Перевод с якутского
аймах
аат тыл
Нууччалыы кровная родня, родня по крови; родственные (по крови) отношения
English relative (can be used collectively), family member
Ис хоһооно · 8
1 аат тыл #
Биир төрүттээх, өбүгэлээх дьоннор; оннук дьон уруулуу сыһыаннара
Нууччалыы Кровная родня, родня по крови; родственные (по крови) отношения
Халыҥ аймах. Ырааҕынан аймаҕым. Чугас аймах. Аймах дьоннорум. Ол кэмҥэ кинилэр [Манчаарылаах] чугас аймахтара, бүтүн нэһилиэги ааһан, бүтүн улуус баайа, кырдьаҕаһа Василий Слободчиков (Чоочо) күннээн олороро. МНН. Ама аҕыйах этэ дуо, Аймах, кэргэн иһиттэн Аҕа, абаҕа, убай, уол Арахсыһан тэйбитэ?! Баал Хабырыыс Өкүлүүнэм ыраах аймахтарыгар хас да хоно, Ыалдьыттыы барбыта. Софр. Данилов. Былыр Бэһиэлэйэптэр сүүнэ халыҥ аймах дьон эбиттэрэ үһү Амма Аччыгыйа
2 аат тыл #
Эр-ойох буолбут уол-кыыс дьонноро уруулуу сыһыаннара
Нууччалыы Родня по свойству
Ийээ, оттон бары тутуспутунан соҕуруу баран күүлэйдээн кэлбэппит дуо? Аймахтарбытыгар сылдьыахпыт, билсиэхпит этэ [кэргэнин, нуучча дьахтарын дьонугар барары этэр] Далан
3 аат тыл #
Чугас дьоннор бөлөхтөрө; биир сир (хол., алаас) олохтоохторо, билсэр, чугас ыаллыы дьон; биир омук дьоно
Нууччалыы Собрание родных, близких людей; близкие земляки, односельчане
Ээ, ол иһин сэрэйбитим. Сахалар төрүт-удьуор булчут аймахтар Т. Сметанин
4 аат тыл #
Биир көрүҥҥэ киирсэр харамайдар биистэрэ
Нууччалыы Род, семейство, виды животных
Бу [кырса оҕотун] тулаайах эрэйдээҕи аймахтара кырсалар иитэ ылыахтара дуо? И. Федосеев
5 аат тыл #
итэҕ. Ойуун абааһылара
Нууччалыы Шаманские духи. [Ойуун:] Кырдьаҕас!
Мин бастаан дьиэ иччитин алҕаан, бэйэм аймахтарбын ыҥыран, ханна туох бэлэҕинэн-туһаҕынан кыырары билэн баран эрэйдэнэр үгэстээхпин А. Софронов
6 этии #
Нууччалыы Люди подсолнечной страны, люди земли (собирательный эпический образ людей, землян)
Айыҥат хаан аймаҕа фольк. - орто дойду дьоно, күн сирин дьоно Айыҥат хаан аймахтара Алыс үөскээн хаалан Аһыыллара аҕыйаатаҕына, Абыранныннар диэн, Аата-ахса суох элбэх Аҥаат-муҥаат Арыы оҥортолоон Айыталаан аастым.
Өксөкүлээх ӨлөксөйҮйэ-хайа аймах - ханан эрэ ырааҕынан аймах (үксүгэр тард. сыһыар-х тут-лар). Θ Очень далекая родня (обычно употр. в притяж. ф., соотв.: седьмая вода на киселе). Кини [Афанасий Сидоров] кэргэнэ Лаглардыыр Аана Яков Гурьев үйэ-хайа аймаҕа. М. Доҕордуурап
7 этии #
Нууччалыы Всей семьей, потомственно (заниматься чем-л.)
Аймаҕынан ууһаан - былыр-былыргыттан удьуордаан, дьиэ дьиэнэн (тугунан эрэ дьарыктан) Константиновтар аймаҕынан ууһаан төрүт табаһыт эбэҥкилэр. ХС Аймах дьон - чугас дьоннор бөлөхтөрө; истиҥник, чугастык санаһар дьон (үксүгэр биир алаас, түбэ дойдулаахтар сыһыаннара). Θ Родные, близкие люди; круг людей, поддерживающих теплые дружеские отношения (обычно близкие земляки, односельчане). Манна [Нил кытылыгар] алаастарбар олорор Мин аймах дьоммун санатар туох да суох. С. Данилов Ср. тюрк. аймак ‘родня’
8 #
эб. Предметтэри түмэр-мунньар суолталаах аат тыллары үөскэтэр
Нууччалыы Образует имена с собирательным значением ("дьадаҥы аймах" - "беднота", "студент аймах" - "студенчество", "оҕо аймах" - "детвора")
Киһи аймах дьоло туругурда, киэр кыйданна хараҥа! Д. Таас Хаан сытын ыллаҕына, торҕон бииһэ мустарын кэриэтэ, Пепеляевы тула үрүҥ-хара, баай-тойот, атыыһыт-эргиэмсик аймаҕа түмсүбүтэ. Софр Данилов