүннээх кытаанах металл (күннээҕи олоххо чугуун, ыстаал суортарын тимир диибит)

Нууччалыы Железо. Харайбатахха, тимир да дьэбиннирэр (өс хоһ.). Аҕа дойду кырыктаах сэриитин бириэмэтигэр боруоҥҥа көмөҕө элбэх тимир наада буолбута. МАП ЧУу. Үгүс дэтээллэр чугуунтан уонна ыстаалтан оҥоһуллаллар. Кинилэр иккиэн - тимир уонна углерод холбоһуктара. ННС ЧАа. // Маннык састааптаах химиичэскэй элэмиэн. Химический элемент, железо. Тимир хаан үөскүүрүгэр улахан суолталаах, хаан кыһыл эттиктэрин быстыспат сорҕото буолар. ТИиС. Тимир эккэ, оҕурсуга, биэ эмиийигэр, -- кыһыл хаппыыстаҕа элбэх. ФВН ТС. Сибиэһэй дьэдьэн отоно тимиринэн баай буолан, хаан ыарыытыгар туһалаах. ТКП ТДЭҮү

6 даҕааһын #

суолт. Тимиртэн оҥоһуллубут

Нууччалыы Сделанный из железа, содержащий железо, железный

  • Ваня оҥоойук оҥостуммут тимир куруускатын болтуотун сиэбигэр симинэ оҕуста.
    Амма Аччыгыйа
  • [Глафира] таҥара дьиэтин тимир аҕыраадатыгар тиийиэхтэригэр диэри тугу да саҥарбата.
    Л. Попов
  • Тимир күрдьэҕинэн туой курдук чиҥ буору эһэн күөрэлдьиппитинэн бардылар
    М. Доҕордуурап

7 этии #

Тимир бэлэс кэпс. - олус улахан куоластаах; улаханнык саҥарар (ыллыыр, хаһыытыыр о. д. а.) а, бу киһи, кыра оҕоҕо дылы сири-дойдуну аймаан тугун сүрэй, обургум күөмэйэ да бүппэтэ бэрт ээ, дьэ үчүгэй тимир бэлэс, - диирэ. С. Новиков.

Нууччалыы соотв. луженая глотка; медная глотка

Этиилэр

Тимир дьиссипилиинэ

- кытаанах дьиссипилиинэ.

Железная дисциплина.

  • Тимир дьиссипилиинэ наадатын туһунан биһиэхэ хаста бэсиэдэ оҥордулар этэй? Толороргор тиийиэҕин.
    И. Гоголев
  • Билигин биһиги бэйэ-бэйэбитин өйдөһөрбүт, биир санаалаах, тимир дьиссипилиинэлээх буоларбыт наада.
    Болот Боотур
Өссө холобурдар (6)
  • Тимир дьиссипилиинэ - бу буолар Кыһыл Аармыйаҕа аан маҥнайгыттан туруоруллубут модьуйуу. ЯЕМ СБСБС. Тимир илии (ытыс) сөбүлээб. - күтүр, кэччэгэй киһи.; Стремящийся любой ценой избежать расходов, чрезвычайно скупой. Тимир ытыс, олус да күтүргүн, бу дуо түөрт уон сааскар тиийэн баран эргэ барбытыҥ малааһына.
    А. Сыромятникова
  • Бу киһи кэргэнэ дьэ, кырдьык, дьиҥнээх тимир илии этэ. Табаны хамначчыкка биэрбэт туһугар эрэ, бииргэ төрөөбүт быраатын үлэлэппитэ. "Чолбон". Тимир курдук - кытаанах, халбаҥнаабат, бигэ. Непоколебимый, несгибаемый, стойкий. Кини хоодуот-хорсун быһыытыгар, тимир курдук күүстээх санаатыгар саарбаҕалаабат этилэр.
    К. Симонов
  • - Даа, табаарыс Сталин тимир курдук кытаанах, киэҥ көҕүстээх киһи буолбатаҕа буоллар, хайдах буолуох эбиппит буолла, - диэтэ Пикин.
    К. Симонов
  • Тимир сиппииринэн (миинньигинэн) сиппий (миинньиктээ) - кими, тугу эмэ харыстаабакка суох оҥор, суох гын. соотв. выжигать калёным железом что-л. Күҥүл биһикки улааттахпытына эһигини тимир миинньигинэн миинньиктиэхпит! Сэрэниҥ, сиэхситтэр, сэрэниҥ!
    Суорун Омоллоон
  • Кинилэр биһиги сэссийэлиисимҥэ барар киэҥ айаммыт суолугар туора турар буоллахтарына, тимир сиппииринэн сир үрдүттэн сиппийиэх тустаахпыт.
    Болот Боотур
  • Күөх истэри, бурсуйдары өрө көрдөрбөккө самнары охсор, кинилэри тимир сиппииринэн сиппийэр иннигэр Саха уобалаһыгар -- өрөпкүөм диэн байыаннай диктатура өрөбөлүүссүйүөннэй суута тэриллэр. Бэс Дьарааһын. Тимир сүрэхтээх - аһыныгаһа суох, муус сүрэхтээх. соотв. каменное сердце. Соҕотох оҕоҕун кыайан иитиминэ холкуос хотонугар умса анньаҕын дуо? Дьэ, тимир сүрэхтээх аҕаҕын.
    М. Доҕордуурап

