ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

аҕа

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы отец

English father

Ис хоһооно · 7
I

1 аат тыл #

1. Оҕолоох эр киһи (оҕотугар, оҕолоругар сыһыаннаан этиигэ)

Нууччалыы Отец (детей)

  • Хара киһи - Микиитэлээх Өлөксөй аҕалара - Лэглээр уола Дьөгүөрдээн эбит.
    Амма Аччыгыйа
  • Иһит, доҕоруом, ытыктаа Ийэҥ тылын, аҕаҥ тылын, Хомотума, ытатыма, киһилии кэпсэт эбэҕиниин!
    С. Данилов
  • Төрөппүт аҕа, ийэ аатын Түһэн эрэ биэримэҥ! Аҕа алгыһын ыланнар, Уолаттар тарҕастылар
    Эллэй

2 аат тыл #

Кимтэн эмэ (үксүгэр этиллэр, этэр, ахтыллар киһиттэн, дьоннортон) элбэх саастаах, сааһынан баһыйар киһи (дьон)

Нууччалыы Старший (старшие) по возрасту

  • Намыын оҕонньор сааһа сүүс уон үһэ. Оҕонньор Чүөчээскиттэн оруобуна сүүс эрэ сылынан аҕа.
    Суорун Омоллоон
  • Максим оҕо эрдэҕиттэн аҕа дьон тылын хаһан да быһа гыммакка үөрэммитэ.
    Н. Лугинов
  • Нахов сааһынан Сергей Петровичтыын утаа-сабаа быһыылаах да, быдан аҕа курдук көстөр. Софр
    Данилов
Өссө холобурдар (4)
  • Кырдьаҕас, ааспыт көлүөнэ дьоно (билиҥҥи көлүөнэҕэ, эдэрдэргэ сыһыаннаан этиигэ). Θ Старшее поколение (по отношению к молодому). Бу Кыһыл Знамя аннынан Аҕаларбыт Интернационалы ыллыыллара
    П. Тулааһынап
  • Кини миигиттэн аҕа охсооччу.
  • Уол сааһынан да, солотунан да аҕа киһиэхэ куруубайдаабытын кэмсинэн, күлүүгэ-оонньууга аралдьытан кэбиһиэн баҕарда быһыылаах.
    Амма Аччыгыйа
  • Ср. тюрк. аҕа ‘старший брат’, ‘отец’

3 аат тыл #

Дьон ытыктыыр, сүгүрүйэр, бас-көс туттар киһилэрэ

Нууччалыы Самый уважаемый, почитаемый человек; защита и опора, глава, вождь

  • Сүүһүнэн ыаллаах учаастак биригээдэ аҕатынан "ыал аайы баар киһи" талыллыбата чахчы.
    С. Федотов
  • Кэс тылларын эппиттэр аан дойду аатырбыт аҕа физиктэрэ.
    В. Яковлев
  • Аҕа тойонуом, аһын! Алҕаспын хааллар, Аныгы буруйум буоллун
    А. Софронов

4 аат тыл #

Тугу эмэни төрүттээччи, саҕалааччы (үксүгэр улахан общественнай-культурнай суолталаах дьыаланы)

Нууччалыы Основоположник, основатель, родоначальник

  • Ааптар кинигэтигэр бэйэтин оҕо сааһын туһунан ахтыыны киллэрбитэ, биһиги литературабыт аҕата А. Е. Кулаковскай олоҕуттан сырдаппыта олус кэрэхсэбиллээх, махталлаах суол. КНЗ ОТК. Эбээн литературатын аҕата Николай Саввич Тарабукин урут соччо-бачча биллибэт хас биирдии айымньыта тахсыытын ааҕааччы бэркэ сонургуу көрөрө, биллэн турар, оруннаах.
    ХС
  • Дьиҥнээх хомус аҕата уус киһи оҥорбут эбит. Истээриҥ эрэ, оонньоотоҕуна хайдах эрэ дьикти кылыһахтанан барар
    Кыым

5 даҕааһын #

суолт., кэпс. Кимтэн эмэ ордук чорбойор (кыаҕынан, дуоһунаһынан, үлэһитинэн эҥин)

Нууччалыы Выделяющийся чем-л. от других (напр., силой, сноровкой, мастерством, должностью)

6 этии #

Нууччалыы Высокопочтимый господин отец (церемонно-торжественное обращение к отцу, обычно употр. в фольк.)

