ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

түһэр

туохтуур

Нууччалыы подставлять, выставлять что-л

English to drop, to let fall, to lower

Ис хоһооно · 12

1 туохтуур #

Тугу эмэ тоһуйан биэр

Нууччалыы Подставлять, выставлять что-л

  • түс I диэнтэн дьаһ туһ. [Күннэй:] Мин тохтоотум, дьонум бэрэбинэлэрин сиргэ түһэрдилэр.
    Н. Неустроев
  • Үтүлүкпүн түһэрэн кэбиспиппин.
    Суорун Омоллоон
  • Биэстии аты бииргэ түһэрэн сүүрдүөхтэрэ.
    Н. Якутскай
Өссө холобурдар (6)
  • Айдаар "Алааһын" макыатын хаартыскаҕа түһэрэн ыыппыта.
    Н. Лугинов
  • [Балбаара:] Сыаната биир мөһөөк буоллун, итинтэн түһэрбэппин.
    Эрилик Эристиин
  • [Хаастары] иккини-хаһы түһэриэххэ сөп эбит да, соҕотох иитиитин ытан кэбиһиэн кэрэйдэ. Тумарча
  • Эһэ ыстанан кэллэҕинэ, тайыыбар түһэриэм диэн бэлэмнэнэн, утары киирэн истэ.
    Болот Боотур
  • Абдуркулла, уола Мундербек сууллан түстэҕинэ илиитигэр түһэриэх киһилии, ытыһын тоһуйар.
    Эрилик Эристиин
  • Бөрө -- айаҕар түһэрэн, курк-харх ыстаан баран, ньылып гына ыйыстан кэбистэ
    Т. Сметанин

2 туохтуур #

Булт тэрилин ууга киллэрэн тарт, туруор

Нууччалыы Опускать, кидать в воду снасти

  • Икки төгүл түһэрэн икки биэдэрэ алыһары ыллыбыт.
    И. Данилов
  • Силипиэн наҕылыччы сылдьан икки атаҕын быһыттыы түөрт илимин түһэрдэ. Софр. Данилов. Куонаан оҕонньор дурдатын сөргүтүннэ. Витялыын тыы муохтаан хачыгырастылар, билигин мончуук түһэриэхтэрэ
    Н. Заболоцкай

3 туохтуур #

Хорон уутун ыыт, көһөр (хол., күөлү)

Нууччалыы Спускать (озеро, водоём)

  • Күүспүтүн холбоон ол күөлү хордорон, быйыл күһүн түһэрэн кэбиһиэх.
    Болот Боотур
  • Ыга халыйан киирбит сааскы садырыын уутун аллара сиирэ хорон түһэрдэ.
    П. Филиппов
  • Саас бары күүһүнэн ходуһалар ууларын түһэрэ сатыахпыт
    Кыым

4 туохтуур #

Тугу эмэ (хол., суругу-бичиги, ойууну) үтүгүннэрэн ылан туохха эмэ суруй, ойуулаа

Нууччалыы Переводить что-л. на что-л. (напр., рисунок), делать копию чего-л

  • Инчэҕэй тэтиҥҥэ орнамент түһэрдэххэ, уута чаалыйан тахсан, куурарыгар өҥө сүтэр, өлбөөрөр. АЭ СТМО. Хаппах мээрэйин атын хаптаһыҥҥа түһэрэн ыллылар
    Чолбон

5 туохтуур #

Туоххун эмэ үлүт (хол., сирэйгин, кулгааххын)

Нууччалыы Обморозить, отморозить (напр., лицо, уши)

  • Сыарҕаҕа ат тыыныгар аҥаар сирэйин түһэрбит
    Н. Босиков

6 туохтуур #

Киһи эбэтэр сүөһү иһиттэн, эминэн өлөрөн, үөнүн таһаар

Нууччалыы С помощью лекарства выводить паразитов

  • Оҕо илиистигин түһэр.
  • Аскариданы түһэрэргэ үгүс эмтиир ньымалар бааллар.
    ББЕ З

7 туохтуур #

Тугу эмэ (хол., буруйу) кимиэхэ, туохха эмэ соҥноо, көлбөрүт

Нууччалыы Свалить, переложить что-л. (напр., вину, ответственность) на кого-что-л. [Сиидэрэп:] Малыыкаан нэһилиэк харчытын сиэн сылдьар, ону миэхэ түһэрээри ити баайсан этэр

