Перевод с якутского
уус
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы квалифицированный работник, мастер
English smith, master, expert, craftsman
Ис хоһооно · 6
1 аат тыл #
1. аат. маһынан, тимиринэн, көмүһүнэн ол-бу оҥоһуктары оҥорууга идэтийбит, бэйэтин дьыалатын үчүгэйдик баһылаабыт киһи
Нууччалыы Квалифицированный работник, мастер (обычно в области кузнечного, столярного, ювелирного дела)
Ууһу кытта олорор тс буолар (өс хоһ.). Бу дьон хамсаларын үчгэйдик сирийэн көрөр буоллар, хайалара ууһун, хайалара салаҥын бэрт үчгэйдик өйдүөххэ сөп этэ. Н. Якутскай [Чокураап:] Эн үчүгэй уускун бэркэ билэбин. С. Ефремов Уус кэллэҕинэ уора-көстө оҥоруоҕа, бэркэ буоллаҕына, биэс-түөрт күн хойутуохпут. М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (3)
2. даҕ. суолт. Тугу эмэ ураннык, үчүгэйдик оҥорор (киһи). Θ Мастеровитый, умеющий искусно, хорошо делать что-л. своими руками. Улахан уус дьоҕурдаах буолан, наар тутуу үлэтигэр сылдьыбыта. М. Доҕордуурап [Чокураап:] Манна араас мастарыскыайдар аһыллыахтара, онно уус дьоннор улахан наада буолуохтара. С. Ефремов Сүөкүлэ сүрдээх уус, иистэнньэҥ Дьуон Дьаҥылы
2 этии #
Нууччалыы Одарённый красноречием, красноречивый, речистый человек
Этиилэр
Тыһы кылы тыыра этэр уус тыллаах көр тыһы
Биһи нэһилиэккэ Ньыыканап Бүөтүр (Туруору Кыламан) диэн тыһы кылы тыыра этэр уус тыллаах оҕонньор баар этэ. ХС
Устар ууну сомоҕолуур көр сомоҕолоо
[Кцбэйээнэ эмээхсин] хааттан хостуур курдук иҥнигэһэ суох сэһэргиир. Устар ууну сомоҕолуур уус тыллаах. И. Данилов Устар ууну сомоҕолуур Уус тыллаах поэт идэтэ Дьааҥы тааһыгар суол солуур Дьаныардаах үлэ кэриэтэ. Баал Хабырыыс
Уус тарбахтаах
көмүс тарбахтаах диэн курдук (көр көмүс II).
Аркадий иис тарбахтаах атамаана. Н. Босиков Айылҕаттан бэриллибит уус тарбахтаах буолан абыраммыт киһи. Өрүү ыҥырыыга, хайҕалга сылдьар. У. Ойуур
Уус тыллаах
ураннык, ойуулаан, кыраһыабайдык саҥарар киһи Алексей эдэригэр наһаа көрдөөх, олус уус тыллаах киһи этэ.
Эн [Таатта] киэҥ иэҥҥэр уус тыллаах Эриэккэһэ элбээтин, Кыһыл көмүс сулустаах Үгүс дьоруой үөскээтин! Эллэй. [Яков] атын ким эрэ уус тыллаах устар ууну сомоҕолоон эрэрин курдук, бэйэтин тылын бэйэтэ иһиллии, бэккиһии турда. Н. Заболоцкай
Уус тылы дьаарыстаа
тылы араастаан эрийэн-мускуйан, силистээн-мутуктаан саҥар; ойуулаан-дьүһүннээн, уобарастаан кэпсээ.
Говорить цветисто, выражаться изысканно; излагать что-л. ярко, образно.
