ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тэҥнээ

туохтуур

Нууччалыы устанавливать черты сходства или различия, сравнивать, сопоставлять кого-что-л.; сопоставлять одно с другим для проверки, сличать, сверять

Ис хоһооно · 5

1 туохтуур #

Кими, тугу эмэ сэргэ тутан майгыннаһар эбэтэр уратылаһар өрүттэрин быһаар; туохтары эмэ бэрэбиэркэлээн тэ-ҥнэрин, уратыларын бул

Нууччалыы Устанавливать черты сходства или различия, сравнивать, сопоставлять кого-что-л.; сопоставлять одно с другим для проверки, сличать, сверять

  • Мунньахпыт итинтэн сылтаан уруккуну билиҥҥи сайдыыга тэҥнээн көрөн бэртээхэй кэпсэтиинэн түмүктэммитэ.
    Н. Лугинов
  • Өрүс уҥуор баар өстөөх оборонатын бүнүөкүлүнэн, стереотрубанан көрө-көрө, хаартаҕа тэҥниибит.
    Т. Сметанин
  • Үөрэнээччи уруокка көхтөөхтүк кыттан, ыйытан, мөккүһэн, дакаастаан, тэҥнээн, сөптөөх түмүккэ бэйэтэ тиийэ үөрэнэр
    КИИ МКТТҮө

2 туохтуур #

Тугу эмэ атын тугу эмэ кытта тэҥ буоларын курдук оҥор; кими, тугу эмэ туохха эмэ холоо, майгыннат

Нууччалыы Сделать что-л. равным, одинаковым с чем-л., уравнивать в чём-л.; образно уподоблять, сравнивать кого-что-л. с чем-л

  • Кыыс оҕону -- ханнык баҕарар омук күҥҥэ тэҥниир, сибэккигэ, кубаҕа, кыталыкка, күөрэгэйгэ холоон хоһуйар.
    Суорун Омоллоон
  • Киһини күндү тааска эбэтэр өстүөкүлэҕэ тэҥниир түктэри.
    Н. Лугинов
  • Ыстыыкка тэҥниирбит ырыаны Сэриилээх, буурҕалаах ыар дьылга...
    Баал Хабырыыс
Өссө холобурдар (2)
  • [Настаа:] Аан бастаан дьахтар быраабын тэҥниэххэ, дьахтары үөрэтиэххэ.
    ХС
  • Ыйааһыны тэҥнииргэ ыйааһын атын чааскытыгар кыра киирэлэри уурарга тиийиллэр
    ПАВ Ф-6

3 туохтуур #

Тугу эмэ көннөрөн, дэхсилээн тэҥ ньуурдаах гына оҥор

Нууччалыы Делать ровным, выравнивать, сглаживать что-л

  • Охсуох иннинэ хотууру, кылаанын тэҥнээри, хататтыыр ордук. ПАЕ ОСС. Оҥхойо, дьаамата суох буолар гына сири тэҥнээн бэриллиэхтээх
    ЧМА МУХСҮү

4 этии #

Нууччалыы соотв. сровнять что-л. с землёй

Этиилэр

Атаҕын тэҥнээ көр атах

  • Бандьыыттары бэйэлэрин атахтарын тэҥниэххэ.

Атаҕын тэҥнээбит көр атах

  • Кырдьыга, атаҕын тэҥниэх киһини сарсыҥҥытыгар луохтуур кэлэн өрүһүйдэ.
    Суорун Омоллоон
  • Киһитэ күнүскэ тиийбэккэ атаҕын тэҥнээбит.
    Далан

Сири кытта тэҥнээбит

тугу эмэ туох да хаалбат гына имири эс, урусхаллаа, суох оҥор Аҕал миэхэ тааҥката – Аҕал ыстаал хахайда – Сидьиҥ ньиэмэс кириэппэһин Сири кытта тэҥниэхпин!

  • [Римляннар] Коринф куораты урусхаллаан сири кытта тэҥнээбиттэрэ. КФП БАаДИ

5 этии #

Тэҥнээн көрүү көр көрүү. Үгэҕэ тэҥнээн көрүү, кэпсэтии, сүөргү майгы, көр-күлүү үгүс буолааччы. ВГМ НСПТ

«Т» буукуба