Перевод с якутского
холоо
туохтуур
Нууччалыы уподоблять кого-что-л. кому-чему-л., сравнивать
English to determine
Ис хоһооно · 5
1 туохтуур #
Кими, тугу эмэ кимиэхэ, туохха эмэ тэҥнээ, майгыннат
Нууччалыы Уподоблять кого-что-л. кому-чему-л., сравнивать
Киһи оҕо сааһын сарсыардаҕа, ситэр сааһын күнүскэ (күөгэйэр күнүгэр), оттон кырдьыытын киэһэҕэ холууллар. Саха фольк Дойдутугар тахсарыгар, уруккутугар холоон, мунду бөҕөнү сиэм диэн саныыра, хата, биир мунду баһын хампы ыстаабатаҕа. Н. Якутскай Ээ, биһиги дьоммут тэллэйи аанньа билэ иликтэр, улахан аска холооботтор Е. Неймохов
2 туохтуур #
Тугу эмэ быһа холуйан, барыллаан кэмнээ, быһаар, холуй
Нууччалыы Определять что-л. приблизительно, прикидывать
Хотону саамай улааттаҕына, икки сүүс ынахха холоон тутуоҕуҥ. В. Титов Биирдэ сиэнэ ыйытта: "Эһээ, ити тоҕо балыккын мунньаҕын, бэйэбит эрэ тоторбутун холоон буһарыаххын?". КФА СБ. Убаҕаһы утах ханарынан холоон иһиэххэ наада. Дьиэ к
3 туохтуур #
Тугу эмэ тургутан көр, сибикилээ, билгэлээ
Нууччалыы Пробовать, оценивать что-л. [Булчут хаары] Сөмүйэтинэн оймоото – Суоллара тоҥо илик, Билгэлээн көрдө, холоото – Сүүрэ туртар тус илин
Эллэй. [Ходоров] хайдахтаах да уустук бырайыагы маҥнай толкуйдаан, холоон, ыараҥнатан көрөн баран, бырайыак сүрүн оҥкулун начаас курдурҕаччы оҥорон кэбиһэр.
Н. ЛугиновОмурҕанныы тохтуубун, Охсор сирбин холуубун А. Бродников
4 этии #
Нууччалыы Ни во что не ставить кого-что-л. (букв. переносице своей даже не уподобляет (не даёт задерживать)). [Лэкиэс:] Чэ, аныгы киһи санаата уларыйбыта, тугу да хоҥоруутугар холообот буолта сүрдээх
Этиилэр
Кумаар да сиэбитигэр (ытырбытыгар) холообот көр кумаар
Икки саалаах кииртим. Биир куһаҕан булгу тутуунан үс төгүл ыттым даҕаны, кумаар да сиэбитигэр холообото. Багдарыын Сүлбэ.
Өлөрү утуйарга холоо көр өл I
Дьон-норуот туһугар Эрэйин дьолго солбуйбута, Өлөрүн утуйарга холообута. С. Зверев Күтүр дойду көлдьүнэ Аймаан-алдьатан баартын Ситиһэр иннигэр, Өлөрбүн даҕаны Утуйарга холуом!
Суорун Омоллоон
Хоҥоруутугар холообот (хоннорбот)
кими, тугу эмэ аанньа ахтыбат, ахсарбат, туохха да уурбат А.
Софронов. "Кэһэйдин, тугу да хоҥоруутугар холообот", – Пуд Ильич сэтэриир. Далан
5 этии #
Нууччалыы соотв. определять что-л. на глаз
Этиилэр
Быһа холоон көр быһа I
Сахалыы добдугураччы ааҕара, нууччалыы даҕаны быһа холоон сурук ис хоһоонун син өйдүүрэ. Софр. Данилов. Утуйуон иннинэ эһэ көннөрү бириэмэтээҕэр быһа холоон үс төгүл элбэҕи аһыыр, түөрт уонтан тахса киилэ сыаны мунньунар. ЭБЭДьА.
Хараҕынан холоо
тугу эмэ көрөҥҥүн барыллаан, быһа холуйан быһаар Кыһыахтаах чороонум быһыытын-тутуутун барыллаан, илиибэр ылан, тэйитэ-тэйитэ харахпынан холоотум.
Кыылы уонна хоруолугу иитэр научнай-чинчийэр институт сүбэтинэн хаһаайыстыба усулуобуйатыгар аһылык сыатын хараҕынан холуохха сөп. БЗИ СА
Холоон көр
кими, тугу эмэ тургутан көр, бэрэбиэркэлээ, боруобалаа.
Пробовать, испытывать кого-что-л.
[Оҕонньор:] Нойоон, төһө хоһууҥҥун, хапсаҕайгын уонна быһыйгын мин холоон көрүөм. Саха фольк [Дьээбикин:] Бэртэр кэлбит буоллаххытына, тоҕус ох сиртэн туран ыта холоон көрүҥ. Н. Габышев
Өссө холобурдар (1)
Дьоннор улахан күүстээх киһи кистэнэ сылдьар быһыылаах диэн уорбалаан, киһилэрин холоон көрөргө сүбэлэспиттэр. "Чолбон"