Перевод с якутского
өлөр
туохтуур
Нууччалыы зарабатывать
English to earn
Ис хоһооно · 8
1 туохтуур #
Нууччалыы зарабатывать
English to earn
2 туохтуур #
Нууччалыы зарабатывать; приобретать
English earn, gain
3 туохтуур #
Нууччалыы перерабатывать; производить
English overwork, produce
4 туохтуур #
Ким, туох эмэ тыынын быс
Нууччалыы Убить кого-л., забивать (дичь, скот и т. д.)
Хайыы-үйэҕэ өстөөхпүтүн өлөрбүппүт диэн күө налах, харабыла эҥинэ суох, утуйа сытар дьоҥҥо Тиэтэйбит кэллэ да, туох да бокуойа суох, өлөртөөбүтүнэн барда. Эрилик Эристиин Мин даҕаны дуолан тайаҕы кытта кубаны биир отууга өлөрөн, биир үтэһэҕэ үөлэн, булчут ахсааныгар киирбит үөрүү үөһүгэр сыттым Т. Сметанин
5 туохтуур #
Этиҥ хайа эмэ өттүн, чааһын эчэт, бааһырт, эмсэҕэлэт
Нууччалыы Повредить, поранить, ушибить (напр., какую-л. часть своего тела)
Илиитин өлөрбүт. Хайа хаара сууллан, өллөҕө диэн куттанным даҕаны... Хата туоххун да өлөрбөтүҥ дуо? Эрилик Эристиин - Хайа, доҕор, хараххын бу туохха өлөрдүҥ? – Ити маска таарыйтардым Амма Аччыгыйа
6 туохтуур #
Үлэлээн хамнас (харчы) ааҕыс, ыл
Нууччалыы Заработать, подработать, получить деньги
Сопхуос буолбут кэннэ оннооҕор ортоку үлэһит икки-үс мөһөөхтөн итэҕэһи өлөрбөт. Далан Хата, харчы өлөрөн эрдэҕэ! Мөһөөҕүнэн ылыа буоллаҕа, биһиги курдук уоннуу харчынан чыллырҕаппат Н. Габышев
7 туохтуур #
Бириэмэни, күнү-дьылы таах, тугу да гыммакка аһар
Нууччалыы Убивать время, допускать праздное времяпровождение, бесполезно, безрезультатно тратить время
Бириэмэ өлөрө таарыйа булчут маҕаһыыныгар киирэн харах сымнатыахха. Сорохтор курдук бириэмэни таах өлөрбөккө, Сеняҥ аны норуотун интэриэһинэн олорор
Н. Лугинов
8 этии #
Өлөрөн түһэр - мөккүөргэ хот, кыай Ити тылынан эмээхсин өлөрөн түһэрдэ. ПП Дь
Нууччалыы Сразить кого-л. (словом), выйти победителем в словесной перепалке