ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

бат

туохтуур

Нууччалыы умещаться, помещаться, в чем-л

English to drive out, to expel, to deny

Ис хоһооно · 6
I

1 туохтуур #

Туохха да иҥнибэккэ бүтүннүү киир, сөп буол

Нууччалыы Умещаться, помещаться, в чем-л

  • Ураһабыт кырата бэрт буолан, аҥарбыт эрэ батта.
    А. Софронов
  • Боолдьох бүрүөһүннээх аан тиэрэ баран хааларын кытта ааҥҥа дьон баппакка, кырыы-кырыыларынан симсэн турдулар
    Эрилик Эристиин

2 туохтуур #

Дьону кытта табыс, эйэлээх буол (үксүн буолб. ф-ҕа тут-лар)

Нууччалыы Уживаться, ладить с людьми (преимущественно употр. в отриц. ф.)

  • Маппыр реальнай училищеҕа сүгүн үөрэммэккэ, батан сылдьыбакка, училищеттан үүрүллүбүтэ.
    Л. Попов
  • Уолбутун хайдах эрэ гыныах, манна батан сатаан сылдьарыттан ааста.
    Далан
  • Дима баппат, өһөс-чоҕой киһинэн аатыра сырыттаҕа ити дии
    С. Никифоров
II

3 туохтуур #

Тугу эмэ (хол., суолу, үрэҕи уо. д. а.) батыс, батыһа бар

Нууччалыы Следовать за чем-л., идти вдоль чего-л

  • Сүтэрэн кэбиһэ-кэбиһэ, бэрт эрэйинэн ирдээн, аттар суолларын баттылар.
    Болот Боотур
  • Баччаҕа үрэҕи батан сордоҥ бэркэ тахсааччы.
    И. Гоголев
  • Биһиги кыараҕас үрүйэни батан, Чыыстайы арыый аҕай таҥнары түһэн дьүккүтэ турбуппут.
    Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (3)
  • 2 Тугу эмэ анаан-минээн көрдөөн кэрийэ бар. Θ В поисках чего-л. следовать за чем-л. [Өксүүнньэ:] Чэ, сөп, ынахтар тэллэйи бата сырыттахтара.
    Күндэ
  • Чубуку аһылыктаах сири батар.
    И. Гоголев
  • Арыт дьиҥ француз сиэринэн, Бардары, кафены батабын
    С. Данилов
III

4 туохтуур #

, кэпс. Көрдөһүүнү ылыныма, аккаастаан кэбис

Нууччалыы Отвергать просьбу, не соглашаться, отказать

  • Үнүр Ааныс сиилэс кирилиэһин абырахтыы түһэн кулу, абыраа диэбитин, кыккыраччы батан кэбиспитим.
    Н. Заболоцкай
  • Чэ, ол да буоллар батан кэбиһиэм дуо, эдэр быраатым хайдах киһитин билэ таарыйа тустан көрүөм буоллаҕа. “
    Чолбон
IV

5 туохтуур #

Хаан урууларгыттан кимиэхэ эрэ тугунан эмэ маарынныыр буол

Нууччалыы Походить на кого-л. из родственников

  • Ийэтин баппыт. Эһэтин баппыт.
  • Эн дьэбир да киһигин: кими батан итиччэ кытаанаҕыҥ эбитэй.
    Н. Лугинов
  • Аҕаҕын баппатах эрдьигэн эбиккин
    Кэпсээннэр
V

6 туохтуур #

Сап, буоһат (атыыр оҕуска, атыыр сылгыга сыһыаннаах)

Нууччалыы Стараться, осуществить случку (о жеребце или быке)

  • Ынаҕы батан көрбөтөх, Тутум атахтаах, Туора муостаах Луо-бээгэй оҕустаах
    П. Ойуунускай

«Б» буукуба