ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

уруулуу

даҕааһын, сыһыат

Нууччалыы находящиеся в родственных отношениях (о людях); родственные

Ис хоһооно · 4

1 даҕааһын #

Аймахтыы (дьон); биир төрүттээх-уустаах (хол., кыыл-сүөл)

Нууччалыы Находящиеся в родственных отношениях (о людях); родственные (напр., о животных, зверях)

  • Уруулуу норуот. Уруулуу күтүөттэр. ù Уруулуу сибиинньэлэр үчүгэй төрүөҕү биэрбэттэр
    КПИ СИиУо

2 даҕааһын #

Тугунан эмэ маарыннаһар; истиҥ, чугас (хол., сыһыан)

Нууччалыы Чем-л. похожий, родственный; тёплый, искренний, близкий (об отношениях людей)

  • Кини тугунан эрэ олус чугас, уруулуу дууһалаах киһини көрсүөн баҕарар.
    Н. Лугинов
  • Афоня биһиги уруулуу тыллаах буоламмыт, казахтары кытары ону-маны мэнээк балкыһарбыт.
    Далан
  • Кэпсэтии тылыгар холбуу түһүк сыһыарыыта уруулуу сыһыаны бэлиэтиир тылларга икки араастанар: -ныын, -наан (ийэтиниин, ийэтинээн)
    ВИП СТПС
Өссө холобурдар (4)
  • Сунтаар улууһун түөрт баайдарыттан үстэрэ уруулуу буолбуттара.
    Н. Якутскай
  • Өссө онтон кэнники билсэн, кэпсэтэн, төрүттэрин түөспүттэрэ, уруулуу буолан таҕыстылар.
    Эрилик Эристиин
  • Ыстапааҥка биһикки ханан эрэ ырааҕынан уруулуу үһүбүт
    Кэпсээннэр
  • Биир төрүттээх-уустаах (буол – хол., кыылы-сүөлү этэргэ). Θ В родственных отношениях (быть – напр., о животных, зверях). Ууһатыыга хаалларыллар атыыр тыһы сибиинньэни кытта уруулуу буолуо суохтаах
    КПИ СИиУо

3 сыһыат #

суолт. Аймахтыы (буол)

Нууччалыы В родственных отношениях (находиться Ү– о людях)

4 этии #

Нууччалыы Родственные языки (напр., тюркские)

Этиилэр

Уруулуу (тыл) тыллар

биир төрүттээх тыллар (хол.

  • , түүр тыллара) Саха тыла хакаас тылын кытта уруулуу тыл буолар. Монгуол тыла алтаай уруулуу тылларын бөлөҕөр киирсэр

«У» буукуба