Перевод с якутского
ирдээ
туохтуур
Нууччалыы искать целенаправленно (основательно, тщательно); выслеживать
English (hunting) to track down
1 туохтуур #
Кими, тугу эмэ булардыы сорунан көрдөө; суолунан батыһан эккирэт
Нууччалыы Искать целенаправленно (основательно, тщательно); выслеживать (напр., зверя по следу)
Сэрэйдэхпинэ, ийэ саһыл оҕолорун суохтаан, мин суолбун ирдээн кэлбит быһыылааҕа.
Суорун ОмоллоонОнтон кытыыга тахсыбыт кус оҕолорун [эһэ] ирдээн, барытын тутан ылан, хоту диэки төбөлөрүн наардаан сиргэ кэккэлэтэ уурталыыр. Болот Боотур "Кыһыллары кытта Сүөдэр уола кэлсибит, куоракка баар үһү, көрсөрүм буоллар... " – диэн, хайдах эрэ кинини ирдии сылдьар курдук тылласпыта. Н. Якутскай
Өссө холобурдар (1)
Ыт күрүөйэхтэри, үспүйүөннэри атахтарын суолунан ирдээн тутар Г. Угаров
2 туохтуур #
Иэстээн, төлөтөн, көрдөөн ыл
Нууччалыы Требовать возврата долга, востребовать долг
Өлбүтүн истэн баран: "Дьонуттан баайы ирдиэххэ баар", – диэтэ. Н. Заболоцкай Көлөһүҥҥүн суут ирдээн биэртэ, төлөтүө! А. Сыромятникова [Атыыһыт] аҕыйах манньыатынан тыын салҕаныах айылаах, күн тура-тура иэстэрин ирдээн, тэлиэгэлээх атынан куораты биир гына айаннатан таҥкынатара
Н. Лугинов
3 туохтуур #
Тугу эмэ халбаҥнаабакка толорору модьуй
Нууччалыы Потребовать, затребовать
Саҥа Конституция экономиканы салайыы миэтэтин, истиилин өрүүтүн лаппа тупсаран, сайыннаран иһиини ирдиир. ФММ ДьКС. Борогууллааччылары уонна сүрэҕэ суохтары саатынан-суутунан хоруотууртан, кинилэр үлэҕэ чиэһинэйэ суохтук сыһыаннаһалларын иһин кытаанахтык -- ирдииртэн кыбыстымыахха наада. Л. Брежнев Ср. казах. ер ‘следовать за кем-л. ’