  • Наһаар туох баарын барытын Түүлээх Уллуҥахха түһэрэр санаалаах этэ.
    Суорун Омоллоон
  • Отонтон атын сир аһа үүнэрэ биллибэт этэ, ону барытын тымныы сир айылҕатыгар түһэрэллэрэ
    А. Сыромятникова

8 туохтуур #

Кими эмэ дьоҥҥо намтатан көрдөрө сатаа

Нууччалыы Обижать, унижать, сознательно занижать оценку (в глазах окружающих)

  • Мин хайа да кыра омугу түһэрэн сыаналыыр, холуннаран көрдөрөр, этэр олох сыыһа диибин.
    Болот Боотур
  • [Өрүүсэ:] Оннук киһини эһиги куруутун хайгыыгыт, оттон Маратигы наар түһэрэҕит.
    А. Сыромятникова
  • Сорох дьахталлар эрдэрин холуннаран, түһэрэн саҥардахтарына бэркиһиирэ
    В. Титов
Өссө холобурдар (1)
  • Ким эмэ дуоһунаһын намтат. Θ Понижать (в должности). Эбээһинэһин ситэ толорботоҕун иһин дуоһунаһыттан түһэрбиттэр

9 туохтуур #

Сорох сыһыаты кытта дьүөрэлэһэн дьайыы түмүктэммитин көрдөрөр

Нууччалыы В сочетании с некоторыми наречиями означает результат действия

  • Тоҕо түһэр. Хампы түһэр.
  • Луоскатын мүччү түһэрэн кэбистэ.
    А. Софронов
  • Кинилэр иккиэн хас ыттахтарын аайы табаллар, уоннааҕылара бары сыыһа-халты түһэрэллэр
    Эрилик Эристиин

10 туохтуур #

Көмө туохтуур быһыытынан -а, -ан сыһыат туохтууру кытта дьүөрэлэһэн дьайыы бүппүтүн, түмүктэммитин көрдөрөр

Нууччалыы В сочетании с деепричастиями на -а, - ан выступает в роли вспомогательного глагола и выражает законченность, завершённость действия

  • Ыстапаан уолу кэтэҕин аһыттан ылан, булгу сөрөөн түһэрэр.
    А. Софронов
  • Чүөчээски тиит мутугун тосту охсон түһэрэр.
    Суорун Омоллоон
  • Уолчааны хамначчыттар олорор сирдэригэр көтүтэн түһэрдилэр
    Н. Заболоцкай

11 этии #

Айаҕар түһэрэр - бэлэһигэр түһэрдэ диэн курдук (көр бэлэс). Били дьахтар кыыһы айаҕар түһэрэн көрүстэ.

Нууччалыы Быстр на ногу, никому не уступает в беге

Этиилэр

Айах үөһэ түһэр көр айах I

  • Айахтарын үөһэ түһэриэхтэрэ эрэ дии санаабатаҕа.

Бэлэһигэр түһэрдэ (бэлэскэр түһэр) көр бэлэс

  • "Аны эн бэлэскэр түһэрдин дуо?!" - Бачыгыратар ийэтин саба саҥарда.
    Эрилик Эристиин
  • атахтааҕы иннигэр түһэрбэт - атаҕынан барыларыттан быһый Ол кыыс икки атахтааҕы иннигэр түһэрбэтэх хайыһардьыт эбитэ үһү.
    А. Сыромятникова
Өссө холобурдар (2)
  • Чылбыан атахтааҕы бэйэтин иннигэр түһэрэ илигэ.
    И. Федосеев
  • Сылтан сыл төрөөбүт-үөскээбит сиригэр быһый атахтааҕы иннигэр түһэрбэт буолан испитэ. "Кыым". Икки илиилээҕи (урааҥхайы, иннинэн сирэйдээҕи) иннигэр түһэрбэт көр икки I. Эһэтэ икки илиилээҕи иннигэр түһэрбэт уус эбитэ үһү.

Илииҥ (ытыһыҥ) үрдүгэр (илиигэр) түһэр көр илии

  • Саҥа кэлбит учууталы ытыстарын үрдүгэр түһэрэн көрүстүлэр.

