ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кылын

аат тыл

Нууччалыы родственник жены по отношению к мужу: родители, родные братья и сестры, кровная родня и родственники; тесть, теща

I

1 аат тыл #

Күтүөккэ кэргэнин төрөппүттэрэ, бииргэ төрөөбүттэриттэн, чугас урууларыттан уонна тастыҥ даҕаны аймахтарыттан биирдэстэрэ (э. ахс. кыҥаттар, тард. аат. кынна, кылына)

Нууччалыы Родственник жены по отношению к мужу: родители, родные братья и сестры, кровная родня и родственники; тесть, теща

  • Эн кыҥаттаргар -- аанньа сылгы төрөөбүтүн өйдөөбөппүн.
    Амма Аччыгыйа
  • Едлин сотору кылын буолуохтаах аҕабыыкка өрө-сала көппүтэ.
    Эрилик Эристиин
  • Ханна да быкпакка, кимиэхэ да биллибэккэ, кыннын аахха саһан сыппыта үһү.
    А. Бэрияк
Өссө холобурдар (2)
  • Костя кылына оҕонньор умайбыт дьиэтин өрөмүөннээн, истиэнэтин сорох мастарын -- уларыталаан, муостатын олорчу саҥардан, дьиэ дьиэнэн оҥордо.
    С. Никифоров
  • Ср. тюрк. кадын, каҕын, кайин 'тесть'

