Перевод с якутского
уруу
аат тыл
Нууччалыы родственники
English relatives, kin
Ис хоһооно · 6
1 аат тыл #
Нууччалыы родственники
English relatives, kin
Уруу ырааҕа, уу чугаһа ордук. лучше, когда родня далеко, а водопой близкоIt is better when the relatives are far and the watering hole is near.
2 аат тыл #
Үөскээбит төрүттэринэн чугас, тыллара, олохторо-дьаһахтара да майгыннаһар биистэр, норуоттар
Нууччалыы Род, племя
Бу Карагез даҕаны кинилэр [киргиз бииһин] уруулара буоларын мин саарбахтаабат буоллум. Эрилик Эристиин Ахтан баран көрсүһэн, Абхаз уола уруубун Хойуу түүлээх иэдэһин Кум-хам тута ууруубун. Дьуон Дьаҥылы. Түүрдэр судаарыстыбалара аҕа уустарынан, урууларынан, кэргэннэринэн бөлөхтөһөр сэрииһит дьон уопсастыбалара этэ АНК БТТ
3 аат тыл #
Кими эмэ кытта биир удьуордаах, төрүттээх-уустаах киһи; оннук дьон аймахтыы сыһыаннара
Нууччалыы Родственник, родня; родственные отношения
Огдооччуйа эмээхсин ып-ыраас муосталаах, чэнчис балаҕаныгар ырааҕынан уруута Тайҕа диэн оҕонньордуун хаалар. И. Гоголев [Кыыс Хотун] бэҕэһээ астаах остуол тула холоруктуур, көмөлөһө сылдьар кыыһы көрбүтэ, ол аны уруута буолан таҕыста. А. Сыромятникова Кини [Ньыыкан] олус аламаҕай уруу, дьэллэм атас, доҕор буолан, күн устата солото суох Н. Габышев
4 этии #
Нууччалыы Родственник по свойству. [Семёнов:] Тастыҥ да уруу буоллар, үчүгэйи оҥоро сатыырын аккаастыыр сыыһа буолуо
Этиилэр
Сүрэх уруу көр сүрэх
Кини ийэлэрин сүрэх уруута буолар.
Тастыҥ уруу
кимтэн эмэ туспа хааннаах, төрүттээх-уустаах киһи С.
Ефремов.
Хаан уруу
1) бииргэ төрөөбүт эбэтэр төрүт чугас аймахтыы дьон.
Кровные родственники, кровная родня. [Пётр Белолюбскай:] Хайа, ол миэнэ хаан уруум, балтым дии. П. Ойуунускай.
Манна син биир мин хаан урууларым, атастарым-доҕотторум бааргыт буолуо.
Суорун Омоллоон[Нүһэр Дархан:] Оҕолоруом, Хаһыытыыр хаҥыл халлаан уоруктаах Хара Суорун тойон хаан уруулара Биһиги буоларбытын бигэтик билиҥ! И. Гоголев; 2) истиҥ-чугас, киһи барыта убаастыыр, убаастабыллаах. Близкий, родной, всеми уважаемый. Хаан уруу улуу нуучча норуота. (уруу) тамайар көр тамай II. Хобороос ийэтинэн аймахтара элбэхтэр да, ыраах нэһилиэккэ бааллар, төрүт да уруу тамайбатах бэйэтэ этэ. А. Сыромятникова
Өссө холобурдар (2)
Арай көрдөһөҥҥүн Илдьиккэ сүүрэр Элэс хара буолуоҥ буоллар Сыккырыыр дууһаҕын Уруу тамайан Ордоруом эбитэ дуу. С. Васильев Ср. тюрк. уруу, урук, уруҕ, уруг, монг. уруҕ ʻплемя, родʼ
5 аат тыл #
Уоллаах кыыс холбоһон ыал буолалларыгар тэриллэр малааһын
Нууччалыы Свадьба, свадебное торжество
Сүктэн барарыгар кыыс аймаҕыттан урууга сүүстэн тахса киһи барар. Саха фольк Уруулара аны күһүн, от үлэтэ үмүрүйүүтэ болдьоммут үһү.
Н. ЛугиновУруу аһын астааһын түүннэри-күннэри барда В. Протодьяконов
6 этии #
Нууччалыы В старину у якутов: угощение, проводимое только очень богатыми, знатными людьми в день свадьбы в доме тестя, куда приглашают сватов жениха и угощают завтраком (проводилось очень редко)
Этиилэр
Уруута түһэр көр түһэр
Тыа дьонун курдук бары сиэрин ситэрэн, уруу түһэрэри саныыр быһыылаах. Болот Боотур Бөлөнүүскэй уола ойох ылар кэмэ кэлэн, улахан урууну түһэрбиттэр. Н. Павлов
Өссө холобурдар (1)
Тапталлаах доҕорунаан бу күннэргэ холбоһон малааһынныах, уруу түһэриэх буолбуттара. М. Соров
Уруу түһэрии
кыыс сүктэригэр бары былыргы сиэри-туому, быһыыны-майгыны толоруу.
Проведение церемонии всех обычаев, нравов, когда девушка выходит замуж.
Уруу түһэрии сахаларга үгэс быһыытынан биллэр