Итиигэ-буһууга киллэр (түһэр) көр итии-буһуу

  • Учуутал, бэлэмнэммэтэх ыйытыгын биэрэн, итиигэ-буһууга киллэрэн ылла.

Күлүк (күлүктэ) түһэр көр күлүк

  • Күлүгү түһэрбэт күн буолан Эһиэхэ ийэҕит сырдыыра. Эллэй. Ити ыстатыйанан биһиги тапталбытыгар күлүк түһэриэхтэрэ суоҕа.
    П. Аввакумов
  • Корнилов ол быһыытынан аҥардас бэйэтин эрэ аатын түһэн биэрбэтэх, бүтүн былааска күлүк түһэрбит. "Чолбон".

Кыһыл тылыгар олордор (түһэрэр) көр кыһыл

  • Дьахталлар кинини кыһыл тылларыгар түһэрэн көрүстүлэр.

Муос үрдүгэр түһэрэн көрүс көр муос

Мунньахха тыл эппитигэр муос үрдүгэр түһэрдилэр. Мүччү түһэримэ - тосхойбут түгэни, кэми куоттарыма.

Не упускать какой-л. момент, шанс.

  • Мантан ордук тоҕоос, баҕар, сааспыт-үйэбит тухары түбэһиэ суоҕа, онон мүччү түһэримиэххэ.
    А. Сыромятникова
  • Бүгүн манна кэлэн хаһан да мээнэ түбэспэтэх дьиктитин көрдө, ону өйүттэн мүччү түһэрбэккэ иҥэринээри, хараҕын быһа симэн өөр-өр умса туттан олордо.
    И. Семёнов
Өссө холобурдар (3)
  • Өйгөр түһэр - 1) өйдөөн хаал; төбөҕөр батар. Крепко запомнить; удержать в голове. Барытын өйгөр түһэрдиҥ дуо?
    Болот Боотур
  • Мыычаан оҕонньор өйбөр түһэрбэппин сөҕөр-махтайар.
    Н. Якутскай
  • Эмээхсин били уруккуттан өйүгэр түһэрбэккэ сылдьыбытын санаан кэлэн ыйытта. С. Никифоров; 2) тугу гынаргын толору өйдөө. Понять, осознать что-л. Андрей, тугу баҕараргын өйгөр дьэҥкэтик түһэриэххин наада.
    М. Горькай

Өйүгэр түһэр көр өй

Өлөрөн түһэр көр өлөр

Кыыс ити тылынан уолу өлөрөн түһэрбитэ. Санааҕын түһэримэ - төһө да ыарахан буоллар, ону тулуй, санаарҕаама.

Не огорчаться, не падать духом, не вешать нос.

Тукаам, олус санааҕын түһэримэ

балык ыамнаах, киһи да күннээх.

  • Уоскуй, доҕоччуок, кытаанах да мүнүүтэлэргэ санааны түһэрбэт, бэйэни кыана туттар ордук.
    П. Филиппов
  • Ол да буоллар кини санаатын түһэрбэккэ, син биир ыллыы сылдьыбыт. ӨӨ ДДьДТ.

Санныгыттан түһэр көр сарын

  • Ити ыар санааны санныгыттан түһэрэриҥ буоллар.

Санныгыттан түһэрбэккэ көр сарын

  • Уола сөбүлээбит таҥаһын санныттан түһэрбэккэ кэтэр.

Сиэн түһэр көр сиэ

  • Доҕоруом, миигин сиэн түһэрбит Суруккун бу ааҕа-ааҕабын, Биэс-алта сыл бииргэ үөрэммит Кэммитин мин санаан ааһабын.
    М. Хара

Сырдыкка-хараҥаҕа киллэр (түһэр) көр сырдык-хараҥа

  • Тыал улам күүһүрэн, айанньыттары сырдыкка-хараҥаҕа түһэрэн барда.

