ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

түөрт

ахсаан, аат тыл

Нууччалыы четыре

English four

Ис хоһооно · 7

1 аат тыл #

төһө ахс. аат

2 аат тыл #

4 сыыппараны, чыыһыланы, ахсааны бэлиэтиир тыл

Нууччалыы Слово, обозначающее число, цифру

3 аат тыл #

Түөрт оҕо биир бэргэһэлээх үһү (тааб.: остуол). Сылгы түөрт ойоҕоһун кэһиилэнэн баран, Манчаары ийэтиттэн көрдөспүт. МНН. Кинилэр түөрт эрэ ый бииргэ олорбуттара. "ХС"

4 аат тыл #

Тардыы сыһыарыыланан "түөртээх, түөрт саастаах" диэн суолтаҕа туттуллар

Нууччалыы В притяжательной форме употребляется в значении "четыре года кому-л., четырёхлетний"

  • Чаппа уола, аҕыйах хонуктан бэттэх, түөртээх сур соноҕоһу айааһаан дьэргэтэн сылдьар.
    Амма Аччыгыйа
  • Улахан оҕом биэстээх, иккиһим түөрдэ.
    Эрилик Эристиин
  • Били, мин түөртээх доруобум көмөлөстө
    И. Сосин

5 аат тыл #

Оскуолаҕа "лаппа үчүгэй" ("туйгуннааҕар" эрэ намыһах) билиини бэлиэтиир сыана

Нууччалыы Школьная отметка успеваемости, означающая "хорошо", четвёрка

  • Оҕото уруһуйугар түөрдү ылбыт.
  • Ол да буоллар өйтөн суруйуубун түөркэ суруйбут этим. Софр
    Данилов

6 этии #

Нууччалыы Во время линьки у турпанов (у других уток тоже) издалека кажется, что у них четыре глаза

Этиилэр

Анды түөрт харах буолар

анды (атын да кус) саарар, түүлэнэр кэмигэр ыраахтан түөрт харахтаах курдук көстөр Анды түөрт харах буолтун истэн баран, сайыҥҥы от үлэтигэр киирэрим уонна алааһым ходуһатын саха хотуурунан аҕыйах күн тоҕо дайбаан кэбиһэрим.

  • В. Протодьяконов.

Түөрт атах буол көр атах

  • Арамаан мэйиитэ эргийэн охтон түстэ, онтон түөрт атах буолан туран иһэн, эмиэ кыайан уйуттубата.
    Ф. Софронов

Түөрт атах түс

муҥ кыраайгынан сүүр (ат туһунан).

Пускаться вскачь (о лошади).

  • Кини уксубут ата бастакынан түөрт атах түстэ. Түөрт үтүгэн миф. – Аллараа дойду, аат. Подземный мир, преисподняя. Түөрт үтүгэнинэн Түгэхтэммитэ үһү.
    П. Ойуунускай

Түөрт үүтэ-аана бүөлэммит

ханна да барар-кэлэр сирэ суох буолбут.

Быть загнанным в уго, некуда деваться.

  • Түөрт үүтүм-ааным бүөлэннэ быһыылаах диэн, олус ыксаабыт. Түөрт харахтаах хара хааннаах хара ыт үөхс. – "ара түөкүн, сиргидэх. Негодяй, подлец, гадина (одно из отборных якутских ругательств). Түөрт харахтаах хара хааннаах хара ыт, ханна сылдьара буолуой?

Түөрт харахтаах ыт

хараҕын үрдүнэн хара эбэтэр саһархай бэлиэлээх ыт.

Собака, у которой над глазами имеются два жёлтых или чёрных пятнышка.

  • Холумтан аттыгар түөрт харахтаах күөрт ыт сытар.
    Н. Якутскай

Үс (түөрт) саха

үс саха диэн курдук (көр саха).

  • Үс саха үөскүү, түөрт саха төрүү илигинэ. Саха фольк

7 этии #

Нууччалыы С брюшным жиром толщиной с четыре пальца

Этиилэр

Түөрт илии хаһалаах

түөрт тарбах халыҥа хаһалаах Сахалар сылгы көтөҕүн-эмиһин быһаарар сүрүн бэлиэлэрэ: түөрт илии хаһалаах. Түөрт муннук мат. – түөрт туочуканы холбуур сурааһыннартан турар фигура.

Четырёхугольник.

  • Оҕолоор, түөрт муннук иэнин быһаарыҥ.
  • Түөрт муннук ойуулаах симэхтэри -- килэгир сирэйдээх тимиринэн охсон таһаараллар. НБФ-МУу ОТАТ.

Түөрт сүүс

сүүһү түөртэ ылбыт саҕа ахсаан.

Четыреста.

  • Түөрт сүүстэн тахса ахсааннаах нэһилиэнньэ.; 2) кэпс. Түөрт солкуобай. Четыре рубля. Түөрт сүүһү иэс биэрбит.

Түөрт уон

отуттан уонунан ордук ахсаан.

Сорок.

  • Түөрт уон буут тахсыбыта дуу?
    Күндэ
  • Тыа солооһунугар Түөрт уонча киһини туруорары ситистэ.
    М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)
  • ДТС, тюрк. төрт, дөрт

«Т» буукуба