Олоҥхоһут оллоонноон олорон этэн-тыынан, уус тылы дьаарыстаан киирэн барда. НАГ ЯРФС II
3 этии #
Нууччалыы Медник. Аҕыс алтан уустара. Тоҕус көмүс кутааччы Уоннарыктаах хаарыттан Олохсутан куппут дуу, Анаан туран таппыт дуу, -- Сэттэ тэлии көмүс элээннээх симэхтэрдээх кылдьыытын Килэдиччи кэппит ньии. С. Зверев. Көмүс ууһа көр көмүс II. Биэртэрэ эйиэхэ бэлэҕи — Ытарҕаны, биһилэҕи. Маны ханнык көмүс ууһа Куппута, аалбыта буолуой? Баал Хабырыыс. Мас ууһа көр мас. Кини мас ууһун бастыҥа, оттон ийэм икки илиилээҕи иннигэр түһэрбэтэх бурдук быһааччы этэ. Ф. Софронов. Манна сүрдээх уран тарбахтаах иистэнньэҥнэр, мындыр мас уустара олорбуттара. «ББ». Кини үчүгэй мас ууһа этэ. С. Федотов. Тимир ууһа — тимири уһааран онтон араас сэби-сэбиргэли оҥорорго идэтийбит уус. Кузнец. Буотама үрэх тимири- нэн эмиэ биллэрэ. Тимир уустара манна болгуолары уһаарар оһохторо бааллара. Ойуку. Сөкөр Сахаар диэн тимир ууһун аҕалан булуук, боромньу абырахтаттылар. С. Маисов. Савва Гаврильевич тимир ууһа Антон Григорьевичка көмөлөһөөччүнэн ананар. «Кыым». Тыл ууһа — 1) тыл ойуулуур-дьүһүннүүр күүһэ, тыл ойуулуур сүмэтэ. Художественная, изобразительная сила слова. Кулакуоскай ырыатын ылан көрдөххө, -- тыла ууһун, хоһооно кэрэтин даа! Эрилик Эристиин. Ханнык да байым тыл ууһунан Мин кыайан туойбаппын алааспын. А. Попов. Ол иһин тылым ууһун Оонньуур уоттаах кустуга Дьоллоох сааһым ойуурун Солкотунуун куустуһар. Баал Хабырыыс; 2) тыл маастара, суруйааччы. Мастер слова, писатель. Литературнай-критическэй үлэ биир дьоһуннаах туһаайыыта тыл уустара бэйэлэрэ литература туһунан санааларын этиилэрэ, суруйуулара буолар. СГС ӨСҮДь. Уус дьахтар — иискэ, баайыыга, оһуорга-бичиккэ олус дьоҕурдаах дьахтар. Искусница в рукоделии, рукодельница, мастерица. Уруккуттан үлэхтээх Уус дьахтары булан оҥоттордулар. Өксөкүлээх Өлөксөй. Тумул үрдэ сир симэҕинэн киэргэнэн, уус дьахтар аспыт оһуорун курдук, киэркэйэн көһүннэ. М. Доҕордуурап. Уйаара-кэйээрэ биллибэт киэҥ туундараҕа үлэлиир эрэ киһи барыта уус дьахтары ордук ытыктыыр, кини үлэтин үрдүктүк сыаналыыр. «Кыым». Уус тыл көр тыл II. Уус тылым дорҕооно -- Сүрэххэр-быаргар иҥнин диэн — Үҥэн-сүктэн Сүгүрүйэн эрэбин. С. Зверев. Оҕо сааспыттан Уус тыл ухханыгар Умсугуйан улааппытым. А. Попов. Дьиҥнээх таптал, дириҥ таптал Эмиэ сатаан этиллибэт, Хайдахтаах да нарын-наскыл Уус тылынан бэриллибэт. П. Тобуруокап. Ср. др.-тюрк. уус ‘искусный’
Этиилэр
Алтан ууһа
алтаны уһааран онуманы оҥорорго идэтийбит уус
4 аат тыл #
1. Биир төрүттээх хаан уруу дьон
Нууччалыы Кровные родственники, люди из одного рода
Онно Кыбый-Тыбый удаҕан кыыран, атаҕар [Бэрт Хараҕа] силлээн, силис үөнүн чупчуруйан ылар, — «Кэнэҕэс ыччатыҥ, ууһуҥ доҕолоҥ буолуохтара, хаҥас өттүлэринэн», — диир. Саха фольк Бу Дьүлэй уустара — Былатыан [Ойуунускай] төрөөбүт таайдара.