Этиилэр

Аҕатын туйаҕын хатарбыт көр туйах

Оҕом булчут бэрдэ буолсу, аҕатын туйаҕын хатарыыһы. "ХС". Арай уола Лэгиэнтэй аҕатын туйаҕын хатарыыһы. Д. Очинскай. Айах ыла аҕа - бэрт кыранан (хол., хонугунан даҕаны) аҕа (ыһыахха бастакы айаҕы (чороону) кыранан да аҕа саастаах саамай кырдьаҕас оҕонньорго бастатан туттараллар).

Чуть-чуть старше по возрасту (у одногодков учитываются месяцы, даже дни - букв. старше (настолько), что может взять (первым) кумысный кубок: первый почетный кубок вручается старейшему из всех собравшихся на ысыахе).

  • Кини миигиннээҕэр сааһынан айах ыла аҕа этэ уонна манна төрөөбүт-үөскээбит буолан, бэйэтин нэһилиэгин дьонун билбэхтии түһэр быһыылааҕа.
    А. Бэрияк
  • Араҥ (аас) аҕата, иринньэх ийэтэ - үтүө санаалаах, аһыныгас, тиийиммэттэргэ-түгэммэттэргэ, быстыбыттарга көмөлөһө сатыыр киһи туһунан. Отец больных (голодных), мать хилых (о добрых, сердобольных мужчине и женщине). Чоочо баай тойон абаҕам, Икки атахтааҕы иҥнэрэн Иринньэх ийэтэ, араҥ аҕата Аатырарыҥ биллибэт.
    А. Софронов
Өссө холобурдар (1)
  • Кэнэҕэски кэлэр ыччакка, Хойукку уһун үйэлэргэ Иринньэх ийэ буолар, Араҥҥа аҕа буолар Амарах санаалаахтар төрүөхтэрэ. С. Зверев

7 этии #

Нууччалыы Старейшина рода

Этиилэр

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии көр сэрии

Аҕа дойду сэриитэ көр сэрии

Аҕа кылын көр кылын

Аҕатын аата - төрөөһүн туһунан сибидиэтэлистибэҕэ ыйыллар, киһи толору аатыгар аҕатын аата.

Отчество.