Сыыс (сыыска, сыыска-буорга) түһэримэ көр сыыс II

  • Тиэхээс учууталлара, иитээччилэрэ тугу кэпсииллэрин сыыс түһэрбэккэ өйдүүрэ.
    Н. Босиков
  • Ийэлээх балта кини хас биирдии хамсаныытын таптыыр харахтарынан сыыс түһэрбэккэ одуулаһаллар.
    С. Никифоров
Өссө холобурдар (1)
  • Уолчаан сэһэнин биири да сыыска түһэрбэккэ иһиллээн олорор оҕонньор арыт бытыгын имэринэр.
    ХС

Тииһигэр түһэрдэ көр тиис III

Бандьыыт тииһигэр түһэрэн ылла буолбат дуо? Амма Аччыгыйа. Мин кинилэр тылларын истибэт, тииспэр түһэрэн, хадаардаһан иһэр этим. "Чолбон". Төбөтүттэн түһэрбэт - өйүгэр хатаан хаалбыт, кыайан умнубат.

Не выходит из головы.

  • Уол кыыһы кэлин кэмнэргэ төбөтүттэн түһэрбэт буолла.

Түөрт атах түс көр түөрт

  • Аты булгуттулар уонна иккиэн мэҥэстэн дэриэбинэ диэки түөрт атах түһэрэ турдулар.
    И. Никифоров

Түһүнэн кэбис

дьулуурдаахтык туохха эмэ турун.

Решительно, рьяно браться за что-л.

  • "Тиэмэ ыараханыттан кыһаммакка, бөдөҥ-бөдөҥнүк логлорута тардыахха", - диэн дохсуннук сананаат, түһүнэн кэбиспитэ.
    Н. Лугинов
  • "Кыргыттарыам, чэ, кытаатыҥ, бу сайыҥҥы ыйдарга баҕас түһүнэн кэбиһиэҕиҥ", - диэн кини сотору-сотору кыргыттарыгар этэрэ.
    В. Гаврильева
Өссө холобурдар (4)
  • Дьэ, аны булт туһа диэн баран түһүнэн кэбиһиэххэ.
    В. Протодьяконов
  • Түһэрэн кэбис кэпс. - ис, иһэн кэбис (хол., арыгыны). Выпить залпом (напр., спиртное). Миша арыгылаах үрүүмкэтин түгэҕэр диэри түһэрэн кэбиспитэ.
    Н. Лугинов
  • Наара Суох оргууй ылан, бытыылка бүөтүн төлөрүтээт, биир тыынынан түһэрэн кэбиһэр.
    И. Бочкарёв
  • Ис диэн эрийсэ барбатаҕа, бэйэтэ хас да үрүүмкэни түһэрэн кэбиспитэ.
    ХС

Тылгын былас таһаар (түһэр) көр былас II

Өлөксөөс уол хараҕын көрүү бөҕөнү көрөн, тылын былас түһэрэн, киирэн кэлэн ыһыытыыр. Саха фольк. Киһи барахсан тылын былас түһэрэн тиийэн кэллэ ээ. И. Данилов. Уоһуттан (тылыттан) түһэрбэт (түспэт) - 1) куруук толор (хол., ырыаны).

соотв. не сходит с уст (напр., о песне).

