ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

эккирэт

туохтуур

Нууччалыы гоняться, пускаться в погоню за кем-чем-л., следовать за кем-л

English to cause to jump

1 туохтуур #

Куотан иһэри кэнниттэн сырыс, сүүр

Нууччалыы Гоняться, пускаться в погоню за кем-чем-л., следовать за кем-л

  • Кырдьаҕас ыт дьонун эккирэтэн, муҥунан маҕыйыктанан ааста.
    Амма Аччыгыйа
  • "Миигин эккирэтэн иһэр буоллахтараһ, – диэн, Сүөдэр ынах ханнын курдук сымара таас күлүгэр түһэн, маһы-оту быыһынан суолу одуулаһа сытар.
    Н. Якутскай
  • Мин санаабар, үлэ түмүгүн үөрүүтэ үрдүк буолуохтаах. Наар түмүгү эккирэтэн, түмүгүҥ интэриэһинэн олороҕун ээ.
    Н. Лугинов
Өссө холобурдар (1)
  • Мэнээк тупсарыы идиэйэтин эккирэтэн, түбэһиэх уларыттаххына, бөдөҥ тэрилтэлэр былааннарын түөрэҥнэтэр айдааны тоҕо тардаҕын
    ХС

2 туохтуур #

Абааһы көрөн, өһөөн сойуолаа

Нууччалыы Преследовать, травить кого-л. (из чувства неприязни)

  • "Соруйан атаҕастаан эккирэтэллэрһ, – диэн маҥнай уордайа, абалана санаата.
    П. Ойуунускай
  • Кылбановскай Болот Борисовиһы сүгүн үлэлэппэт, эккирэтэр, үлэттэн үлэҕэ көһөрөр, сорудахтарынан симэр, мэһэйдиир.
    В. Яковлев
  • Ср. ДТС секирт 'заставить скакать, прыгать; пускать вскачь'

«Э» буукуба