ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тиис

аат тыл, туохтуур

Нууччалыы стараться делать что-л. с излишней настойчивостью, упорно заниматься чем-л. в ущерб чему-л.; настойчиво добиваться чего-л

English tooth

Ис хоһооно · 6
I

1 туохтуур #

, кэпс. Туох эмэ туһата, тоҕооһо, буоссата суоҕунан улаханнык турунан туран дьарыктан, оҥоро сатаа

Нууччалыы Стараться делать что-л. с излишней настойчивостью, упорно заниматься чем-л. в ущерб чему-л.; настойчиво добиваться чего-л

  • Кырдьан баран кылыыһыт буолбут диэбиккэ дылы, оҕонньор ойох ылаары тииһэн эрдэҕин.
    А. Софронов
  • Бу бааһынаҕа турунуопус ыһар туһунан бу кыһыҥҥыттан быһаарыы баарын үрдүнэн, аны билигин бурдук ыһаары тииһэллэр. Софр. Данилов. Стёпа дуобатынан, саахыматынан тииһэн тахсар
    П. Филиппов

2 этии #

Этиилэр

Тылга тиис көр тыл

  • Эмиэ олоххо туох да сыһыана суоҕу туойан бардыгыт.

Тылга тииһэн, мээнэ

лахсыйаҕыт.

  • "Эмээхсин, хата, ону-маны ыаспайдаан тылга тииспэккэ сытыарда", - дии санаан, оҕонньор утуйардыы оҥостон -- улаҕа диэки хайыста.
    П. Аввакумов
  • Кураанаҕы мээрилээҥҥин киһини салгытаҕын. Эн тоҕо тылга тииһэҕин ити? ЫДЫа. Ср. туркм. дызамак ʻрваться; напирать; стремиться, стараться, прилагать усилияʼ, каракалп. тийгизиу ʻдостатьʼ
III

3 аат тыл #

Киһи-сүөһү, кыыл аһыырыгар быһа ытырарга, илдьи ыстыырга аналлаах айах иһигэр үөһээ, аллараа сыҥаахтарга үүнэр уҥуохтуҥу уорган

Нууччалыы Зуб. Кэлин тиис. Аҕата күлэн, кэтит тиистэрэ килбэҥнэһэллэр. Амма Аччыгыйа. Өлүү этин, быһахтаммакка, тииһинэн сиэбитэ. Күннүк Уурастыырап. Сүөһү аһылыгын айаҕын иһигэр тииһинэн илдьи ыстыыр уонна кэбинэр. СИиТ. Тиистэр - биһиги организммыт саамай кытаанах чаастара. МЛФ АҮө 197

  • көр тииһин. Кэһии бөҕөттөн тииспэтэх Мин эрэйдээх, өлгөм үптэн Өлүүлэммэтэх -- Уһун сордоох Мин баарбын.
    С. Зверев
  • Үйэлээх сааһыҥ тухары үпкэ-аска тииһиэҥ суоҕа. Умнаһыт олохтонуоҥ, кыһалҕаҕа кыпчыттарыаҥ. Софр. Данилов. [Уочаракка] киһи туох эмэ аска тииһиэр дылы турар. Эрилик Эристиин

4 аат тыл #

Массыына араас чаастарыгар баар, эбэтэр үнүстүрүмүөн, үлэ тэрилин биир тэҥник кэккэлэччи олордуллубут сытыы уһуктаах чаастарын биир уһуга

Нууччалыы Зубья на различных механизмах, инструментах, орудиях труда, зубец. [Уус Миитэрэй] соторутааҕыта "Москвич" массыына шестерёнкатын аҕыс тииһэ үлтүрүйбүтүн оҥорон турардаах

  • Эрбии тииһин анныттан үрүҥ көөбүл ыһылынна.
    М. Доҕордуурап
  • Миитэрэпээн оҕонньор дьиэтин тиэргэнигэр олорон кыраабылга саҥа тииһи угар, ытаһалаан чапчыйар.
    ХС
  • Бу диискэ тииһин көрөн кэбиһиҥ, тугу да быһа түспэт буола элэйэн хаалбыт
    Кыым

5 этии #

Нууччалыы Лишённое растительности, голое место (букв. нет даже зубочистки)

Этиилэр

Көтүрдэр тииһим миилэтэ, көрдөр хараҕым дьүккэтэ көр көрдөр

Бүгүн соҕотох оҕото Мэхээчэтэ барахсан, көрдөр хараҕын дьүккэтэ, көтүрдэр тииһин миилэтэ, -- улуу сорукка барда. П. Ойуунускай. Көрдөр харахтарын дьүккэтэ, Көтүрдэр тиистэрин миилэтэ, Көмүс чыычаахтара, Илэ бэйэтинэн, Бу кэлэн турар эбит. С. Васильев. Ийэлээх аҕата көрдөр харахтарын дьүккэтин, көтүрдэр тиистэрин миилэтин, Саатыыры олус харыстаан ииппиттэр. Н. Якутскай. Тиис анньар (анньынар) мас суох (көстүбэт) - 1) мас букатын үүммэтэх (сирэ) Биир даҕаны тиис анньар мас ханан даҕаны сэрбэйбэтэх сирэ буолан биэрдэ. ДАЛ ТДДь. Үс сыл иһигэр холкуос урут тиис анньар маһа суох кырдал хонуу үрдүгэр бүтүн бөһүөлэги туруора тарта. И. Аргунов. Бу үлүгэрдээх киэҥ сиртэн, -- эн тиис да анньынар маһы булбаккын. "ХС"; 2) уокка оттор мас бүппүт.