  • Эллэй хоһоонноро бар дьон уоһуттан түһэрбэт ырыалара буолан дуораһыйбыттара. Софр. Данилов. Норуот уоһуттан түһэрбэккэ ыллыыр ырыатын тылын суруйбут бэйээт бэйэтин дьоллооҕунан ааҕыныахтаах.
    Күннүк Уурастыырап
  • Саха норуота, саха уоһуттан түһэрбэт ырыалара, норуот номоҕор холбообут хоһоонноро ханныктарый? СЛСПҮО; 2) кими, тугу эмэ куруук аҕын, ааттаа. Постоянно упоминать кого-что-л. Киһилии кэпсээ эрэ, туох диэн ол кинилэри уостарыттан түһэрбэт буолалларый?
    Н. Якутскай
Өссө холобурдар (9)
  • Биһиги тойоммут ити дьахтары уоһуттан түһэрбэт буолла.
    С. Никифоров
  • Билигин киирэн эйигин көрдөҕүнэ үөрүө аҕай, бэркэ уоһуттан түһэрбэккэ ахтар этэ.
    Э. Соколов
  • Ууга-уокка (ууга-тыаҕа) түһэр - кими эмэ улахан ыксалга киллэр, ыгылыт. Приводить кого-л. в состояние крайней растерянности, ввести в панику. Нөҥүө субуотаны ааспакка сыбаайбалыыбын диэн дьоннорун ууга-тыаҕа түһэрбитэ.
    В. Яковлев
  • Титигиирин Айыынаҕа кэлбит суругу булбут айдаана миигин ууга-уокка түһэрбитэ.
    П. Аввакумов
  • Кыыс бүтэһик тыллара уолу улаханнык олуйдулар, ууга-уокка түһэрдилэр.
    С. Никифоров
  • Үгүс (элбэх) ардаҕы (хаары) үрдүгэр түһэр - уһуннук, кырдьар сааскар диэри олор. Пережить много зим и много лета, дожить до старости. Эһэлэрэ оҕонньор үгүс ардаҕы, хаары үрдүгэр түһэрбит кырдьаҕас.
    Болот Боотур
  • Үөрбэ үрдүгэр түһэр кэпс. - кими эрэ утары баран, утарылаһан көрүс. Встречать в штыки кого-л. Биригэдьиири дьахталлар үөрбэ үрдүгэр түһэрэн көрсүбүттэрэ. Ытыскар (ытыс үөһэ, ытыс үрдүгэр) түһэр - кими эмэ үөрүүнэн көрүс. Встречать кого-л. с распростёртыми объятиями, носить на руках. Үлэһити икки ытыспытыгар түһэрэр дьоммут.
    У. Нуолур
  • Маладьыастарыҥ, атыҥырыы көрсүбэтилэр, ытыс үөһэ түһэрэн күндүлээтилэр-маанылаатылар.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Тыа дьоно барахсаттар баалларынан-суохтарынан, ытыстарын үрдүгэр түһэрэн, туох да наһаа үчүгэйдик көрсөллөрө. ӨӨ ДДьДТ

12 этии #

Нууччалыы Записывать, фиксировать что-л. на бумаге

Этиилэр

Түһүнэн кэбис

ыксалынан ханна эмэ бар.

Решительно направиться куда-л.

  • Кинилэр, саҥа сиик түһэн эрэр кырыстаах үрэх көнө ньуурунан, сүүрүүнэн дьиэлэрин диэки түһүнэн кэбиспиттэрэ.
    Далан
  • Сиэнньэлээх Миитээ бастаан сатыы түһүнэн кэбистилэр.
    В. Миронов
Өссө холобурдар (1)
  • Уруута түһэр - уруута тэрий. Организовывать свадьбу. Халыымы кэрэйиллиэ суоҕа, уруу да түһэриллиэ.
    Болот Боотур

Хаартыскаҕа түһэр (түһэртэр)

хаартыскаҕа уһул.

Снимать в фото, фотографировать.

  • Уол оскуолатын хаартыскаҕа түһэртэрээри муҥнана сатаан кэбиспит.
    С. Данилов
  • Чөлүгэр түһэр - тугу эмэ урукку туругар төнүннэрэн, уруккутун курдук оҥор. Восстанавливать что-л., вернуть чему-л. прежний вид. Сэбиэскэй былаас Саха сиригэр дьон олоҕун урукку чөлүгэр түһэрэр.
    Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (3)
  • Марк Жирков саха музыкальнай инструменнарын чөлүгэр түһэрэр, тупсаран оҥорор баҕа санаалааҕа. ЧАИ СБМИ. Пуонда харчыта эргэ оскуоланы чөлүгэр түһэриигэ көмөлөһүө. "Кыым". Ый-хай (һуу-һаа) бөҕөнү түһэр - омуннуран айдаар-куйдаар, ыһыытаа-хаһыытаа. Поднять шум-гам, вести себя шумно. Дьэспэ [оҕус] ойон туран туора ыстанна уонна кыайтарбыт киһи быһыытынан, айаатаан ый-хай бөҕөнү түһэрэн, аллараа үрэх диэки таҥкычахтанна.
    Далан
  • Эһээ Дьөгүөр от кэбиһэн оҕону-дьахтары кытта былааһан, һуу-һаа бөҕөнү түһэрэн барда.
    М. Доҕордуурап
  • Кини онно дьон бүтүннүүтэ истэр гына ый-хай бөҕөнү түһэрэн, аккаастанан кэбиспит. "Чолбон"

«Т» буукуба