Суорун Омоллоон2. Хамныыр-харамай, үүнээйи көрүҥэ. Θ Вид, род животных и растений. Хаас ууһа. Сэлиэһинэй туспа ууһа. П Биир ууска сибэккилэрин уонна астарын эрэ оҥоһуутунан буолбакка, сэбирдэхтэрин, умнастарын уонна силистэрин пуормаларын эмиэ атылыы үүнээйилэри холбууллар. КВА Б. Чугасаһар көрүҥнэри уустарга, чугасаһар уустары кэргэннэргэ холбооттууллар. ББЕ З. 2. Дьон итэҕэлинэн, кылааһынан, дьахтарынан-эр киһитинэн уо. д. а. арааһа. Θ Деление людей по какому-л. признаку (напр., по полу). [Нүһэр Дархан:] Мин тойон ууһун удьуора буолабын. Ытык киһи ыччата, атаһыам, Аччыгыйтан астыммат, кыраттан дуоһуйбат. И. Гоголев
Өссө холобурдар (1)
«Уһун эрээсэ Уоруйах киһиэхэ Олус ньыма таҥас эбит. Ол иһин... Уһун баттахтаах ууһа Уутуйан таптаан Устубаттар эбит», — диэн Бытыгын быыһынан Быр-быр күлэн, Быарын тарбаан Быыһыгырыы турда. Күн дьирибинэ
5 этии #
Этиилэр
Ээх ууһун дьоно
ээх ууһуттан кэлбит киһи диэн курдук (көр ээх)
6 этии #
Нууччалыы Весь народ; всё племя якутов (в фольклоре противопоставляется племени злых духов-абааһы — букв. люди солнечных лучей)
Этиилэр
Аҕа ууһа көр аҕа
Атын аҕа уустарын Ааттаахтарыгар атаҕастаппакка, Аалсар-анньыһар гына, Айылгылаах санааҕытынан Алҕаан-айхаллаан атаарыҥ! А. Софронов Кыамматтарга, умнаһыттарга, ыарыһахтарга сахалар былыр аҕа ууһунан көмөлөһөр, кинилэри иитэр үтүө үгэстээхтэрэ. В. Кондаков
Биис ууһа көр биис I
Биллэн турар, бэйдиэ кэлбэтэҕим, Биллибэт биис уустарын, туспа дойдулары Билиэхпин-көрүөхпун олус баҕарбытым. И. Гоголев
Булчут биис ууһун удьуорабын
Хааммар баай Байанай алгыһа кыайыахтаах.
А. Попов.
Ийэ ууһа көр ийэ
Этэҥҥэ сылдьан, кини оҕолоох-уруулаах дьахтар буолара буоллар, биһиги ийэ ууһа быстыа суоҕа этибит.
Суорун ОмоллоонХаннык эрэ атах-бытах киһи буолбатах, бүтүн ийэ ууһун маанылаах ыччата атаҕастаммыта барыларын үрдүнэн баттыгас курдук көстүбүт. Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (4)
Урдаах алааһы бас билэн, ходуһа оҥостон бүтүн биир ийэ ууһа ыаллар олороллор. В. Протодьяконов Күн ууһа миф. — дьон-сэргэ; саха бүтүннүүтэ (нор. айымньытыгар абааһы аймаҕар утары туруоруллар) «Аны бу биһиги көрөр сирбит абааһы сирэ буолуо буоллаҕа дуу, хайдах дуу. Туох аны өрүһүйүөй биһигини, айыы аймаҕын. күн ууһун». — дэстилэр. Саха фольк Көхсүттэн тэһииннээх Күн ууһуттан. Арҕаһыттан тэһииннээх Айыы-хаан аймаҕыттан Саха Саарын тойону. Сабыйа Баай хотуну [олохтообуттар].
П. ОйуунускайСр. др.-тюрк. оҕуш ‘род. племя; каста; род. класс. порода’