  • Кини аата Сергей, аҕатын аата Федорович.
  • Кини [Семен Васильевич] куурус устудьуоннарын бүтүннүүлэрин ааттарынан, аҕаларын ааттарынан ыҥырар. Өйдүүрэ да бэрт!
    Н. Лугинов
Өссө холобурдар (8)
  • Аҕа уустаа эргэр. - аҕа уустарынан араҕыс, аҕа уустарынан хайдыһан олор. Жить родовыми (отцовскими) группами, обособляться по родовым признакам. Дьон-сэргэ аҕа уустаан олоруулара кэм баар кэмигэр, билиҥҥи Сахаар оҕонньор саҥа туран, булду-алды кыайа-хото тутар буолан эрдэҕинэ биирдэ силлиэлээх күн буолбута.
    В. Яковлев
  • Аҥаардас акаарылар эрэ аҕа уустаан аймахтаһан олорор алаастарыгар тиийдим.
    П. Тобуруокап
  • Аҕа уустас эргэр. - аҕа уустарынан атааннас, өстөс (хол., сири былдьаһан). Устраивать, возбуждать межродовые раздоры, столкновения (напр., из-за покосов, выпасов). Кулгаахха сибигинэйэн, хоп тылы тарҕатан, аҕа уустаһан, атааннаһыыны күөртүү сылдьаллар.
    Амма Аччыгыйа
  • Аҕа уустаһыы эргэр. - аҕа уустарынан атааннаһыы, өстөһүү (хол., сири былдьаһан). Межродовые раздоры, столкновения (напр., из-за покосов, выпасов и др.). Ар-бур саҥарсыы элбээтэ, Аҕа уустаһыы сыарҕа быатын кэрбээтэ.
    С. Васильев
  • "Кырдьыга даҕаны, бу аҕа уустаһыыта улаханнык атахтаабыт дьонноробут", - диир биир чилиэн.
    Күндэ
  • Аҕа ууһа - биир өбүгэттэн төрүттээх, хас да ийэ ууһун холбуур улахан уус (өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи чарчыына кинээс баһылыктаах нэһилиэк иһинээҕи сирдээх бэйэни салайынар бөлөх). Род, происходящий из нескольких ийэ ууһа, большая семья; основная единица якутского самоуправления (несколько таких единиц составляют наслег). Кинилэртэн Таҕаранньа аҕатын ууһа диэн халыҥ аймах дьон үөскээн, тарҕанан, билигин араас сирдэргэ олорор сурахтара иһиллэр.
    Болот Боотур
  • Олоҥхо дьоно, ааптар этэринэн, аҕа ууһунан, биир кэргэн курдук тутуспутунан олороллор. Эрчимэн. Дьуона кинээс Салбаҥ нэһилиэгин аҕыс аҕатын уустарын чарчыыналарыттан мунньахха төһө киһи кэлбитин ыйытан бүтэр.
    Н. Якутскай
  • Ииппит аҕа - төрөппөтөх, оҕону кыра эрдэҕиттэн иитэн улаатыннарбыт киһи. Приемный отец. [Семенов:] Эмээхсин, тугу-тугу тыллаһаҕын? Уолуҥ ииппит аҕатын итинник саҥарарыҥ сатанар үһү дуо?
    С. Ефремов

Кииринньэҥ аҕа көр сүтүөр аҕа

  • Сүөдэр бэрэссэдээтэл кииринньэҥ аҕатын Солтуохабы аҕарҕаабатаҕа.
    П. Аввакумов
  • Кииринньэҥ аҕата, Кирилэ диэн киһи, хаайыы олоҕун хайҕаан кэпсиирэ иһиллэр.
    Р. Баҕатаайыскай

Кэргэн аҕата көр ыал аҕата

Онно баар эдэркээн Бу дьиэ, кэргэн аҕата, Ааҕааччыа, эн кэрэхсиир Тыйаатырыҥ артыыһа. С. Данилов. Сүрэхтээбит аҕа эргэр. - христианскай сиэр-туом быһыытынан оҕону сүрэхтииргэ кыттыыны ылбыт эр киһи.

Восприемник, крестный отец.

  • Кинини миигиннээҕэр ытыктыах тустааххын: сүрэхтээбит аҕаҥ буолар.
    Н. Неустроев
  • Сүтүөр аҕа - оҕолор ийэлэрин кэлиҥҥи кэргэнэ, төрөппөтөх, кииринньэҥ аҕа. Отчим. Дьэ хайдах сүтүөр аҕа түбэһэр.
    Болот Боотур
Өссө холобурдар (2)
  • Ыал аҕата - кэргэннээх, оҕолоох дьиэ-уот баһылыга, (үксүгэр элбэх кэргэннээх ньир-бааччы ыал баһылыгын туһунан). Отец семейства, глава семьи (обычно большой крепкой семьи). Баҕа санаалаахпын, хаһан эрэ төннөн, Төрөөбүт дьиэбитин сөхсүтэргэ, Буруо таһааран, төрүөх төрөтөн - Ыал аҕата буолан олорорго.
    С. Данилов
  • Дьэ, ыал аҕатынан, тэрилтэ салайааччытынан дииллэрэ чахчы эбитин билэн сылдьабын. "Кыым"

«А» буукуба