Тимир тириитин кэппит көр кэт

  • Тимир тириитин кэтэн, Илгистэ-дьигиһийэ олорор.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Эрэйдээх, эмиэ тимир тириигин кэтээхтээтиҥ. Туох буолбут өһөс, куруубай киһигиний?
    В. Яковлев
Өссө холобурдар (1)
  • Урут кистэнэ, ньылбыйа сылдьыбыт өстөөхтөр былааһы ылаат да, тимир тириилэрин кэппиттэрэ. И. Федосеев

8 этии #

Нууччалыы Твёрдое, закалённое железо (подходящее для изготовления топора)

Этиилэр

Тимир сааҕа көр саах

Туртайа кытарбыт болгуоттан Тоҕо тимир сааҕа тула ыспат буолуоҕай. С. Васильев. Ылыллыбыт болгуо көпсөркөйө тимир сааҕынан [шлагынан], чох эмтэркэйинэн бүрүллэ сылдьар буолара. МАП ЧУу. Тимир суол - пуойас айанныырыгар аналлаах тимир ыллыктардаах суол.

Железная дорога.

  • Саха сиригэр бастакы Тимир суол ыстаансыйатын Тутуутун саҕалаатыбыт, "Нагорнай" диэн ааттаатыбыт.
    М. Ефимов
  • Тимир суол Дьокуускайга Амма өрүһү үрдүнэн кэлиэҕэ.
    В. Титов
Өссө холобурдар (1)
  • Модун очуос таастары дьөлө үүттээн тимир суол тардыллар туннелларын оҥоруохтара. "Кыым". Тимир тааһа - дьэбин өҥүн курдук дьүһүннээх таас (уматан болгуону ылаллар). Бурый железняк, сферосидерит. Көмөр үрдүгэр биэдэрэ аҥаарын кэриҥэ кыраламмыт тимир тааһын тарҕата куталлара. МАП ЧУу. Умайбыт тимир тааһа бытарыйымтыа буолар. МАП ЧУу. Тимир уруудата - сиртэн хостонор туһалаах баай (чугууну, ыстаалы уһааран, уулларан ылаллар). Железная руда. Таас чох, тимир уруудата, таас барыта манна [Алдаҥҥа] баар. Хорсуттар с. [Тимир үйэ дьоно] тимир уруудатын хомуйан, үлтү сынньан -- уһааран, уулларан -- араас тимир сэптэри оҥорон барбыттара. МАП ЧУу. Тимир уруудатын сүдү суолталаах субуойустубата - ууллумтуо. МЛФ АҮө.

Тимир ууһа көр уус

Көкөт Сэмэн, тимир ууһун курдук оһох чанчыгар олорон, уот өһөн бардаҕын аайы күөдьүтэн истэ. Эрилик Эристиин. Мин тимир ууһабын, Аармыйаҕа ол идэбинэн үлэлээбитим. С. Ефремов. Үрдүк Айыыларга саамай чугас дьонунан тимир уустара буолаллар. МАП ЧУу. Тимир үйэтэ археол. - киһи тимиртэн аан маҥнай сэп-сэбиргэл оҥостор буолбут кэмэ.

Железный век.

  • Тимир үйэ кэхтэр кэмэ, Тимир үйэ көтөр күнэ Син биир үтэн-үллэн кэлиэҕэ.
    П. Ойуунускай
  • Кэнэҕэс ити амтыын кырыыстар дэлэйдэхтэринэ, тимир үйэ кэлиэ.
    Р. Кулаковскай
Өссө холобурдар (2)
  • Тимир эрбэһин биол. - дороххой уһун умнастаах, салбахтардаах сэбирдэхтээх биир сыллаах сыыс от. Дескурайния струйчатая (вид растения). Сүөһүбүт халдьаайылар халтаҥ буордарыгар онон-манан абыр-табыр үүммүт тимир эрбэһиннэри кирэ сатыы сылдьар.
    Амма Аччыгыйа
  • Үс сайын устата халлаантан сиик түспэккэ, урукку быйаҥнаах бааһыналар -- тимир эрбэһининэн тэлгэммиттэрэ. ФСВ С. Саха сиригэр тарҕаммыт биир сыллаах сыыс отторунан тимир эрбэһин [дескурайния струйчатая], -- сытыган эрбэһин [полынь] уо. д. а. буолаллар. ПАК НТ. Тыһы тимир - сымнаҕас хатарыылаах үчүгэй хаачыстыбалаах тимир (быһах, кытаҕас эҥин оҥорорго тут-лар). Железо хорошего качества (самое подходящее для изготовления ножей, клещей). Кытаҕаһы тыһы тимиринэн оҥороллоро. МАП ЧУу.

Хаарбах тимир көр хаарбах

  • Оскуола үөрэнээччилэрэ күһүн-саас хаарбах тимири хомуйар үгэстээхтэр.
    ББ
  • Үөрэнээччилэри икки аҥаар туона хаарбах тимири хомуйарга сорудахтаабыттар. ВНЯ
    М. Ср
Өссө холобурдар (1)
  • др. -тюрк., тюрк. темир, тимер, тимир

«Т» буукуба