2 этии #

Нууччалыы Отец жены, тесть

  • Аҕа кылын - 1) күтүөккэ кэргэнин аҕата Аҕыйах хонуктааҕыта аҕа кылыным Киил оҕонньор чаас кэриҥэ мөҕөн "лигийдэ".
    Н. Лугинов
  • [Суоппар Укулаанапка:] Эйигин [массыынаны] көрдөппүтэ дииллэр дии. Даача туттар үһүгүн дуу? Аҕа кылыныҥ Суордаайап массыналары ыларга кыһанан-мүһэнэн биэрдэ. В. Протодьяконов; 2) кийииккэ кэргэнин бииргэ төрөөбүт эбэтэр тастыҥ убайа, абаҕата. Θ Родной или двоюродный старший брат или дядя мужа по отношению к жене. [Дьэбдьиэ] сүөһүтүн-аһын даҕаны кыайан ииттиэ суох. Хата, аҕа кылына аах икки сүөһүнү босхо иитэннэр, ааспыт кыһын ынахтарын барытын сыл таһаарбыта.
    Болот Боотур
  • Тойчи эргэ таҕыстаҕын утаа аҕа кылынын аахха атыыһыт кэлбитэ. Уот. ч. Аҕас кылын - 1) күтүөккэ кэргэнин бииргэ төрөөбүт эбэтэр тастыҥ аҕаһа (эдьиийэ). Θ Родная или двоюродная старшая сестра жены; старшая свояченица. Аҕас кынным уолун батыһан, Москваҕа тиийэн олорор; 2) кийииккэ эрин аҕатын аҕа саастаах аймахтара: төрөөбүт уонна тастыҥ эдьиийэ, саҥаһа. Θ Старшие родственницы мужа: тетка, золовка или двоюродная сестра. Альбина аҕас кынныттан элбэх оҕо баар буолуохтааҕа да, оччо уруурҕаспат этилэр. Аччыгый (балыс) кылын - кийииккэ эрин балта. Θ Младшая сестра мужа. Хара сиэбэккэ кураҥхадыйан олордоҕуна, аччыгый кынна Маайаҕа куул собону ыытан абыраабыта. Ийэ кылын - 1) күтүөккэ кэргэнин ийэтэ. Θ Мать жены; теща. Эн үчүгэй кийииккэ тиийэн ийэ кылын буол. Оттон биһиги Василий Михайлович ийэтин ылыах.
    Далан
Өссө холобурдар (6)
  • Ордук Сургууһут Соппуруон уонна урукку бирикээсчик Микиэйэп ийэ кынна Мааппа эмээхсин сөбүлээбэт этилэр.
    Д. Таас
  • Ийэ кынным күтүөтэ "уордаран ыалдьарыттан" туһунан суол санааҕа түстэ. С. Федотов; 2) кэпс. көннөрү кэпсэтиигэ күтүөккэ кэргэнин дьахтар өттүнэн аҕа саастаах аймахтарын: эбэтин, эдьиийин (көр аҕас кылын), аҕатын, ийэтин эдьиийдэрин, балтыларын; абаҕатын, убайын, таайын кэргэннэрин (көр тастыҥ ийэ кылын) - эмиэ ааттыыллар. Θ В просторечии может обозначать: а) бабушку жены; б) старшую сестру жены; в) тетку жены; г) жену родного или двоюродного брата жены; д) жену родного дяди жены. Ханныгын да иһин тастыҥ ийэ кылыным буоллаҕыҥ гынан баран, бүгүн куһаҕан тыллаах-өстөөх кэлбик кин.
    С. Курилов
  • Кырдьаҕас аҕа кылын - кийииккэ эрин абаҕата эбэтэр бииргэ төрөөбүт убайдарыттан саамай аҕа саастаахтара. Θ Дядя или самый старший из родных братьев мужа. Манчаары ийэтэ "Ол эрээри, дьиҥ-чахчы быстаран, өлөр-хаалар күммэр, кырдьаҕас аҕа кынным Баһылай Слободчиков оҕонньор көрөн олорон, ама өлөрөр үһүө, баран тылланнахпына, көмөлөһөө ини", -диирэ, ол курдук эрэнэрэ. МНН. Сиэн кылын - күтүөккэ кэргэнин убайын эбэтэр сурдьун оҕото (үксүн уол оҕо туһунан). Θ Сын старшего или младшего брата жены. [Дарыбыан Ганяҕа (кэргэнин тастыҥ сиэнигэр):] Сиэн кылын да буолларгын, эдэриҥ быһыытынан, сатаатар, бэлэм маһы уокка быраҕыа эбик кин.
    Н. Туобулаахап
  • Тастыҥ ийэ кылын - күтүөккэ кэргэнин абаҕатын, таайын ойоҕо. Θ Жена родного дяди супруги. Тастыҥ ийэ кылыным сэттэ оҕолоох тулаайах хаалбыта. Онон кэргэним биһикки оҕолору көрсүһэн, эбии түбүккэ түспүппүт. Тастыҥ кылын - күтүөккэ кэргэнин аҕатын, эһэтин бииргэ төрөөбүт, тастыҥ даҕаны убайдара, бырааттара. Θ Родные, двоюродные братья отца и дедушки жены. Тастыҥ кылыным оҕолоро хоно кэлбиттэрин билбэккэ гына сыстым. Уол (оҕо) кылын - күтүөккэ кэргэнин сурдьа. Θ Младший родной брат жены, шурин. Мин уол кылыным бэрт тэтиэнэх киһи эбит.
  • [Марья Дмитриевна:] Эн [Пьер] ол уол кылыҥҥын мин ааппыттан Москваттан барарыгар, мин икки харахпар көстүбэтигэр бирикээстээ диэн көрдөстө.
    Л. Толстой
  • Эбэ кылын - эр киһиэхэ кэргэнин эбэтэ, хос эбэтэ. Θ Бабушка, прабабушка жены. Эбэ кылыммыт сиэннэрин көрөөрү, сотору-сотору кэлэр. Эһэ кылын - эр киһиэхэ кэргэнин эһэтэ, хос эһэтэ. Θ Дед, прадед жены. Эһэ кылына былыргыга улахан баай киһи эбитэ үһү
II

3 аат тыл #

Дохсун майгы, быһыы

Нууччалыы Суровость, строгость

  • Кылына бэрт. ПЭК СЯЯ. Ат таныытыттан сииктээх күдэн бурҕачыйан, тымныы кылынын кытта хатыһан, сыр-сыр гынар.
    Л. Габышев
  • Ср. др. -тюрк. хылыҕ 'поведение, характер, нрав; основные свойства, сущность, природа'; тув. хылых 'вспылчивость, запальчивость, раздражительность'

«К» буукуба