ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

чинчий

туохтуур

Нууччалыы изучать; расследовать

English (sciences) to research, to study, to investigate

Ис хоһооно · 5

1 туохтуур #

Нууччалыы изучать; расследовать

English (sciences) to research, to study, to investigate

  • норуот олоҕун сайдыытын чинчий
    исследовать, как живёт народto investigate the development of the life of the people
  • уу састаабын чинчий
    изучать состав водыto study the composition of water

2 туохтуур #

Нууччалыы узнавать; определять

English to recognize, to determine

  • ыарыыны чинчий
    определить болезньto identify the disease

3 туохтуур #

Кими-тугу кичэллээхтик болҕойон, сылыктыырдыы көр-иһит

Нууччалыы Внимательно, изучающе осматривать кого-что-л

  • Аны чинчийэн көрөн баран эттэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Кинини аһаҕастык чинчийэр, билгэлиир, үөрэтэр харахтартан толло симитиннэ.
    Н. Лугинов
  • Тула хааман кунгааһын чинчийдэ.
    Н. Габышев
Өссө холобурдар (1)
  • Тэлгэһэтин тула хааман, аан бастаан сирин-дойдутун чинчийдэ
    ХС

4 туохтуур #

Тугу эмэ наука ирдэбиллэригэр олоҕуран үөрэт, ырыт

Нууччалыы Подвергать что-л. научному изучению, исследовать

  • Манна сир баайын чинчийэр уонча киһилээх эспэдииссийэ сылдьар.
    Т. Сметанин
  • Саха тылын мындырдаан чинчийбиттэр кини аһара баайын, ойуулуур-дьүһүннүүр тыла эгэлгэтин уһулуччу тутан бэлиэтээн тураллар. СТЫМ. Кэлин, улаатан, куоракка үөрэнэ киирбитэ. Чинчийэр үлэнэн, науканан дьарыктаммыт этэ
    Б. Павлов

5 туохтуур #

Ханнык эмэ чинчинэн, көрдөрүүнэн тугу эмэ (хол., ыарыыны) быһаар, бил

Нууччалыы Произвести проверку чего-л., ряд наблюдений над кем-чем-л., обследовать

  • Быаргар таас үөскээбитэ дуу, үөһүҥ тахсар сирэ бүөлэммитэ дуу – чинчийэн, быһааран, эппэрээссийэлиэхпит. Софр. Данилов. Хаанын ылан чинчийиллиэ.
    Н. Заболоцкай
  • Оттон быраас үчүгэйдик чинчийэн көрдө.
    М. Доҕордуурап
  • Ср. ДТС йинди ʽискатьʼ

«Ч» буукуба