ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

бэрэбиэркэлээ

туохтуур

Нууччалыы проверять

туохтуур

Туох эмэ сөптөөҕүн көрөн-истэн итэҕэй, чахчытын бил; тугу эмэ хонтуруоллуур сыаллаах көр-иһит

Нууччалыы Проверять

  • "Миигин үлэҕэ ситэ ыла иликтэр ээ. Бэрэбиэркэлээн баран ылыахтара үһү", - Баланцев, ханньаччы туттан, толоостук мичээрдээтэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Бэрт өр сылдьан, чособуойдары уонна дозуордары бэрэбиэркэлээбиппит.
    Н. Якутскай
  • Олохтоон бэрэбиэркэлээн баран, гипотезаттан эбэтэр аккаастаналлар, эбэтэр кинини бигэргэтэллэр, бигэргэтилиннэҕинэ, гипотеза түөрүйэҕэ кубулуйар. ДИМ. Былааннаах сорудахтары толорууну бэрэбиэркэлиир
    ЭБТ

«Б» буукуба