Совершенно нет дров.

  • Оһох кэннигэр мас баар буолаарай диэн харбыалаан көрбүтүм, тиис да анньар мас көстүбэтэ.
    Н. Неустроев
  • [Эмээхсин:] Ол кыс маһыгар биир тиис анньар маһа суох үһү.
    Суорун Омоллоон
Өссө холобурдар (3)
  • Бэйэтин тиэргэнигэр тиис анньыныах мас көстүбэт.
    И. Егоров
  • Тиис бэргэһэтэ оҥоһун - кими эмэ көр-күлүү оҥоһун. Сделать кого-л. мишенью для насмешек, ругани (букв. сделать шапку для зуба). Бэйэтин даҕаны [Харытыананы] ким сүрэҕэлдьээбэтэх эрэ бука барылара атах тэпсиитэ, илии соттуута, тиис бэргэһэтэ оҥостоллоро.
    П. Ойуунускай
  • Тиискин көрдөр - кимиэхэ эмэ өһүөннэн, кырыктан, харда биэрэргэ бэлэм сырыт. соотв. показывать зубы кому-л. Тэҥн. тииһин килэттэ. Мафиялар курууппалара бэйэ-бэйэлэрин икки ардыларыгар тиистэрин көрдөрө сылдьаллар. "Саха сирэ".

Тиискин сытыылан

- кими эмэ кытта аахсарга бэлэмнэн, оҥосто сырыт.

соотв. точить зубы на кого-л.

  • Манна биһигиттэн ордук ыанньыксыт тахсыыһы диэн, ону хадьырытаарылар тиистэрин сытыыланан, тааллара кырыыланан сылдьаллар.
    М. Доҕордуурап
  • Тиискинэн сүөр - ыарахан балаһыанньаланан баран онтон бэйэҥ булан таҕыс, куот, бэйэҥ төлөрүтүн. соотв. расхлебывать кашу, которую сам заварил. Таһаҕас таһыытын хойутатан, оннук баһаам уопсастыба баайын ардахха ыллардаххытына, ол дьыаланы тиискитинэн сүөрүөххүт. Ону эн өйдөө.
    Күндэ
Өссө холобурдар (1)
  • Туох да диэн куоппаккын, хайаан да бар, соттор, бэйэҥ оҥорбуккун тиискинэн сүөр.
    А. Сыромятникова

Тиискэр тиийэ (диэри, дылы) сэбилэн

- олус үчүгэйдик, күүстээхтик, толору сэбилэн.

соотв. вооружаться до зубов.

  • Тиистэригэр тиийэ сэбилэммит ньиэмэстэр сүүс сэттэ уон дивизиялара биһиги дойдубутугар быраҕыллыбыттара. Софр. Данилов. Бронепоездка тиистэригэр диэри сэбилэммит тыһыынча саллаат баара.
    В. Чичков
  • Тиистэригэр тиийэ сэбилэммит ньиэмэстэр кыракый дэриэбинэни төгүрүктээн кэбиспиттэрэ.
    ХС
Өссө холобурдар (13)
  • Тиис тиискэ, хаан хааҥҥа - муос муоска, тиис тиискэ, туйах туйахха диэн курдук (көр муос I). [Дьүөгэ Дьөгүөр:] Атыыр оҕустан иккитэ тириитин устубаттар, тиис тиискэ, хаан хааҥҥа буолуоҕа...
    П. Ойуунускай
  • [Василий Петров:] Уҥа иэдэскин оҕустахтарына хаҥас иэдэскин -- тоһуйан биэримэ, тиис тиискэ, хаан хааҥҥа диибит.
    П. Ойуунускай
  • Тиис тиискэ, муос муоска - муос муоска, тиис тиискэ, туйах туйахха диэн курдук (көр муос I). Кинилэр диэтэх дьон Кэлбиттэрин иһин, Тиис тиискэ, муос муоска, туйах туйахха буоллаҕына... Окко түспүт оҥоһуубут Тугунан олохтообута - Ол билиэ этэ буоллаҕа дии, ноколоор.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Бу быһылаан - өлүү үйэтигэр өргөстөөх үҥүүнү өрө туппут ол өрөгөйдүүр -- диэн санааҕа кэлбитэ кини. Тиис тиискэ, муос муоска!
    Далан
  • Тиис тоһоҕос, быар быһаҕас - быар быһаҕас, тиис тоһоҕос диэн курдук (көр быар). Күүһэ суох киһини тиис тоһоҕос, быар быһаҕас диэн ааттыыллар. Оннук киһи үлэни кыайбат. АЛА СБ. Тиис-тыҥырах тиийэринэн (тиийиэҕинэн) - төһө кыалларынан, кыаҕа баарынан. Изо всех сил. Быйыл соҕотоҕун оттоон, тиис-тыҥырах тиийэринэн муҥнанна.
  • Кинилэр тиистэрэ-тыҥырахтара тиийэринэн саҥа былааһы самнара сатыыллар.
    Н. Түгүнүүрэп
  • Баайдар уонна муллалар көс дьон урукку абыычайдарын тиистэрэ-тыҥырахтара тиийэринэн араҥаччылыыллар. БТТ. Тиискин-тыҥыраххын көрдөр - куһаҕан майгыгын-сигилигин көрдөр, майгыҥ мөкү өрүтүн биллэр. Проявлять свой дурной нрав, показывать свой возмутительный характер (букв. показывать свои зубы - ногти). Кийиит хара маҥнайгы күнүттэн бадьатыгар тииһин-тыҥыраҕын көрдөрбүтүнэн барбатаҕа. Агидель к. Тиис хоппот кэпс. - кыах таһынан, кыаллыбат, кыайтарбат. соотв. не по зубам. [Эгиновы] туоратыахтарын баҕарааччылар бааллар ахан да, тиистэрэ хоппот буолан, кыбдьырына-кыбдьырына, туора хааман биэрэ сылдьаллар.
    П. Аввакумов
  • Москубаны өстөөх тииһэ хоппотох.
    ХС
  • Дьиҥэр, кыра киһи, улахаттары тииһэ хоппот буолан, сэнээбиттии, кыра эрэ диэн, кыайар дьонугар дьорҕоотурар үгэстээх.
    ХС
  • Тииһигэр түһэрдэ кэпс. - сөбүлэспэккэ хадьардаһан, утарылаһан турда. Встречать возражением, противоречить, становиться в позу. Аҕамсыйбыт нуучча Микиитэни билинэ оҕуста: "Биһиэнэ!" - диэтэ кини, тымныыга кэһиэҕирбит куолаһынан. - Тииһигэр эрэ түһэрэн ылла буолбат дуо?
    Амма Аччыгыйа
  • Мин кинилэри -- тииспэр түһэрэн, хадьардаһан иһэр буоларым.
    М. Горькай
  • Тииһин килэттэ - кимиэхэ эмэ суоһурҕанна, өһүөннээхтик сыһыаннаста. Угрожать, проявлять к кому-л. враждебность, показывать зубы (букв. обнажать зубы). "Үөрэхтээх киһини Ыларовы хоппокко гынан баран, тиискин биһиэхэ, үөрэҕэ суох дьоҥҥо, килэтимэ!" - диэн баран, Хабыкка Слепцов, үтүлүктээх бэргэһэтин ылан, таһырдьа үллэкис гынан хаалбыта.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Бу кэмҥэ үрүҥнэр онон-манан быгыаласпыттар. Өһү-сааһы ситиһэргэ урут кистэммит тиистэрин аһаҕастык килэппитинэн барбыттар.
    ХС

Тииһин сытыылыыр

- кими эмэ кытта тугу эмэ аахсарга бэлэмнэнэр, күүһүн түмүнэр.

соотв. точить зубы на кого-л.

  • Кэнники наар миэхэ тииһин сытыылыыр буолла. НАГ ЯРФС II. Тииһинэн сиэбит - чэпчэки, харчылаах үлэни үлэлээн туһаммыт, абыраммыт. Подфартить на лёгкой, но хорошо оплачиваемой работе. Баһылай оҥкучах хаһарга наймыласпыт. Буора кумах, улахан харчыны тииһинэн сиэбит. ГНС СТСДТ. (Миигинэн) тииһиҥ сааҕын сууйума (суунума) көр миигинэн. Оттон таах тииһиҥ сааҕын сууйан ыйыппат, истээри сүбэлэтэр буоллаххына, сүбэлиэм даҕаны.
    Суорун Омоллоон
  • Мытаха ыт, кэм да эн биһигинэн тииһиҥ сааҕын суунан эрдэҕиҥ...
    А. Фёдоров
Өссө холобурдар (3)
  • Төһө да быыпсай буолларгын, миигинэн тииһиҥ сааҕын сууйума.
    Болот Боотур
  • Тииһэ тииһигэр ыпсыбат - дэлби дьагдьайбыт, улаханнык тоҥмут. соотв. зуб на зуб не попадает. Мин илиилэрим тугу да туппаттар. Тииһим тииспэр ыпсыбат.
    Р. Кулаковскай
  • Титирээтим, тииһим тииспэр ыпсыбат. М. Попов

6 этии #

Тиистээх балык зоол. - кыра балыгы тутан сиир сиэмэх балыктар ааттара (хол., сордоҥ, бил) Дьарҕаа, тиистээх балыктарга анаан тус-туһунан күөгүлэри бэйэтэ оҥостор. Н. Заболоцкай

Нууччалыы Название хищных рыб (напр., щука, таймень)

«Т» буукуба